«Санаа күүһэ» дьарыкка сырыттылар

Сунтаардааҕы психологическай киин исписэлиистэрэ уонна «Дойдуну көмүскээччилэр» пуонда улуустааҕы филиалын координатора Варвара Яковлева буолан «Санаа күүһэ» диэн анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын ийэлэригэр, кэргэттэригэр уонна аймахтарыгар анаан хас да хайысхалаах тэрээһин ыытта.

Ол курдук, тэрээһин кыттыылаахтар нейрогимнастикаҕа сырыттылар. Манна өй-санаа сааһыланыытыгар, болҕомтолоох буолууга, элбэхтик илии көмөтүнэн икки мэйии тэҥҥэ үлэлииригэр сатабылга үөрэннилэр. «Пластилинотерапия» диэн дьарыкка ыгылыйа сылдьар туруктан босхолонуу, пластилин көмөтүнэн арыллыы, санаа үллэстиитэ буолла. Сөпкө тыыныы, хамсаныы техникаларыгар күүрбүт эти-сиини уһугуннарыы, бэйэ этигэр-сиинигэр чөл туруктаах буолууга дьарыктаннылар.

Бу тэрээһиҥҥэ кэлбит кыттыылаахтарбыт бары сөбүлээн, астынан, бэйэ-бэйэлэрин кытта кэпсэтэн, санааларын үллэстэн дуоһуйан бардылар. Өссө да маннык тэрээһиннэри күүтэбит диэн санааларын эттилэр.

Алена ПАВЛОВА, Сунтаардааҕы психологическай киин социальнай педагога.

Читайте дальше