Саҥа үүммүт сыл тугу бэлэмниир эбитий? (Илиҥҥи гороскоп)
Эриэн үөн (1941, 1953, 1965, 1977, 1989, 2001, 2013). Бу сылга төрөөбүттэр үлэ үөһүгэр сылдьыахтара. Сыл бастакы аҥаарыгар карьера үрдүөн, үп-харчы киириитэ үксүөн сөп. Тус сыһыаҥҥа кыыһырсыы, баар сыһыаны тохтотуу баар буолуон сөп, ол эрээри эрдээх санааҕытынан барытын этэҥҥэ туоруоххут. Соҕотох эриэн үөннэр таптал чааһыгар табыллыахтара. Ол эрээри дьоһун сыһыаннар олохтонор чинчилэрэ суох буолуо.
Сылгы (1942, 1954, 1966, 1978, 1990, 2002, 2014). Луо сылгыларга сымнаҕастык сыһыаннаһыа. Кэтэх тардыстан сыппатахтарына сыл устата ситиһии сэтиилэниэхтэрэ. Ордук үп-харчы өттө табыллыа. Дьону кытта сыһыаны болҕойуоххутун наада. Сайынын карьера үрдүүр сибикитэ баар. Күүппэтэх өттүттэн дьоһун этиилэр киириэхтэрэ. Тус олоххо күүстээх тапталлаахтар сыһыаннара чиҥиэ, сатарыйбыт сыһыан тохтуо.
Коза (1943, 1955, 1967, 1979, 2003, 2015). Коза сылыгар төрөөбүттэр болҕомтолоох буолаллара, былааннаан дьаһаналлара наада. Сыл устата айар-тутар кыах толору буолуо. Үүнэр сылга саҕалаабыт бырайыаккыт табыллыа, үбү-харчыны хотоойутук киллэрэр кыахтаныа. Тус олоххо аналгытын көрсүөххүтүн сөп. Ол эрээри бу түгэҥҥэ сэмэйимсийиини, муннукка бүгүүнү кыайа тутуоххутун наада диэн бэлиэтииллэр.
Эбисийээнэ (1944, 1956, 1968, 1980, 1992, 2004, 2016). Луо Эбисийээнэлиин сатаспаттар, ол эрээри сыл куһаҕана суох буолуо. Тургутан көрөр ыарахаттар баар буолуохтара эрээри, оҕурук өйгүтүнэн барытын туоруоххут. Таптал чааһыгар хаһааҥҥытааҕар да табыллыаххыт. Баар сыһыан чиҥиир чинчилээх. Үп-харчы өттүгэр кулун тутарга, бэс ыйыгар табыллыаххыт. Балаҕан ыйыгар улахан ороскуоттан туттунар ордук.
Бөтүүк (1945, 1957, 1969, 1981, 1993, 2005, 2017). Урбаан, карьера өттө табыллыа. Үлэни, сүрүн дьарыгы уларытарга тоҕоос көстүө. Сонун кэскиллээх суоллар аһыллыахтарын сөп, чугуйан турбакка бэриллэр кыаҕы туһанар ордук. Дьону кытта сыһыан тыҥыан сөп, ордук чугас дьоннуун алтыһыы сытыырхайыах курдук. Тус олоххо тапталга табыллыы күүтэр. Ыал буола иликтэр уруу тэрийэргэ быһаарыныахтарын сөп.
Ыт (1946, 1958, 1970, 1982, 1994, 2006, 2018). Ыт сылыгар төрөөбүттэр олохторо туруктаах, сарсыҥҥылара эрэллээх буолуо. Үлэҕэ-хамнаска, тус дьарыкка чиҥ миэстэлэрин булуохтара. Арай тус олоххо эриэ-дэхси буолбат чинчилээх, доҕору кытта сыһыан түөрэҥэлээн ылыан сөп. Соҕотох ыт бэлиэлээхтэр кулун тутарга, бэс ыйыгар аналларын көрсүөхтэрин сөп. Үүнэр сылга элбэх саҥа дьоннуун билсиһии, доҕоттору булуу күүтэр.
