Бүгүн отчуоту туруорар СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов салайар бөлөҕө Күүкэйгэ, Кутанаҕа, Толооҥҥо сырытта.

Күүкэй   300-тэн тахса киһилээх кыра нэһилиэк. Бүгүн мунньахха 40-ча киһи кэлбит. Нэһилиэккэ дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлүүр «Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ» национальнай бырайыагын «Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү» бырагырааматынан 4 кыбартыыралаах дьиэ тутулла турар. Билигин эбийиэк ис өттүгэр үлэ бара турар. Ситтэҕинэ-хоттоҕуна аны сайын киирэрин саҥа дьиэҕэ көһөөччүлэр долгуйа күүтэллэр.

Нэһилиэк олохтооҕо Мирослав Харитонов: «Шлюз-регулятор баар, онтубут үлэлии турар. Ол эрээри ойуур баһаара буолан уубут оттуур ходуһабытыгар киирэ турар. Манна үлэ барыан наада» диэн ыйытар. Мирослав Харитонов ыйытыытын ситэрэн, олохтоох дьаһалта тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Людмила Львова улууспутугар мелиорация филиала аһыллара наада диэн этэр. Манна Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов толору эппиэт биэрдэ, бу боппуруоһу боротокуолга киллэрэн тустаах тэрилтэлэри кытары үлэ барыаҕа диэтэ.

Кутанаҕа бырабыыталыстыба чилиэннэрэ, улуус тэрилтэлэрин салайааччылара орто оскуолаҕа сылдьан, учууталлары, үөрэнээччилэри кытары кэпсэттилэр.

Санатан этэр буоллахха, А.А.Иванов-Күндэ  аатынан орто оскуолаҕа 2023 сыллаахха капитальнай өрөмүөн барбыта. Бу үлэ  дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин олохтообут «Үөрэҕирии» национальнай бырайыак «Үөрэх систиэмэтин модернизациялааһын» федеральнай бырагырааматынан ыытыллыбыта.

Оскуолаҕа 90 оҕо үөрэнэр. Үөрэнээччилэр сырдык, сылаас оскуолалаахтарыттан астыналларын этэллэр. «Оҕолор үөрэнэллэригэр, учууталлар үлэлииллэригэр бары усулуобуйа олохтонно, онон  үөрэ-көтө үлэлиибит, оҕолорбутун билиигэ-көрүүгэ уһуйарбытыгар саҥа аныгы үөрэх тэриллэринэн хааччыллан иһэбит» диэн учууталлар санааларын үллэһиннилэр.

Отчуоту истэ, дьүүллэһэ, санааларын этэ, этиилэрин тиэрдэ 90-ча киһи сырытта.

Нэһилиэк олохтооҕо Капитон Никифоров Бүлүү өрүһү туоруур муоста тутуута хаһан саҕаланарын ыйытта. Манна  “СӨ массыына суолун управлениетын” отделын начаалынньыга Александр Шипошин «былаан быһыытынан 2030 сылга диэри Бүлүү өрүскэ муосталар тутуллуохтара. Оттон Үөһээ Бүлүүгэ быйылгыттан саҕаланыа» диэн иһитиннэрдэ.

Манна даҕатан эттэххэ, муосталары Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Куттала суох хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыагын чэрчитинэн тутуохтара. Бу сылга Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста тутуута саҕаланыаҕа. Бэрэсидьиэн Владимир Путин сорудаҕынан, 2028 сылга муоста тутуута түмүктэниэхтээх.

Бүтэһик биэс сыл иһигэр Саха сиригэр  уопсайа 50 муоста тутулунна. Ил Дархан Айсен Николаев  аны кэлэр биэс сылга өрөспүүбүлүкэҕэ өссө 50 муоста үлэҕэ киириэхтээҕин иһитиннэрбитэ.

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

Толооҥҥо олохтоохтор СӨ бырабыыталыстыбата ааспыт сыллааҕы отчуотун сэргээн иһиттилэр. Дойдубут бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыытар үлэтэ, соруктара барыта дьон туһугар ананарын бэлиэтээтилэр. Өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана Айсен Николаев үлэтин-хамнаһын көрө-билэ сылдьабыт, биһириибит диэн эттилэр. «Инникитин да Саха сирэ, улууспут сайдыытыгар билиигитин-көрүүгүтүн, сатабылгытын ууран үлэлээҥ, тыа сирин олох умнумаҥ» диэн санааларын тириэртилэр.

СӨ доруобуйа харыстабылын миниистирин бастакы солбуйааччыта Дмитрий Сергин салайааччылаах СӨ Бырабыыталыстыбатын ситэриилээх былааһын 2023 с. үлэтин отчуоттуур иккис бөлөх иккис күннээҕи үлэтин Тэҥкэ нэһилиэгиттэн саҕалаата.

