Бүгүн, кулун тутар 29 күнүгэр, С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан УНАК мунньахтыыр саалатыгар Сунтаар улууһугар чинчийэр үлэнэн кэлбит гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар кыһалҕаларын институтун учуонайдарын бөлөҕө олохтоох кыраайы үөрэтээччилэри, история учууталларын, түмэл, бибилэтиэкэ үлэһиттэрин, нэһилиэктэр бэрэстэбиитэллэрин төгүрүк остуолга түмтэ.
Институт научнай-тэрийэр салаатын исписэлииһэ Изабелла Рожина Сунтаар улууһун дьаһалтатын кытта хас да хайысхаҕа үлэлэһэргэ институту кытта сөбүлэҥ түһэрсиллибитин, онтон биирдэстэрэ научнай кинигэни таһаарарга дуогабардаахтарын кэпсээтэ. Ол курдук, 2025 с. А.А. Саввин Чурапчыттан төрүттээх чинчийээччи 40-с сылларга Сунтаар улууһугар хомуйбут этнографическай, фольклорнай, тылга сыһыаннаах матырыйаалларынан кинигэ тахсаары бэлэмнэнэрин билиһиннэрдэ. Салгыы бөлөх манна кэлбит сүрүн соругун – «География сакральных мест Якутии» чинчийэр үлэтин – история билимин кандидата Наталия Данилова билиһиннэрдэ. Бу чинчийэр үлэ түмүгүнэн Саха сирин Ытык миэстэлэрин түмэр кинигэ тахсарын былаанныылларын эттэ. Учуонайдар бөлөхтөрө бу улахан бырайыактарын Бүлүү бөлөх улуустарын ытык сирдэрин чинчийээһинтэн саҕалыахтаахтар. Онно бастакынан Сунтаар улууһуттан чопчулуур дааннайдары хомуйан саҕалаан эрэллэр эбит. Бу киэҥ далааһыннаах үлэни ыытарга улуус кыраайы үөрэтээччилэрин, учууталларын, энтиузиастарын көхтөөхтүк кыттарга ыҥырдылар. Наталия Ксенофонтовна бу маннык Ытык миэстэлэри чопчулаан сурукка киллэрии сүрүн соругунан кэнэҕэһин маннык сирдэр сокуонунан көмүскэллээх буолалларын ситиһэргэ көмөлөөх буолуоҕун ааттаата. “Историческай суолталаах миэстэлэри харыстыырга сокуон өттүнэн көмүскэл наада”, — диэтэ. Ону тэҥэ этнокультурнай туризм сайдар кэмигэр географическай ыйынньык кэрэхсэнэр кэрэ-бэлиэ сирдэр суолталаналларыгар, сэттээх сирдэр тумнуллалларыгар тирэх буолуон эттэ. Дьоһун бырайыагы Сунтаартан саҕалыылларын: “Сунтаар саха дьонун өйдөбүлүгэр бэйэтэ – Ытык сир, Сунтаар – Олоҥхо дойдута, фольклор муҥутаан сайдыбыт сирэ диэн билэбит”, — диэн быһаарда. Маннык чинчийэр үлэҕэ кыраайы үөрэтээччилэр, учууталлар, үөрэнээччилэр олус көмөлөөх буолалларын кэпсээтэ. “Ытык сир туһунан дааннайы биэрэргэ хайаан да паспортизация оҥоһуллуохтаах. Онно бу сир туһунан үһүйээн (мифологическая биография), географията (локальное местонахождение) ыйыллыан наада”, — диэтэ. Ол кэннэ информацияны хомуйарга ирдэбиллэри билиһиннэрдилэр:
Бу сакральнай (Ытык) сирдэргэ киирэллэр: историческай суолталаах түгэннэр буолбут сирдэрэ, историяҕа биллэр-көстөр дьону кытта сыһыаннаах миэстэлэр, Ытык хайалар, күөллэр, айылҕа ураты кэрэ, Ыһыахтар ыһыллыбыт сирдэрэ, сэттээх сирдэр уо.д.а.
Информацияны биэрээччи хайаан да аата-суола, төрөөбүт сыла, информацияны ылбыт күнэ-дьыла ыйыллыахтаах. Салгыы сир аата, карта схемата, хаартыската, бу сир туһунан үһүйээн (хас баҕарар барыйаана буолуон сөп), информацияны хомуйааччы толору аата суруйуллар.
Маны таһынан олохтоох кыраайы үөрэтээччилэр, бу хайысхаҕа үлэлээбит билигин суох дьон аатын үйэтитэргэ үлэ барыахтааҕын санаттылар.
Бу бүгүн буолан ааспыт төгүрүк остуол тула мустубут улууспут сирин-уотун чинчийиигэ, үйэтитиигэ интэриэстээх дьон учуонайдары кытта атах тэпсэн олорон санааларын эттилэр, мунаарар ыйытыыларын биэрдилэр. Сэргэх кэпсэтии кэскиллээх үлэни ылсарга, бүттүүн көмөлөөн балаҕан ыйыгар диэри матырыйааллары хомуйууга биир сүбэнэн үлэлииргэ диэн үтүө тылларынан, институт үлэһиттэригэр махталынан түмүктэннэ.
Улуус баһылыгын солбуйааччы Гаврил Еремеев бу күннэргэ ыытыллар сүбэ-мунньахха бу үлэҕэ эппиэттээх куратор быһаарыллыаҕын, үлэлиир бөлөх тэриллиэҕин эттэ.
Марфа ИВАНОВА