Сибиинньэ (1947, 1959, 1971, 1983, 1995, 2007, 2019). Түһүүлээх-тахсыылаах, үгүс араас түгэннэринэн баай сыл буолуо. Табыллыы, сатаммат буолуу эҥээрдэһэ сылдьыахтара. Тапталларын була иликтэр таптал талыытыгар ылларыахтарын сөп. Дьиэ кэргэннээхтэр сыһыаннара чиҥиэ. Үлэҕэ-хамнаска угаайылаах дьыалаларга үктэтэ сатыыр дьон баар буолуохтарын сөп. Кэллиэгэлэргэ болҕомтолоохтук сыһыаннас.
Күтэр (1948, 1960, 1972, 1984, 1996, 2008, 2020). Үлэҕэ да, тус олоххо да талларар, быһаарынар түгэн элбэхтик тосхойуо. Дьон сүбэтинэн салайыныахтааҕар, ис таайан көрөр дьоҕургунан быһаарынарыҥ ордук. Соҕотох күтэр бэлиэлээхтэр тапталга табыллыахтара. Дьиэ кэргэннээхтэр сыһыаннара эриэ-дэхси буолуо суоҕа. Үп-харчы киириитэ төһө кыһанартан, киирииттэн-тахсыыттан, хамсанартан тутулуктаныа.
Оҕус (1949, 1961, 1973, 1985, 1997, 2009, 2021). Бүгүрү үлэһит оҕустар табыллыахтара. Сыл бастакы аҥаара түбүгрүү түмүгэ суох курдук буолуо эрээри, сыл бүтүүтэ үтүө өрүтэ биллиэ. Чугас сылдьар доҕору-атаһы болҕойор ордук, соччото суох быһыыга угуйааччылары тэйитэр ордук. Тус олоххо барыта кэминэн. Сулумах оҕустар аналларын көрсүөхтэрин сөп, сытыырхайан ыллахтарына ыал да буолуохтара.
Баабыр (1950, 1962, 1974, 1986, 1998, 2010, 2022). Үлэҕэ-хамнаска, урбааҥҥа судургута суох сыл буолар чинчилээх. Кыайыыга дьулуурдаах майгыгытынан барытын этэҥҥэ туоруоххут. Үгүс былааҥҥыт олоххо киириэ. Бу үүнэр сылга хайдах үлэлээбиккиттэн кэлэр сыл тутулуктаныа. Тус олоххут сонун билсиһиилэринэн, истиҥ иэйиилэринэн толору буолуо. Дьиэ кэргэннээхтэр сыһыаннара уларыйа сылдьыа, сүрүнэ барыны тулуһуо.
Куруолук (куоска) (1951, 1963, 1975, 1987, 1999, 2011, 2023). Улахан түһүүтэ-тахсыыта суох нус-хас сыл үүнүө. Туох эрэ саҥаны билэргэ дуу, сонун үлэни ылсарга дуу тоҕоос көстүө. Үбү-харчыны туттууга болҕомто эрэйиллэр. Идиэйэлэри, былааннары ыһа-тоҕо кэпсээбэтэххэ олоххо киллэрэргэ ордук ситиһиилэниэ. Дьиэ кэргэн иһигэр сыһыан үтүө өттүгэр уларыйыа. Соҕотох куруолуктар сааһыары аналларын булуохтарын сөп.
Дракон (1052,1964, 1976, 1988, 2000, 2012, 2024). Төһө даҕаны Дракон сыла үүннэр, үүммүт сыл үүт-тураан буолбакка, түһүү да тахсыы баар буолуо. Харгыстары туоруурга үгүс кыаҕы ыытыаххыт. Айар-тутар идэлээхтэр ордук табыллыахтара. Тус олоххо дьону кытары өйдөһөр туһуттан биир сүбэнэн сылдьарга кыһаныҥ. Үүнэр сыл үп-харчы киириитэ үксүө, уопсастыбаҕа ылар миэстэҥ үрдүө.