Күндэйэҕэ урут-уруккуттан араас түмсүүлэр уопсастыбаннай олоҕу көҕүлээн, нэһилиэк туруктаах буоларыгар араас хайысхалаах үлэни ыыталлар. Ол курдук көхтөөх үлэлээхтэринэн түөлбэлэр, көлүөнэлэр, Ийэлэр, Аҕалар, айар талааннаахтар түмсүүлэрэ буолаллар.
«Ыал ийэтинэн» диэн өбүгэлэрбит бэргэн этиилэрин сиэринэн, ханна да буоларын курдук, биһиги нэһилиэкпит социальнай-экономическай сайдыытыгар дьахталлар улахан оруолу ылбыттара, ылаллар даҕаны.
Дьахтар түмсүүтүн, бэйэлэрин көлүөнэнэн түмсүүлэрин салайааччыларынан бэйэлэрин кэмнэригэр саҥа, сонун хамсааһыннары олоххо киллэрсэн, уопсастыбаннай үлэни иилээн-саҕалаан үлэлээбит, тэрийсибит, тэрийсэр олоххо көхтөөх көрүүлээх ийэлэрбит суолларынан, кинилэри холобур оҥостон, бүгүҥҥү саҥа сайдыылаах олохпутугар тэрийэр, салайар үлэни уопсастыбаннай олоҕу кытта дьүөрэлээн көхтөөх үлэни тэрийэр, сүрүннүүр “КүнИйэ” түмсүү үлэлиир.
«Күн Ийэ» айар-тутар түмсүү үлэлиир сүрүн хайысхалара:
• Олохтоох дьаһалтаҕа, судаарыстыбаннай тэрилтэлэргэ күүс-көмө буолан, баар кыаҕы барытын туһанан, биир суолу тутуһан үөскүүр кыһалҕалары быһаарарга үлэлэһии.
• Дьон интэриэһин тардан, нэһилиэк иһигэр уопсастыбаннай үлэни, дьон сынньалаҥын тэрийии.
• Киһи талаанын арыйарыгар, сайыннарарыгар усулуобуйа оҥорон көмөлөһүү.
• Дьиэ кэргэн чөл туруктаах буоларыгар үлэлэһии.
Быйылгы Ийэ декадатын чэрчитинэн нэһилиэкпит кэрэ аҥаардарыгар, иэримэ дьиэ хаһаайкаларыгар, Далбар Хотуттарга аналлаах
К | Ситим
Э | Эйгэ
Р | Көстүү
Э | Түгэн
диэн дьиэ кэргэҥҥэ, үүнүүгэ-сайдыыга, үлэҕэ-хамнаска, дьиэҕэ-уокка, дьону кытта сыһыаҥҥа быһаччы туһалаах, олох араас түгэннэригэр көмөлөөх буолуо диэн туран, икки нэдиэлэ устата үөрэхтээһини тэрийэн ыытта. Үөрэхтээһиҥҥэ эт-хаан, ис турук, тас көстүү өттүнэн чэгиэн буолуу, дьиэ кэргэҥҥэ араас судаарыстыбаннай көмөлөр, олору хайдах туһанарга аналлаах бэсиэдэ, күннээҕи олохпутугар туһалаах буолар иискэ, ас астааһыныгар маастар кылаастар, сүбэ-соргу быһыытынан ыытылыннылар.
Мария АНДРЕЕВА.