Аҕа… Баара-суоҕа үс дорҕоон эрээри, суолтата улахан

Арассыыйа үрдүнэн Аҕа күнүн алтынньы үһүс өрөбүлүгэр бэлиэтээн аастыбыт. Оттон Саха сиригэр аҕалар күннэрэ муус устар маҥнайгы өрөбүлүгэр бэлиэтэнэр. Бу бэлиэ күн дойдуга уонна дьиэ кэргэҥҥэ дириҥ ис хоһоонноох, сүдү суолталаах бырааһынньык буолар. Аҕа дьиэ кэргэн тулхадыйбат тулааһына, бигэ тирэҕэ, суон дурдата, кэтит хаххата буолар. Кини мындыр толкуйунан, тус холобурунан оҕону иитиигэ, дьулуур­даах, олоххо бэлэмнээх буолалларыгар үтүө сүбэһит уонна бастакы уһуйааччы.
Бүгүн биһиги улууспут аҕаларын кытары оҕону иитиигэ бэйэлэрин тус санааларын, туох оруоллаахтарын уонна үгэстээхтэрин туһунан кэпсэттибит.
Николай Алексеев, Бордоҥ нэһилиэгэ: «Биһиги Алексеевтар дьиэ кэргэн 3 оҕолоохпут. Оҕолорбутун үһүөннэрин сахалыы Арылхан, Дьулусхан, Сарыада диэн сүрэхтээбиппит. Улахан уол Арылхан – 4-с кылааска, кыра уол 1-кы кылааска үөрэнэллэр уонна кыыспыт – уһуйаан иитиллээччитэ. Биһиги дьиэ кэргэн сахалыы куттаах буолан, оҕолорбутун сахалыы тыыҥҥа иитэбит. Ол курдук, уолаттарбын кыра саастарыттан бэйэм илдьэ сылдьан, үлэ үөрүйэхтэригэр үөрэтэргэ, бэйэм сатабылбын көрөн улааталларыгар кыһаллабын.
Тыа ыала буоларбыт быһыытынан, оҕолорбутун бэйэ иҥэмтиэлээх аһынан аһатаарыбыт хороҕор муостааҕы ииттэн саҕалаабыппыт үһүс сылыгар барда. Оҕолорбут хотоҥҥо бэйэбитин кытары тэҥҥэ сылдьыһан, ынахтарын өҥнөрүн-дьүһүннэрин, ааттарын бука барыларын билэллэр. Сайын устата тарбыйах аһатыһан, окко сылдьыһан күүс-көмө буолаллар. Бэйэбит сүөгэйбитин, арыыбытын, йогурпутун, мороженайбытын тото-хана, астына сииллэр. Ону таһынан булт үөрүйэхтэригэр, айылҕа суруллабатах сокуонугар уһуйабын. Улахан уол билигин дьөһөгөй оҕотун – ат барахсаны миинэ үөрэнэн, дьиэ таһыгар көҥүл сылдьар.
Маны тэҥэ, бэйэм араас күрэхтэргэ кыттан уолаттарбар холобур буолабын. Уол оҕо – аҕатын туйаҕын хатарааччы. Ол санаанан салайтаран, уол оҕоҕо үтүө эрэ өрүккүн көрдөрөн, бэйэ холобуругар иитиҥ диэн уол оҕолоох аҕаларга сүбэлиэм этэ».

Борис Уларов, Сунтаар нэһилиэгэ: «Дойдубут баһылыга Владимир Путин ыйааҕынан, Бүтүн Арассыыйатааҕы Аҕа күнүн 2021 с. саҕалаан бэлиэтиир буоллубут. Бу, ыал олоҕун тутула, бигэ тирэхтээх буолуутун бөҕөргөтөр, аҕа оруолун үрдэтэр суолталаах, дьиэ кэргэн ытык киһитигэр анаммыт күн буолар. Оҕо иитиитигэр аҕа оруола сүҥкэн улахан суолталаах. Уопсайынан, аҕа оҕону кыратыттан илдьэ сылдьан бэйэтин холобурунан иитиэхтээх. Оҕо кыра сааһыттан ийэ, аҕа тапталын билэн улаатыахтаах. Тыа дьоно буоларбыт быһыытынан күннээҕи үлэҕэ: окко-маска, дьиэ ис-тас үлэтигэр оҕону тэҥҥэ илдьэ сылдьан көрдөрөн үөрэтиллэр. Оҕо бииргэ сылдьан барытын эт хараҕынан көрдөҕүнэ, тутан-хабан билистэҕинэ ордук дөбөҥнүк өйдүүр, ылынар.
Айылҕалыын алтыһыы, тулалыыр эйгэҕэ харыстабыллаах сыһыан, төрүт үгэстэри билии, куһаҕан дьаллыктан туора туруу, төрөппүттэргэ, аҕа саастаах дьоҥҥо ытыктабыл, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолуу курдук өйдөбүллэри кыра сааһыттан иҥэриигэ, эт-хаан өттүнэн чэгиэн-чэбдик буолууга аҕа тус холобурунан иитиитэ күүстээх дии саныыбын. Дьиэ кэргэн бигэ туруктаах буоллаҕына, оҕо эт-хаан, өй-санаа өттүнэн ситэн, сайдыылаах, ситиһиилээх буола улаатар».

