Сандал сааһы көрсө Сунтаардааҕы психологическай киин аҕам саастаах «Дуоһуйуу» кулууппутугар үүнээйи олортубут, бэйэни сааһыланыы техникатын, сөпкө тыыныы ньымаларын хатылаатыбыт. Гарденотерапия – үүнээйи олордооһун, харайааһын киһи туругун сааһылыыр, уоскутар, доруобуйаны чөл оҥорор. Бу киһини уоскутар, сааһылыыр көрсүһүүбүтүгэр кулууп чилиэнэ Павлов Василий Семенович-Баһылай Хара кэрэ аҥаардары бэйэтин хоһоонунан эҕэрдэлээтэ. Кини хоһоонун ааҕааччыларга эмиэ билиһиннэрэбит:
Таптаа
Таптаа, эн кэргэҥҥин, оҕолоргун,
Тиэргэннээх буолуо дьиэҥ — уйаҥ.
Таптаа эн төрөппүттэргин,
Туругуруо кэскилиҥ.
Таптаа эн бэйэҕин,
Тирэҕириэ, эйгэҥ, кутуҥ.
Таптаа эн ис туруккун,
Төлөрүйүөҥ дьаҥтан — дьаһахтан.
Таптаа эн тулалыыр эйгэҕин,
Төлкөлөнүө айылгыҥ.
Таптаа эн төрүт тылгыҥ,
Түөрэҕиҥ түстэниэ.
Таптаа эн өбүгэҥ утумун
Тулаҥ барыта сырдыа,
Таптаа эн кэрэни — ырааһы,
Тулаайахсыйыа суоҕа кутуҥ.
Таптаа эн таптаа,
Тапталтан үөскүүллэр
Ыра санаа сырдыга,
Эдэр саас ырыата.
Таптыыр сүрэх
Инникигэ эрэллээх,
Кутаата умуллубат,
Холумтана сойбот.
Таптаа эн таптаа,
Таптыыр киһи эркиннээх,
Арыаллаатын таптал,
Аргыстастын таптал.
Алена ПАВЛОВА, Сунтаардааҕы психологическай киин социальнай педагога