Отчуот кэннэ олохтоохтор мунаарар, интэриэһиргиир ыйытыыларын биэрдилэр. Ол курдук, Тэҥкэ аҕам саастаах олохтооҕо Григорий Игнатьев нэһилиэккэ киирэр 6 км муниципальнай суол толору гравийдаммат кыһалҕатын таарыйда. Манна Тэҥкэ суолугар уопсай бырайыак оҥоһуллуоҕун эттилэр.

Маны таһынан Тэҥкэ олохтоохторо доруобуйа харыстабылыгар сыһыаннаан кэккэ ыйытыылары биэрдилэр. «Телемедицинскэй быраас консультациятын өҥөтүн киллэрии кыаллыа дуо?» — диэн. Бу ыйытыыга киин балыыһа кылаабынай бырааһын солбуйааччы Константин Павлов «Облачная поликлиника» диэн медицина узкай исписэлиистэрин онлайн консультациялара үлэлээбитэ балачча кэм буолбутун, «К врачу» сыһыарыы үлэтин туһунан сырдатта. Бу кэлин түргэн тэтимнээх интэриниэккэ холбоммут кыра нэһилиэктэри бу сүүрээҥҥэ киллэрэргэ үлэ бу күннэргэ барыаҕын эттэ.

Светлана Игнатьева, Тэҥкэ нэһилиэгин баһылыга, тыа хаһаайыстыбата сайдарыгар тутаах боппуруостарга туһаайан тэйиччи сытар нэһилиэк бэйэтигэр үүт сыахтаах буолара, эти-балыгы астыыр оборудованиеланара наадатын, Тэҥкэ убаһатын этэ бренд буоларыгар баҕа санаалаахтарын эттэ. Маны таһынан биэлсэр-акушер пуунун тутууну туруоруста. Уот барар түгэнигэр эбийиэктэр тоҥор кутталлаахтарын этэн туран, ОДьКХ модульнай хочуолунайы тутара наадатын ыйда, итиннэ туох үлэ барара наадатын сураста.

Салгыы отчуоттуур иккис бөлөх Бордоҥ нэһилиэгэр үлэлээтэ. Манна сүрүн дакылаат кэннэ олохтоохтор мунаарар боппуруостарын хотоойутук биэрдилэр. Ол курдук, Бордоҥ нэһилиэгин олохтооҕо Любовь Владимировна тыа хаһаайыстыбатыгар туһааннаахтары ыйытта.

Оттон Леонид Иванов элбэх ыйытыылаах буолан биэрдэ. Ол курдук, анал байыаннай дьайыыга Саха сириттэн хас киһи барбытын, куттал суох буолуутугар диверсияттан эҥин судаарыстыба өттүттэн төһө көмүскэллээхпитин, тутуу матырыйаала тоҕо кэмчи буолбутун, евро, доллар үлэлиирин суоҕун, хорсун быһыыны оҥорбут, дьону быыһаабыт дьону наҕараадаҕа тиксэрэр үлэнэн ким дьарыктанарын, о.д.а. мунаарар боппуруостарын сураста.

Бу ыйытыыларга отчуоттуур бөлөх салайааччыта Дмитрий Сергин уонна улуус баһылыгын солбуйааччы Николай Александров хоруйдаатылар.

Салгыы Бордоҥ тыа хаһаайыстыбатыгар исписэлииһэ Николай Алексеев элбэх сир-уот ууга сытарын, сиртэн тыа хаһаайыстыбатын сайдар кэскилэ тутулуктааҕын, улууска мелиорация управлениета арыллара олус наадатын этэн туран, ону болҕомтоҕо ылалларыгар көрдөстө.

Ыйытыылар кэннэ олохтоохтор этиилэргэ киирдилэр, санааларын үллэһиннилэр: оскуолаҕа учуутал кэлиитэ аҕыйаҕын, билиҥҥитэ информатика учуутала суох олороллорун эттилэр. «Прокуратура бу кэккэ уустуктардаах кэмҥэ (СВО), үп-харчы эҥин аҕыйах кэмигэр, оскуолалары бэрэбиэркэлиир үлэтин кыратык сымнатара кыаллыа дуо» диэн санаа этилиннэ. Маны таһынан балыыһа, оскуола тутуллуутун, суол оҥоһуллуутун боппуруоһа көтөҕүлүннэ.

Бу күн отчуоттуур иккис бөлөх үлэтин салгыы Илимниир нэһилиэгэр ыытта. Манна отчуоту истэ Илимниир нэһилиэгин үгүс олохтооҕо муһунна. Отчуот кэннэ ыйытыыларга киирдилэр.

