“Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэннэрин кэмитиэтэ” Сунтаар улууһугар бэрэстэбиитэллэннэ

Арассыыйаҕа “Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэннэрин кэмитиэтэ” 2022 сылтан тэриллэн үлэлиир. Кэмитиэт Саха сиринээҕи салаатын тэрийэри “Арассыыйа дьахталлара”, “Байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэннэрин сойууһа”, “Арассыыйа ийэлэрэ” курдук уопсастыбаннай түмсүүлэр көҕүлээбиттэрэ. Билигин кэмитиэт үлэтэ кэҥээн, улуустарга бэрэстэбиитэллэр баар буоллулар.

Ол курдук, аҕыйах хонуктааҕыта «Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэннэрин кэмитиэтин» салайааччытын солбуйааччы Альбина Винокурова кэлэн улуус активын кытта көрүстэ. Сунтаар улууһугар бу кэмитиэт үлэтин-хамнаһын тэрийэргэ сүрүн бэрэстэбиитэлинэн Сунтаар улууһун уопсастыбаннай сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Надежда Львованы таллылар. Хамаандатыгар тустаах тэрилтэлэртэн, уопсастыбаннай түмсүүлэртэн үлэлииргэ көхтөөх кэрэ аҥаардар кыттыстылар.

Уопсастыбаннай кэмитиэт сүрүн соругунан байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр араас хайысхалаах өйөбүлү оҥоруу буолар. Ол курдук, СВО кыттыылаахтара реабилитацияны баралларыгар, эмтэнэллэригэр, көрүллэр социальнай көмөлөрү туһаналларыгар, дьиэ кэргэннэрин социальнай кыһалҕаларын быһаарыыга докумуоннары сырсыыга, о.д.а. туһааннаах өйөбүлү, көмөнү оҥорорго кэмитиэт үлэлэһиэ, туһааннаах дьону арыаллыа.

“Сунтаар сонуннара” хаһыат.

Читайте дальше