Ол курдук, Сунтаар алын сүһүөх оскуолатын эбии үөрэхтээһинин учуутала, «Ньургуһун» литературнай түмсүү кыттыылааҕа Владислав Аргунов «Аҕа саастаах ытык дьоммут» хоһооно улууспутугар Аҕам саастаахтарга ытыктабыл сылын өрөгөй ырыатынан буолла. Манна Сунтаар улууһун мелодистарын түмсүүтүн бэрэссэдээтэлэ АннаТотонова-Күн Күөрэгэйэ мелодия айан, Ньургун Данилов аранжировкалаан быйылгы сыл өрөгөйүн ырыатынан сүрэхтэннэ.

Ырыаны бэҕэһээ С.А.Зверев-Кыыл Уолун аатынан улуустааҕы норуот айымньытын киинин үрдүк сценатыттан Мария, Василий Спиридоновтар, Карина, Клим Петровтар уонна Анна Тотонова-Күн Күөрэгэйэ ыллаатылар.

Ону сэргэ, «улууспут бары нэһилиэктэригэр сылы арыйыыга бу ырыаны ыллыылларыгар диэн фонограмматын тарҕаттыбыт» диэн Анна Фомична иһитиннэрэр.

 

Аҕа саастаах — ытык дьоммут

Алгыс тылгыт — харысхалбыт,

Эдэр ыччат, оҕолоргут

Бары бииргэ — хоһуун дьоммут.

ХОС ЫРЫАТА:

Андаҕайа махтанабыт,

Эһиэхэҕэ ис сүрэхтэн,

Арчылаабыт тапталгытын

Иҥэрэбит үйэлэргэ,

Сүгүрүйүү сүдү суолга,

Ытыктабыл ытык дуолга,

Уруй туоллун улуу дьоҥҥо,

Айхал буоллун аҕам дьоҥҥо.

 

Кэлэр кэмҥэ анаабыккыт

Үрүҥ күнү, күөх халлааны,

Харыстаабыт биһиккитин

Өрүү дьоллуур көҥүл кустук.

 

Эрэлгитин иһийэммит,

Сүбэҕитин ылынаммыт,

Амарах да санааҕытын

Саҥа кэмҥэ кынаттыыбыт!

Яина ВЛАСЬЕВА

Читайте дальше