«Тобуллаҕас толкуй, өркөн өй» дьиэ кэргэн оонньуута

Аан дойдутааҕы дьиэ кэргэн күнүн көрсө Сунтаар нэһилиэгэ уонна Сунтаардааҕы Л.А.Попов аатынан киин бибилэтиэкэ «Ааҕар Сунтаар» бырайыак чэрчитинэн»Тобуллаҕас толкуй, өркөн өй» дьиэ кэргэн оонньуутун тэрийэн ыыттылар. Оонньууга 7 ыал кытынна. Хамаандаҕа 2-3 кыттааччы баар. Кыттааччылар «Саха литературата-барҕа баайбыт», «Бастакы норуодунай суруйааччылар», «Сэрии саҕанааҕы уонна кэннинээҕи литература» уонна «Аныгы кэм литературата» диэн түһүмэхтэр ыйытыктарыгар хоруйдаатылар.

Людмила Пустолякова-Дьэрэлийэ Күндээр дьиэ кэргэн оонньуутугар 2 уол сиэнин кытта кыттааччы быһыытынан кэлбит: «Маннык дьиэ кэргэн оонньуутугар  сиэннэрбин кытта бастакыбын кытынным. Оонньууга ыытааччы кыргыттар түһүмэҕи түмүктээн баран сөптөөх эппиэти ситэри быһааран биэрэллэрин олус сэргээтим. Сиэн уолаттарым оонньуу кэнниттэн бэйэлэригэр элбэҕи билбит, арыйбыт буолуохтаахтар» диэн санаатын үллэһиннэ.

Дьүүллүүр сүбэ үлэлиир кэмигэр дьиэ кэргэттэр сөбүлээн ааҕар кинигэлэрин, суруйааччыларын туһунан кэпсэттилэр, санаа атастастылар. Егоровтар  аахпыт кинигэлэрин дьиэ кргэнинэн ырытыһар үгэстээхтэр эбит. Сөбүлүүр айымньыларынан А.Е.Кулавковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй «Саха интеллигенциятыгар суруга»буолар.

Түмүккэ Прокопьевтар Егоровтар 3 үрдэл, Еремеевтэр 2  үрдэл,  Тертюховтар 1 үрдэл буоллулар.

Биллэн турар маннык өй, толкуй оонньуулара  дьиэ кэргэни түмэр, сомоҕолуур, ааҕыыга көҕүлүүр.

Мира АФАНАСЬЕВА

 

Читайте дальше