2024 сыл ый бэлиэлэринэн тугу кэпсиирий?

 

Хой

Бу сыл эһиэхэ элбэх уларыйыыны аҕалыаҕа. Сүрэххит тугу этэрин истэргит ордук. Аһаҕас, хорсун буолуу олоххо сыһыаҥҥытын уларытыа. Ону тэҥэ, бу сыл эһиэхэ тургутуктары аҕалыаҕа. Күүскүтүн-уоххутун сөптөх хайысхаҕа туһулаатаххытына ситиһии кэлиэҕэ. Онно туһааннаах ыйдар: олунньу, кулун тутар, муус устар уонна ыам ыйын бастакы аҥара буолуохтара. Бэс ыйа, от ыйа үлэҕит түмүгэ көстөрүгэр тоҕоостоох кэм.

Оҕус

Бу сылга саҥа саҕалааһыннар уонна ситиһии күүтэр. Эһигиттэн быһаарыныылаах хардыыны оҥорор, бэйэҕэ эрэллээх буолуу ирдэнэр. Тапталга саҥа сыһыан олохтуурга табыгастаах кэм. Үп-харчы өттө үчүгэй. Муус устар, ыам ыйыгар ситиһиигитин мүлчү тутумаҥ. Доруобуйаҕытыгар болҕомтоҕутун ууруҥ. Урбаанньыттарга ситиһиилээх сыл. Тулуур, дьулуур баар буоллаҕына барыта сатаныа.

Игирэлэр

Олоҕу көрүүгүтүгэр, тус бэйэҕитигэр уларыйыы кэтэһэр. Саамай атырдьах ыйыгар ситиһии күүтэр. Туруоруммут сыалгытын-соруккутун толоруоххут. Соһуччу үөрүүлэр, бэлиэ түгэннэр баар буолуохтара, саҥа билсиһиилэргэ аһаҕас буолуҥ.

Араак

Эһигини өрө күүрүүлээх, туһалаах сыл күүтэр. Олунньуга уонна кулун тутарга соһуччу үөрүү күүтэр. Бу сылга үтүө баҕа санааҕыт барыта туолуоҕа, санаа хоту табыллыа. Дьиэ кэргэн, таптал сыһыана үчүгэй. Чугас дьоҥҥутугар күүс-көмө буоларгытын умнумаҥ. Доруобуйаҕыт туруга үчүгэй.

Хахай

Олоххутугар уларытыыны киллэрэр баҕаҕыт күүһүрүө. Бу баҕаҕытын олунньуга, муус устарга эбэтэр ахсынньыга олоххо киирэрэ табыллыан сөп. Айар-тутар үлэлээхтэри ситиһии күүтэр. Үп-харчы сыл саҕаланыытыгар соччото суох курдук буолан баран сааһыары тупсуо. Үлэни, сынньалаҥы тэҥинэн дьүөрэлии тутары умнумаҥ. Доруобуйаҕытын көрүнэ сылдьыҥ.

Кыыс

Сүрэххит тугу этэрин истэҥҥит атын дьон дьайыытыгар киирэн биэрбэккэ сылдьаргыт ордук. Бу сылга кытаанах, күүстээх санаалаах буоларгыт наада. От ыйа, балаҕан, сэтинньи ыйдарыгар үөрүүлээх түгэннэр, ситиһии күүтэр. Хамнас, дуоһунас үрдүөн сөп. Сыл устата иирсээнтэн, мөккүөртэн дьалты туттуҥ. Доруобуйаҕытыгар болҕомтолоох буолуҥ.

Ыйааһын

Интэриэһинэй, саҥа, сонун түгэннэрдээх сыл күүтэр. Идэлэрин уларытыахтарын баҕалаахтарга сөптөөх кэм эбэтэр дуоһунаска үрдээһин буолуон сөп. Доруобуйаҕытын тупсарыныҥ. Сөбүн көрөн сынньанаргытын умнумаҥ. Сыалгытын ситиһэргэ табыгастаах кэм. Үп-харчы өттө үҥсэргиир суох.

Скорпион

Олус интэриэһинэй сыл күүтэр. Үлэҕэ үрдээһин баар буолуон сөп. Эбии дохуот киллэринэртэн аккаастанымаҥ. Сайдыы уонна туруоруммут сыалы ситиһии сыл устата арыаллыа. Оҕо, уруу тэринэргэ тоҕоостоох кэм. Дьиэҕэ-уокка өрөмүөн ыытарга табыгастаах.

Охчут

Бу сыл элбэх үтүө өттүгэр уларыйыыны аҕалыа. Олус интэриэһинэй сыл күүтэр. Тус олоххутугар барыта үчүгэй. Атын сиргэ сынньана барыы, айанныырга табыгастаах кэм. Дьулуурдаах, быһаарыныылаах буолуу ситиһиини аҕалыа. Мөккүөргэ, иирсээҥҥэ киирбэккит ордук. Доруобуйа өттө үчүгэй.

Чубуку

Бытааннык ол эрэн эрэллээхтик иннигит диэки баран иһиҥ. Сыл саҕаланыытыгар быланнаабыт бырайыактаргыт, баҕа санааларгыт туолуохтара. Элбэх сүүрүү-көтүү баар буоллаҕына уларыйыы күүтэр. Доруобуйаҕытыгар болҕмтоҕутун ууруҥ. Үбү-харчыны үксэтэргэ табыгастаах кэм кэлбит.

Күрүлгэн

Бу сылга улахан уларыйыы күүтэр тус олоххо, үлэҕэ эмиэ. Үлэни уларытарга үчүгэйдик толкуйданыаххытын наада. Эр дьоҥҥо тургутан көрүү түгэннэрэ баар буолуохтарын сөп. Дьиэ кэргэҥҥит эһиэхэ хаһааҥҥытааҕар да күүс-көмө, өйөбүл буолуохтара. Доруобуйаҕытын көрүнэргитин умнумаҥ.

Балыктар

Баҕа санааны толорор сыл. Үлэҕэ, бэйэ дьыалатын арынарга табыгастаах кэм. Барыта бэйэҕититтэн эрэ тутулуктаах. Сулумахтар тапталгытын көрсүөххүтүн сөп. Сайын айан, барыы-кэлии күүтэр. Чөл олоҕу тутуһуҥ, доруобуйаҕытыгар болҕомто уураргытын умнумаҥ.

«Сунтаар сонуннара» улуус хаһыата

Читайте дальше