Олунньу 16-18 күннэригэр Элгээйигэ Николаев Виктор Макарович-Хотой Бииктэр аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи мас тардыһыы күрэһигэр элбэх кыахтаах мадьыны күрэхтэстэ. Бу турнирга саастарынан, ыйааһыннарынан, эр дьоҥҥо, дьахталларга уонна оҕолорго үстүү бириистээх миэстэни таһынан араас анал ааттар туттарылыннылар. Биһиги дьиэ кэргэн аҕабыт, эһэбит Иванов Владимир Кузьмич мас тардыһыыга оройуон чөмпүйүөнэ (1970), 1974-1975 сс. Саха госуниверситетын чөмпүйүөнэ, 1976, 1977, 1978 сс. Мэҥэ-Хаҥалас оройуонун абсолютнай чөмпүйүөнэ этэ. 1987с. Элгээйи ыһыаҕар бастакы маастары Петр Каратаевы, биллэр маастары Виктор Николаевы-Хотой Бииктэри, Василий Назаровы кыайталаан, тарбыйах бириис ылан турардаах. Бу кыайыытын «саамай үрдүк көрдөрүүм» диэн хойукка диэри ахтарын санаан, бу турнирга эмиэ бириис туруорарга сананныбыт. Ол курдук, аҕабыт Владимир Кузьмич кыттар ыйааһыныгар — 80 киилэҕэ, 1-кы миэстэни ылбыт Сунтаар улууһун Аллыҥа нэһилиэгин мадьыныта Евсеев Антоҥҥа 10000 солк. харчыны аҕабыт биэс оҕотун аатыттан туттардыбыт.
Манна кэлэн кыттыбыт, күрэстэспит мадьыныларга инникитин да ситиһиилэри баҕарабыт.
Владимир ИВАНОВ, Элгээйи.