Аҕабыт суруна сылдьыбыт блокнотун ааҕа олорон…

Сэрии, үлэ бэтэрээнэ, тапталлаах аҕабыт, эһээбит Степанов Прокопий Афанасьевич дьоһуннаах олоҕу олорон, 2023 с. сэтинньи 14 күнүгэр биһиги кэккэбититтэн букатыннаахтык барбыта.

Билигин кини олоҕун оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салгыыллар. Бүгүҥҥү үөрүүлээх, долгутуулаах күҥҥэ күндү киһибитин ахтан-санаан ааһар, кини аатын үйэтитэр, бойобуой сырыыларын, олоххо көрүүлэрин, үлэтин-хамнаһын оҕолорбутугар билиһиннэрэр, кэпсиир биһиги ытык иэспит.

Аҕабыт суруйан хаалларбыт «Дьылҕам бэлэҕэ, аргыстаах аартык» диэн кинигэтигэр саллаат олоххо сыһыанын, дьиэ кэргэҥҥэ иитии суолтатын, идэни таба талыы, ыарахан кэмҥэ тулуурдаах буолуу, Ийэ дойдуга таптал,  кыайыыга дьулуур, тулуур тулхадыйбат модун санаа кыайыыга сирдиир күүһүн арылхайдык арыйар.

Хомойуох иһин, аҕабыт бэйэтин күүһүнэн, кыаҕынан таһааттарбыт кинигэлэрэ —  «Саллаат алгыһа» (2010), «Дьылҕам бэлэҕэ, алгыстаах аартык» (2015), звуковой  альбом анал бырагырааманан холбонор, Кыайыы 75 сыллаах үбүлүөйүн көрсө «Кыайыы сырдык дьаралыга» (2020) , 100 сааһын көрсө «Ытык саас — дьоллоох киһи тускула» (2022) альбома аҕыйах ахсаанынан бэчээттэнэн тахсыбыттара. Бу маны билигин барытын бииргэ хомуйан, аҕабын архыыбын үөрэтэн  биир улахан кинигэ гыммыт киһи диэн баҕа санаалаахпыт.

Аҕабыт  анал блокнокка санааларын, күннээҕи дьарыгы, үлэни-хамнаһы сурунан, бэлиэтэнэн иһэр идэлээҕэ.

Ол курдук, блокнотугар 1985 с «Пускай останется после тебя на Земле не богатство, а деревцо» диэн суруйбутун  долгуйа ааҕабын. Үйэтитии, ыччаты патриотическай иитиигэ ылсан да үлэлээбиттэр эбит —  биһиги аҕа көлүөнэбит. Бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ буолан аҕабыт Прокопий Афанасьевич Сиэйэҕэ нэһилиэк дьонун, тэрилтэлэрин кытта элбэх үлэни ыытан Кыайыы мемориалын оҥорбуттар. 1998 с. мемориал тутуутугар, былаһааккатын оҥорууга, тутууга үбү хомуйарга анал дьаһал таһаараннар, усунуос харчытын 100 солк. быһаннар, нэһилиэнньэ мунньаҕынан бигэргэтиллэн, билигин да дьону-сэргэни түмэр Ытык сирбитин бэтэрээннэр туппуттар. Манна нэһилиэк талааннаах эдэр ыччатын тардыбыттар, ол сүҥкэннээхэй скульптурнай үлэни Сиэйэттэн төрүттээх, биллиилээх муосчут Константин Мамонтов оҥорбут. «Кыайыы мемориалын уҥа өттүгэр саха саллаатын барельебын оҥорорбор эһиги аҕаҕыт мэлдьи кэлэн көрөн барара, сүбэлиирэ. Ол иһин ити саллаат аҕаҕыт уобараһыттан оҥоһуллубута” диэн РФ үтүөлээх худуоһунньуга, СӨ искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ Константин Меркурьевич ахтан, этэн турар. Кэм кэрдии ыраатан, мемориал билигин атын көстүүлээх турар. Ону Кыайыы 80 сыллаах үбүлүөйүн көрсө саҥардан реставрацияланара буоллар историческай, иитэр-үөрэтэр күүһэ ордук чаҕылхайдык көстүө этэ диэн Сунтаар улууһун бэтэрээннэрин Сэбиэтигэр бэйэм баҕа санаабын тириэрдэбин.

Аҕабыт блокнотугар «2001 с. ыам ыйын 9 күнүгэр Сунтаар улууһугар  73 сэрии бэтэрээнэ баарбыт» диэн суруйбут. «2013 с.ыам ыйын 22 күнүгэр сааскы Ньукуолуҥҥа хаар түстэ» диэн бэлиэтэммитэ эмиэ баар.

Прокопий Афанасьевич олоххо тардыһыыта күүстээҕиттэн сөҕөбүн. Блокнотугар 91 сааһыгар 2013 с.бэс ыйын бүтэһик күнүгэр тиэргэнигэр от охсубутун, от ыйын 24 күнүгэр массыынанан баран Кырамда ытык сиригэр 100 бугулу сиэннэрин кытта кээспиттэрин бэлиэтэммит.

Аҕабыт 101 сааһыгар улууһун, нэһилиэгин олоҕун, хайдах олороллорун таптаан ааҕар «Сунтаар сонуннара» хаһыаыттан билэн, интэриэһиргии олорбута. Сылын ахсын эҕэрдэлии кэлэр улууспут баһылыга Анатолий Григорьевы, кини хамаандатын мэлдьи кэтэһэрэ, 2023 с. олус тыаллаах ыам ыйыгар Сунтаартан кэлэллэригэр, өрүһү туоруулларыгар эрэйдэнээйэллэр диэн олус да долгуйбута. СВО-ҕа эдэр дьон барбыттарыгар, байыаннай дьайыы саллааттарыгар ис сүрэҕиттэн ыалдьан, кинилэр этэҥҥэ кэлэллэригэр алгыһын этэ сыппыта. Дэлэҕэ да ыараханнык ыалдьа сытан «саллааттар кэллилэр, аһатыҥ» диэ дуо.

Аҕабыт бииргэ төрөөбүттэрэ: Василий Афанасьевич Степанов, сэрии кыттыылааҕа.
1908-1986 сс.

Дмитрий Афанасьевич Степанов, сэрии кыттыылааҕа.
(1912-1999 сс.)

Улуу Кыайыы 79 сылынан уоттаах сэрии кыттыылаахтарын, билигин Дьокуускай куоракка олорор Петр Яковлевы, Мартын Григорьевы, улууспут олохтоохторун, тыыл бэтэрээннэрин, сэрии сылын оҕолорун биһиги дьиэ кэргэн аатыттан истиҥник эҕэрдэлиибит!  СВО -ҕа сылдьар саллааттарга, кинилэр төрөппүттэригэр, дьиэ кэргэттэригэр алгыстаах аартык арылыннын диэн алгыспытын ыытабыт.

 Октябрина СТЕПАНОВА, үлэ бэтэрээнэ. Дьокуускай.

Читайте дальше