Сунтаар улууһун үөрэҕин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини бука барыгытын идэлээх бырааһынньыккытынан — Учуутал күнүнэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!
Учуутал күнэ – чахчы да, норуот бүттүүн бырааһынньыга. Бу күн биһиги учууталларга, педагогтарга сыралаах үлэлэрин, идэлэригэр бэриниилэрин иһин дириҥ ытыктабылбытын уонна махталбытын биллэрэбит.
Сунтаар оройуонун үөрэҕин тэрилтэлэрэ федеральнай, өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна муниципальнай бырагыраамалары олоххо киллэриигэ көхтөөхтүк кытталлар, аныгы үөрэх технологияларын баһылыыллар. Хас биирдии педагог улууспут бары үөрэнээччилэрин хаачыстыбалаах үөрэҕинэн хааччыйыыга, үүнэр көлүөнэни эт-хаан, өй-санаа, билии уонна духуобунай өттүнэн сайыннарыыга сыратын-сылбатын уурар.
Эдэр учууталларга үтүө холобур буолар педагогическай үлэ бэтэрээннэригэр сыалбытын-сорукпутун толорорго дьулуургут, элбэх ситиһиигит, сахалыы мындыр өйгүт-санааҕыт, үлэҕэ бэриниигит иһин барҕа махталбын тириэрдэбит.
Күндү учууталлары өссө төгүл Аан дойдутааҕы Учуутал күнүнэн эҕэрдэлиибит! Эһиэхэ барыгытыгар бигэ доруобуйаны, уһун дьоллоох олоҕу, айымньылаах үлэни, саҥа ситиһиилэри уонна үтүөнү-кэрэни баҕарабыт!
Борис Васильев, Сунтаар улууһун үөрэҕириитин управлениетын салайааччыта.