Бүгүн атырдьах ыйын 19 күнүгэр Саха сиригэр дойду байыастарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин салайааччыта Марина Бахилина Сунтаарга үлэлээтэ. Кинини кытта СӨ уопсастыбаннай палаататын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Гульжан Огонерова, СӨ Ил Дарханын уонна бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын иһинэн үлэлиир гражданскай уопсастыба институтун старшай референа Надежда Захарова сырыттылар.
Күн бастакы аҥарыгар улууспут баһылыгын Анатолий Васильевы кытта көрүстэ. Көрсүһүүгэ улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Ульяна Попова, СӨ Уопсастыбаннай палататын чилиэнэ, Сунтаар улууһун Уопсастыбаннай сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, урбаанньыт Надежда Львова кытыннылар. Кэпсэтии СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөнү оҥоруу тиһигин быспакка барарын. Хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ болҕомто, өйөбүл уурулларын туһунан буолла. Ол кэннэ С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан улуустааҕы түмэлгэ сырыттылар. Биир дойдулаахпыт Арассыыйа уонна ДНР Дьоруойа Дмитрий Егоров мэтириэтигэр, Дьоруойу чиэстээн сибэкки дьөрбөтүн уурдулар. «Сунтаар улууһа икки дьоруойдаах. Олортон биирдэстэрэ Дмитрий Егоров. Кини өстөөҕү утары суос-соҕотох киирсибитин бары билэбит. Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат»,-диэн Марина Константиновна бэлиэтээн эттэ.
Күн иккис аҥаарыгар «ПАРТИЗАН» НАТК балаҕаныгар сиэккэ өрөн түбүгүрэ сылдьар ийэлэри, эбэлэри, «Арассыыйа ийэлэрэ» түмсүү кыттыылаахтара, сал. Дария Григорьева көрсөн төгүрүк остуол тула кэпсэттилэр. Балаҕаҥҥа ийэлии истиҥник, эбэлии эйэҕэстик итии үүттээх чэйинэн көрсөн атах тэпсэн олорон сэргэх көрсүһүү буолла. Сэһэргэһиигэ байыастар хамнастарын, уоппускаҕа кэлэн баран хойутаан барааһын эппиэккэ тардыллыан сөбүн, саллаат кэтэр таҥаһын, пуормаларын, аһыыр аһын-үөлүн, уйулҕа үлэһиттэрин кытары үлэни күүһүрдэр туһунан кэпсэттилэр. Түмүккэ, Марина Константиновна хас биирдии ис сүрэҕиттэн кыайыыны чугаһатан үлэлии-хамсыы сылдьар кэрэ аҥаардарга улахан махталын тириэртэ.
Алена ИВАНОВА