Бэйдиэ сылдьар ыт ахсаана бу күннэргэ ордук элбээбитэ нэһилиэнньэҕэ улахан кутталы үөскэттэ. Саамай сүрүн кыһалҕанан хаһаайыннаах элбэх ыт босхо сылдьара буолар. Ыты бас билээччилэр дьалаҕай, эппиэтинэһэ суох сыһыаннарыттан саастаах дьоҥҥо, оҕолорго ордук кутталланна. Ыттаах дьон ыттаргытын булгуччу баайаргытыгар, сөптөөхтүк көрөргүтүгэр, баар быраабылалары кытаанахтык тутуһаргытыгар ыҥырабыт. Оттон нэһилиэк олохтоохторо кыһалҕаны быһаарыыга бары көмө буолуохтара диэн эрэнэбит.
Өскөтүн босхо сылдьар ыт хаһаайынын билэр дьон Сунтаар нэһилиэгин дьаһалтатыгар 841135-22-103 эрийэн биллэрдэххитинэ, туһааннаах үлэһиттэр ыт хаһаайынын кытары өйдөтүү үлэтин ыытыллар. Ону сэргэ боротокуол толоруллан, ыстараап олохтонорун иһитиннэрэбит.
Ыттаргытын баайыҥ, эппиэтинэстээх буолуҥ!
«Сунтаар нэһилиэгэ» МТ дьаһалтата