Сунтаардар «Аан дойду эпостара Олоҥхо дойдутугар» бэстибээлгэ

Сунтаар улууһун култууратын уонна айылгытын салалтатын хотуна Саргылана Омукова салайааччылаах бөлөх Дьокуускай куоракка «Эпосы мира на земле Олонхо» диэн норуоттар икки ардыларынааҕы форум бэстибээлгэ кыттыыны ылла. Бастакы күҥҥэ 4 секциянан олоҥхо тула кэпсэтиилэр олохтоннулар, резолюция ылылынна. Казахстантан, Башкортостантан, Алтайтан ыалдьыттар бааллар. Култуура миниистирэ Афанасий Ноев форум кыттыылаахтарын эҕэрдэлээтэ уонна олоҥхо сайдыытыгар улуустар Олоҥхо дьиэлэрин үлэтэ улахан суолталааҕын бэлиэтээн эттэ. Бөлөх рейв бэстибээлгэ, маастар кылаастарга, бэстибээл иһинэн тэриллэр күрэстэргэ кытынна.
Форум бэстибээл иккис күнэ «NeoOlonkho. Эпосы мира на земле Олонхо»диэн ааттаах ыытылынна. Тэрээһин «Үлэ кыбартаала» креативнай кластер дьиэтигэр буолла. Уораҕай 14000кв. м. иэннээх. Айар үлэни уонна урбааны тэҥҥэ дьүөрэлээн түмэр сир. Араас саҥа сүүрээни олоххо киллэрэр, тарҕатар миэстэ буолан, элбэх дьон тоҕуоруһа мустар, иһэ тупсаҕай, аныгы оҥоһуулаах. Хас да сааланан арахсан ыччат дьон олоҥхо толоруутугар, олоҥхо уобарастарынан косплейга күрэстэстилэр. Ону тэҥэ «Төрүт дорҕоон» трек үлэлээтэ. Манна олоҥхоттон быһа тардыыны муусука үстүрүмүөнүнэн киэргэтэн ыллаан-туойан көрдөрдүлэр. Сунтаартан Кутана оҕолоро бырааттыы Туйгун, Уйгулаан Гоголевтар «Эпос» хайысхаҕа «Үрүҥ Үөдүйээн бухатыыр», «Үс кырыылаах Мөҥүрүүр бөҕө бухатыыр» олоҥхонон кытыннылар. Сибиэрэп киинин үлэһитэ Айсен Федоров олоҥхотун истиэн баҕалаах дьон элбэҕэ сөхтөрдө. Түмүккэ, Сибиэрэп айымньыларынан маастар кылааһы көрдөрдө уонна анал аат хаһаайына буолла.
«Дорҕоон» треккэ тыас таһаарар саха үстүрүмүөннэрин тэҥэ тэтимнээх үстүрүмүөннэр холбоһон араас ураты, дьикти муусука дорҕооннорун көтүттүлэр.
Туойдаахтан «Кый дайар» бөлөх «Дорҕоон» хайысхаҕа холонон 2-с истиэпэннээх дипломант буолла. Араас омук толорооччулара бэйэлэрин тылларынан эпостарын, ырыаларын иһитиннэрдилэр. Элбэх дьон сэҥээриитин ыллылар.
Бу күн көрөөччүлэргэ хомус уоскулаҥа, олоҥхо хартыыналарынан быыстапка, араас маастар кылаастар тэрилиннилэр.
Аныгы дьон болҕомтотун тардаары маннык креативнай тыыннаах тэрээһини тэрийбиттэрэ саха омук уус-уран тыллаахтара үтүмэн үйэлэргэ түмэн, чочуйан, айбыт сүдү айымньылара — олоҥхо кэскиллээҕин туоһулаата.

Мира АФАНАСЬЕВА

Читайте дальше