Аҕа — дьиэ кэргэн бигэ тирэҕэ, мындыр сүбэһитэ, уһуйааччы.
Элгээйигэ С.А.Зверев-Кыыл Уолун аатынан фольклор түмэлигэр «Аҕа үөрүйэҕэ» быыстапка турда. Быыстапкаҕа саха ойуулуур, уһанар төрүт дьарыгын көрдөрөр оҥоһуктары сэргэ, аныгы технологияны туһанан оҥоһуллубут ураты үлэлэр бааллар.
Быыстапкаҕа олоҕуран уолаттарга технология уруога ыытылынна (учуутал И.А.Иванов). Үүнэр көлүөнэҕэ төрүт үгэстэри өрө тутууга, бэйэ дьоҕурун, сатабылын иҥэриигэ туһуламмыт уруокка нэһилиэкпит аҕаларын Сүбэтин салайааччыта В.А.Меняков, Д.Н.Винокуров, К.В.Семенов, А.Г.Иевлев кыттыыны ыллылар. Аҕалар оҕолорго үлэлэрин көрдөрөн, быһааран кэпсээтилэр, сүбэ-соргу буоллулар. Ким тулуурдаах, дьулуурдаах олоххо үгүһү ситиһэрин тоһоҕолоон эттилэр, үтүө майгылаах, эр санаалаах буолууну баҕардылар.
Быыстапка сэтинньи 7 күнүгэр диэри туруоҕа.
Ксения Семенова, С.А.Зверев-Кыыл Уолун аатынан фольклор түмэлин салайааччыта, СӨ култууратын туйгуна