“Аҕа күрэҕэ -2024” XXIV төгүлүн ыытылынна

Быйыл, муус устар 6-7 күннэригэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтигэр XXIV төгүлүн ыытыллар “Аҕа күрэҕэ -2024” буолла.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ барыта 19 хамаанда кытынна, ол курдук, Амма, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Ленскэй, Нам, Ньурба, Өлүөхүмэ, Орто Халыма, Чурапчы, Таатта, Уус Алдан, Хаҥалас уонна Сунтаар улуустарын хамаандалара, Дьокуускай куораттан уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан иккилии хамаанда күөн көрүстүлэр.
Сунтаар улууһуттан, бу күрэххэ кулун тутар 22 күнүгэр ыытыллыбыт улуустааҕы күрэх кыайыылаахтара, Степан уонна Гром Корниловтар кытыннылар.
Аҕа күрэҕин тэрээһинэ муус устар 5 күнүттэн ыалдьыттары уонна күрэх кыттыылаахтарын Майаҕа киирии бэлиэтигэр арыылаах алаадьынан айах тутан, уруйдаан-айхаллаан көрсүүттэн саҕаланна.
Онтон муус устар 6-7 күннэригэр, Майа сэлиэнньэтин Ураһалаах алааһыгар XXIV төгүлүн ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи “Аҕа күрэҕэ -2024” саҕаланна. Икки күн устатыгар хамаандалар 8 көрүҥҥэ – бэйэни билиһиннэриигэ, маһы суорууга, эрбээһиҥҥэ, сыал ытааһыннаах хайыһарынан сүүрүүгэ (булчут биатлона), кулуһуҥҥа чэйи өрүүгэ, ойбону алларыыга, маһы хайытан саһааннааһыҥҥа уонна баҕанаҕа ыттыыга күөн көрүстүлэр.
Икки күннээх тыҥааһыннаах, сыралаах киирсии түмүгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи Аҕа күрэҕин кыайыылааҕынан Амма улууһуттан аҕалаах уол Федоровтар буоллулар, иккис үрдэлгэ Бүлүү улууһуттан Ивановтар, үһүскэ – Уус Алдан улууһа. Сунтаар улууһун хамаандата уус алданнары кытта тэҥ көрдөрүүнү ситиһэн баран, хаачыстыбатынан көрөн төрдүс буоллубут.
Бэлиэтээн эттэххэ, быйыл кыттыбыт Степан уонна Гром Корниловтар олус учугэй көрдөрүүлэри ситистилэр. Ол курдук, мас хайытан саһааннааһыҥҥа 19 хамаандаттан 1-кы, маһы сулуйууга 2-с үрдэли ылары ситистилэр.
Өссө биир үөрүүлээх түгэнинэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Аҕа Лигатын түмсүүтүн чилиэнэ, 23 оҕону ииппит, меценат Пётр Герасимович Тарабукин үтүө үгэһинэн, элбэх оҕолоох Аҕа күрэҕин кыттыылааҕар, тус бэйэтин бэлэҕин, Сунтаартан 7 оҕолоох улахан дьиэ кэргэн аҕа баһылыгар — Степан Николаевич Корниловка мэттээллээх диплому, хомуһу уонна курдаах саха быһаҕын бэлэх ууммута буолар.
Улууспут чиэһин көмүскээн кэлбит Сиэйэ нэһилиэгиттэн сылдьар аҕалаах уол Степан Николаевич уонна Гром Корниловтары, инникитин өссө үрдүк ситиһиилэри баҕаран туран, эҕэрдэлиибит!

Улуустааҕы Аҕа сүбэтэ.

Читайте дальше