Павел Михайлов, Тойбохой нэһилиэгэ: «Аҕа киһи – суохтан суоран, тоҥтон тойон дьиэ кэргэнин туһугар күннэтэ кыһаллар эбээһинэстээх. Оҕону бэйэ холобурунан иитии ордук көдьүүстээх дии саныыбын. Мин оҕолорбун кыраларыттан илдьэ сылдьан, дьиэ ис-тас үлэтигэр, булка, тиэхиньикэҕэ бэйэм сатабылбын иҥэрэн, көрдөрөн биэрэн, барытыгар сыыйа-баайа билиһиннэрэн улаатыннартаабытым. Үлэлии үөрэммит оҕо толкуйа мындыр, ыарахантан чаҕыйбат буолар дии саныыбын. Оҕону кытта күннэтэ үлэлии сылдьан, чэйдии олорон кэпсэтэр, кини санаатын истэр наада».

Аркадий Архангельскай, Түбэй нэһилиэгэ: «Билиҥҥи кэмҥэ, ордук уол оҕону иитиигэ аҕа оруола сытыырхайан турар. Ону дьалхааннаах, уустук олохпут көрдөрөр. Манна биһиги, аҕа дьон, оҕолорбутун сөпкө иитэн-такайан, буола турар балаһыанньаҕа бэлэмнээх дьону иитэн таһаарыахтаахпыт. Оҕо олох кыра эрдэҕиттэн Ийэ сиригэр, Аҕа дойдутугар бэриниилээх киһи буола улаатарын ситиһиэхтээхпит. Тус бэйэм кэнники сылларга аҕа бырааба намтаан эрэрин көрөбүн. Итиннэ кэккэ биричиинэлэр элбэхтэрэ туоһулуур. Маны ол диэбэккэ, биһиги уол оҕоҕо ордук чугас, барыны-бары үөрэтэ-такайа, айылҕалыын алтыһыннара, булт-алт албастарын, мындырдарын билиһиннэрэн, тэҥҥэ сылдьыһан эт-хаан сайдарын ситиһиэхтээхпит. Түгэнинэн туһанан, биир дойдулаахтарбар истиҥ эҕэрдэбин тириэрдэбин».

Руслан Саввинов, Сунтаар нэһилиэгэ: «Биһиги дьиэ кэргэн Азалия, Альмира, Асель, Авелина диэн кэрэчээн кыыс оҕолордоохпут. Кыргыттарбыт ас астыыллар, иистэнэллэр, үҥкүүгэ, ырыаҕа, спортивнай дьарыкка сылдьаллар. Кыра эрдэхтэриттэн үлэҕэ сыстыгас буолалларын гына иитэбит. Ол курдук, сайын оттуубут, Күөх Боллох көмүс хатырыктааҕын бултуубут уонна сир аһыгар бары бииргэ сылдьабыт. Ийэлэригэр дьиэ ис үлэтигэр илии-атах буолан көмөлөһөллөр. Оҕолорбутун барыларын эйэлээх, үтүө майгылаах, олоххо көхтөөх дьон буолалларыгар сүрүн болҕомтону уураан иитэбит. Билигин куйаар ситимэ сайдан турар кэмэ, ол курдук оҕолорбутун араас гаджеттарга өр хатанан олорботторун туһугар, атын дьарыгынан иитэ сатыыбыт. Ол курдук, айылҕаҕа сылдьарбытын ордоробут, оҕолор да дьоллоноллор уонна бииргэ сылдьарбытыттан үөрэллэр. Дьиэ кэргэҥҥэ аҕа оруола улахан, ол курдук оҕо иитиитигэр, чуолаан аҕа бастыҥ оруолу толорор диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо дии саныыбын».

Михаил Петров, Сиэйэ нэһилиэгэ: «Биһиги дьиэ кэргэн тыа хаһаайыстыбатын сайыннаран, хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи ииттэбит. Ол курдук, бэйэм нэһилиэккэ бэтэринээринэн үлэлиибин. Оҕо иитиитигэр тыа ыалын сиэринэн, ордук улахан уолбутун дьиэ тас үлэтигэр, булка-алка сыһыаран илдьэ сылдьабыт. Икки кыралар уһуйаан иитиллээччилэрэ. Быйыл сайын, кыра оҕолорбут интэриэстэрин тардаары куурусса иитэн боруобалаатыбыт. Онон сымыыт хомуйар сорудахтаах сырыттылар. Дьиэ кэргэнинэн успуорду өрө тутабыт. Чуолаан, улахан уолбутун өйөөн, ордук тустууну сэҥээрэбит. Уолбут Сунтаардааҕы спортивнай оскуолаҕа 7-с кылааска үөрэнэр, тустуунан дьаныардаахтык дьарыктанар. Айылҕаҕа сылдьарбытын туохтааҕар да ордоробут. Оҕолорбун дьону албыннаабат, туохтан да толлубат буоларга, кырдьаҕас дьоҥҥо көмө буоларга куруук үөрэтэбин. Бэйэм нэһилиэкпэр Аҕа түмсүүтүн көҕүлээн үлэлэтэбин, миигин өйүүр уолаттарбар махталбын биллэрэбин».

Елизавета  ТИТОВА

Читайте дальше