Быйыл ахсыс төгүлүн тахсыбыт «Саха сирин кыһыл көмүс дьиэ кэргэннэрэ» Саха сирин кинигэтигэр биһиги Сунтаарбыт улууһуттан үс ытык-мааны ыал киирдэ. Олортон биирдэстэрэ, биһиги бүгүҥҥү хаһыаппыт ыалдьыттара ытык кырдьаҕастар, сэрии сылын оҕолоро, Сунтаар нэһилиэгин бочуоттаах олохтоохторо, «Ытык ыал» кинигэҕэ киирбит, “Ытык саас” бэлиэ хаһаайыннара Сунтаартан Дария Дмитриевна, Никифор Михайлович Ксенофонтовтар буолаллар. 65 сыл өйөһөн-өйдөһөн, эйэ дэмнээхтик, үлэлээн-хамсаан, төрүүр оҕону төлкөлөөн, оҕолорун дьоһун дьон гына иитэн-үөрэтэн таһаарбыт холобур буолар саха мааны ыала. Билигин иккиэн төһө да сааһырдаллар дьиэлэрин-уоттарын көрөн-истэн, бэрийэн, эн-мин дэһэн сүүс сүүстэриттэн өйөнсөн олороллор.
– Үтүө күнүнэн, Дария Дмитриевна, Никифор Михайлович, дьиэ кэргэҥҥитин, аан бастаан хайдах билсиһэн ыал буолбуккутун кэпсиэххит дуо?
Д.Д: – Биһиги Сунтаарга билсибиппит, кулуупка субуота аайы үҥкүү, дьуохар буолара, кафе үлэлиирэ, элбэх киһи, эдэр ыччат сөбүлээн мустар этэ. Онно дьуохар кэмигэр билсиспиппит. Онтон ыам ыйын 22 күнүгэр Ньукуолаҕа көрсүбүппүт. Мин Кириэстээхтэн киирбиппин истэн кэргэним Никифор Кутанаттан өрүс бара турар кэмигэр, муус бысталаммыт кэмигэр, ырбыыга атан турар мууска мас сиэрдийэтин быраҕан, далаһа ууран ыстаҥалаан Сунтаарга кэлбитэ. Ол онтон ыла билсэн 1958 с. бииргэ буоларга санаммыппыт. 4 оҕолонон, 7 сиэннээхпит, 5 хос сиэннээхпит. Ыал буолан баран Устьеҕа үлэлээн онно олорбуппут, онтон Сунтаарга көһөн киирбиппит. Манна киирэн Бартыһааҥҥа баар оҕо саадыгар ньээҥкэнэн үлэлии киирбитим. Онтон кэмбинээккэ дьиэбит чугаһыгар диэн “столяркаҕа” үлэлээбиппит. Мин арыы дьааһыга оҥорорум, кэргэним аах онно бэрэбинэ таһаллара, өр сылларга промкомбинакка суоппардаабыта. Ол кэннэ мин «Ньургуһун» оҕо саадыгар 29 сыл поварынан үлэлээбитим. Саха ыалын сиэринэн сүөһүлэнэн-астанан олорбуппут. Аан бастакы сүөһүбүтүн дьоммут биэрэн көмөлөспүттэрэ. Онтон саҕалаан 60-ча сыл сүөһү, сибиинньэ көрөн-харайан, хаһаайыстыбаланан олорбуппут. Саамай элбэҕэ 12 сүөһүлэнэ сылдьыбыттаахпыт. Сайынын от үлэтигэр бары бииргэ күргүөмнээхтик сылдьарбыт. Сүөһүлэрбит элбэҕэр оҕолорбутун батыһыннара сылдьан 12-15 тоннаны илиинэн оттуурбут. Билигин үүнээйи арааһын үүннэрэбит: оҕурсу, помидор, сүбүөкүлэ, перец, моркуоп, хортуоппуй. Айылҕаҕа сылдьарбытын олус сөбүлүүбүт, сайын аайы сир аһын арааһын астыыбыт. Отоннуубут, дьэдьэнниибит, сугуннуубут, аһылыкпытын бэйэбит хаһаанабыт. Оҕолорбут бары үөрэхтэнэн, үлэлэнэн, ыал буолан олохторун оҥостубуттара, бары номнуо биэнсийэлээхтэр. Биир оҕобут 3 сыллааҕыта суох буолбута. Билигин оҕолорбут күүс-көмө буолаллар, аспытын-үөлбүтүн атыылаһан аҕалан, күн аайы кэлэн көрсө-билсэ тураллар.
– Өр бииргэ ыал буолан, өйдөһөн-өйөһөн олоруу кистэлэҥэ туохха сытарый? Эдэр ыалга, оҕону иитиигэ тугу сүбэлиэ этигитий?
Д.Д: – Эдэр ыалга сүбэлиэ этибит, үлэлээҥ-хамнааҥ, дьоһуннаах, үтүө, мааны ыал буоларга дьулуһуҥ. Өйдөһөн-өйөһөн, эйэлээхтик, тапталгытын харыстаан олороргутугар баҕарабын.
Н.М: – Биир санаанан сылдьан, дьиэ ис-тас үлэтигэр дьахтар, эр киһи үлэтэ диэн араарбакка, барытыгар тэбис-тэҥҥэ сырыттахха барыта кыаллар, табыллар. Оҕону үлэҕэ уһуйан, батыһыннара сылдьан көрдөрөн, бэйэ холобурунан иитиллэр. Саамай сүрүнэ бэрээдэк, ирдэбил баар буолуохтаах. Үлэлээбитиҥ аһылык буоларын оҕоҕо өйдөтөн улаатыннарыллыахтаах. Доруобуйаларын көрүнэн, чөл олоҕу тутуһан, иҥэмтиэлээх аһы аһаан уһуннук, дьоллоохтук олороргутугар баҕарабын.
– Аҕам саастаах ытык дьоммут, кэпсээҥҥит иһин махтанабын. Чэгиэн-чэбдик туругу, этэҥҥэ буолууну баҕарабын.
Орто дойду олоҕор алаһа дьиэни тэринэн, туспа буруо таһааран, дьиэ кэргэн үтүө үгэстэрин тутуһан, көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ тиэрдэн, оҕолоруҥ дьоһун дьон буолан сылдьаллара, сирдээҕи олоҕу толору олороллоро төрөппүккэ ол – дьол.
Алена ИВАНОВА