«Үтүлүк» быыкайкаан кинигэ сүрэхтэннэ

«Корона» фирма салайааччыта Надежда Львова көҕүлээһининэн өссө биир бырайыак – быыкайкаан «Үтүлүк» кинигэ – күн сирин көрдө. Төрүөбүт төрүт тыл сылыгар сөп түбэһиннэрэн, оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго аналлаах дьэрэкээн сахалыы ойуулаах остуоруйа кырачааннарга улахан бэлэх буолла. Манан диэн эттэххэ, бачча саастаах кырачаан ааҕааччыларга анаммыт кинигэ олус аҕыйах эбит, бэл диэтэр, өтөрүнэн сылларга маннык хабааннаах кинигэ сүрэхтэммэтэҕин бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ бэлиэтээтилэр. Надежда маннык остуоруйа кинигэлэри элбэтэн, бүтүн сиэрийэ оҥорор былааннааҕа өссө үөрдэр. Кинигэ сыаната – 100 солк. («Корона» маҕаһыыннарга атыыланыаҕа).

Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА.

Читайте дальше