Ол курдук, учуутал Варвара Егорова  Илимнииргэ оскуола тутуутун туруоруста. Олохтоохтор сылгыга ынах сүөһүгэ курдук субсидия көрүллэр диэн сурах сымыйатын-кырдьыгын чопчуластылар, чааһынай сектор киин ититиигэ холбонуутун боппуруоһун көтөхтүлэр. Үгүстэри сүрүн долгутар боппуруос — Бордоҥ балыыһатын тутуута ахтылынна. Маны сэргэ нэһилиэк иһинээҕи суол оҥоһуутугар көрсүллэр кыһалҕаны таарыйдылар.

Дьаархан нэһилиэгэр СӨ үбүн миниистирин бастакы солбуйааччы Иван Алексеев, Сунтаар улууһун баһылыгын экономикаҕа уонна стратегическай былааннааһыҥҥа солбуйааччы Борис Васильев салайааччылаах СӨ Бырабыыталыстыбатын ситэриилээх былааһын отчуоттуур бөлөҕө үлэтин саҕалаата. «Одун» култуура киинигэр нэһилиэк олохтоохторо ситэриилээх былаас ааспыт сыллааҕы үлэтин сэргээн иһиттилэр. Кэлбит дьон мунаахсыйар боппуруостарын ыйыталастылар. Ол курдук, суол оҥоһуута,  хочуолунай тутуута, мелиорация, өртөөһүн, уот мөлтөҕө о.д.а. Бэриллибит ыйытыыларыгар дьон чопчу эппиэти ылан астыммыттарын биллэрдилэр.

Оскуола дириэктэрэ Николай Охлопков: «Оскуолабыт туруга мөлтөх, олус тымныы, успуорт саала аварийнай туруктаах. Саҥа оскуола хаһан тутуллуой, кадр боппуруоһа сытыытык турарын, саҥа үөрэҕи бүтэрбит учууталларга «подъемнай» төлөнөрүн туһунан ыйытта. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн быйыл 18 оскуола былаан быһыытынан тутуллуохтаах. Уочаракка 60-тан тахса аварийнай туруктаах эбийиэктэр бааллар. Бу боппуруостары үөрэтэргэ, боротокуолга киллэрэрин туһунан Иван Алексеев хоруйдаата.

Маар Күөл. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын ситэриилээх былааһын отчуотугар элбэх киһи кэлбит. Саамай сытыы боппуруостарынан киин ититиигэ киирии, мелиорация, өртөөһүн, суол оҥоруута, оскуолаҕа оҕо аһылыга, успуорт саал тутуута, ГСМ о.д.а. Бу ыйытыыларга бөлөх салайааччыта Иван Алексеев, Дьулустаан Харлампьев, Борис Васильев  чопчу эппиэттэри биэрдилэр.

Манна даҕатан эттэххэ, Иван Алексеев Сунтаар улууһугар кураторынан анаммытын туһунан этэн туран, боппуруостар быһаарыллыахтарын, хонтуруолга ылылалларын туһунан хоруйдаата.

СӨ Бырабыыталыстыбатын ситэриилээх былааһын 2023 сыллаах үлэтин отчуоттуур үһүс бөлөх Уһун Күөл нэһилиэгэр үлэтин салҕыыр. Сүрүн дакылааты СӨ үбүн миниистирин бастакы солбуйааччыта Иван Алексеев иһитиннэрэр.

Нэһилиэк олохтоохторо элбэх ыйытыы биэрдилэр, ону тэҥэ санааларын эттилэр. Олортон холобура: улууспутугар мелиорация филиала арылларын туһунан сурастылар.

Арассыыйа дьоруойун Дмитрий Егоров аҕата Николай Егоров туруорсуутунан нэһилиэккэ кулууб тутулларын ыйыттылар. Аптека арыллыытын, нэһилиэккэ быраас ананан үлэлии кэлэрин чопчулаатылар.  Ыччат дьон тыа сиригэр кэлэн олохсуйарыгар усулуобуйа тэриллиэхтээҕин эттилэр. Саха тылын чааһын оскуолаларга элбэтэллэрэ буоллар диэн санааларын эттилэр. Сэлээркэ, бензин сыаната күн-түүн үрдүүрүн.

Уот харчыта үрдээбитэ тыа сирин сайдыытыгар харгыстары үөскэтэрин туһунан санааларын эттилэр.

 

Отчуоттуур бөлөх сылдьыбыт үгүс нэһилиэгэр олохтоохтор быйылгы отчуот бэрт өйдөнүмтүөтүк, уу сахалыы тылынан барбытын олус сэҥээрбиттэрин, астыммыттарын эттилэр.

Яина ВЛАСЬЕВА, Марфа ИВАНОВА, Алена ИВАНОВА

 

Читайте дальше