Уһун Күөл нэһилиэгин ытык кырдьаҕаһа, үлэ, тыыл бэтэрээнэ Евдокия Данилова бу күннэргэ 90 сааһын бэлиэтээтэ.

Бу ытык саастаах кырдьаҕас киһи олох ыараханын тулуурдаахтык ааспыта. Евдокия Ивановна 1934 с. от ыйын 1 күнүгэр Арыылаах нэһилиэгин Кэҕэрииттэ учаастагар төрөөбүт. Аҕата Данилов Иван Иванович иккис ыҥырыыга түбэһэн сэриигэ барыан иннигэр нолуок сулууспатын агенынан үлэлээбит. Оттон ийэтэ Данилова Елена Михайловна колхуос ыарахан үлэтигэр сылдьыбыта. Евдокия бииргэ төрөөбүттэр үһүөлэр эбит. Икки оҕо сэрии ыар сылларыгар ыалдьан өлөөхтөөбүттэр.

Евдокия Ивановна: «Сэрии сылларыгар, турар-турбат үлэлиир кэмигэр, кыра сааспыттан оҕус сиэтэн, от мунньан, ынах этэрэлээн улааппытым. Оскуолаҕа хойут киирбитим. Бэһис кылааска үөрэнэрбэр убайым Иванов Петр Сергеевич Тойбохойго интэринээккэ олордубута. Кини көмөтүнэн Тойбохойго үөрэммитим. Кэлин сэрии бүппүтүн кэннэ ийэм кэргэннэммитэ, уол оҕоломмуттара. Быраатым Никифоров Николай Васильевич Уһун Күөлгэ олорор. Элбэх оҕо аҕата, сиэн эһэтэ», — диэн оччотооҕу сыллары санаан ааһар.

Олоҕун аргыһа Гаврил Николаевич Саввинов эдэр сааһыгар ыалдьан күн сириттэн барбыт. Алта оҕолоох ийэ «оҕолорум тустарыгар» диэн эр санаатын ылынан, кырачааннарын иитээри араас үлэҕэ барытыгар сыстан үлэлиир. Колхуоска ыанньыксыттыыр даҕаны. Кэлин, оҕолор борбуйдарын көтөхпүттэрин кэннэ, оскуолаҕа повардыыр, маҕаһыыҥҥа атыыһыттыыр. Өр сылларга интэринээккэ түүҥҥү ньээҥкэнэн эҥкилэ суох үлэлиир. Ол саҕана Арыылаахха интэринээккэ Маар Күөлтэн, Дьаархантан, Аллыҥаттан элбэх оҕо кэлэн олорон үөрэнэр этэ. «Кэлин ол оҕолор улаатан баран миэхэ сылдьан, көрсөн ааһаллар, онтон мин, кырдьаҕас киһи, үөрэбин эрэ», — диир.

«Төрөппүт оҕолорум үөрэхтэнэн, идэлээх, үлэһит дьон буоллулар. Улахан кыыс Тамара Гаврильевна математика учуутала, РФ уопсай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, СР үөрэҕириитин туйгуна, үөрэҕирии салаатыгар иниспиэктэринэн, 12 сыл оскуола дириэктэринэн үлэлээбитэ. Робинзон Гаврильевич Бүлүү куоратыгар олорор, физкультура учуутала, СӨ үөрэҕириитин туйгуна. Николай Гаврильевич «Суһал көмө» суоппарынан үтүө суобастаахтык үлэлиир. Элбэх грамота хаһаайына. Кыра уол Егор Гаврильевич ОДьКХ бэтэрээн үлэһитэ. Нэһилиэк уопсастыбаннай олоҕор көхтөөх кыттар. Сиэннэр бары үрдүк үөрэхтэнэн эрэллэр. Саамай кыра сиэним быйыл 10-с кылааһы бүтэрдэ. Хос сиэннэр туйгун үөрэхтээх дьон. Улахан хос сиэн успуорду өрө тутар, ох саанан ытыыга дьарыктанар. Өрөспүүбүлүкэҕэ буолар күрэхтэһиилэргэ кыттар. Бары да олус үчүгэйдик ыллыыллар, үҥкүүлүүллэр. Өссө да хос сиэннэр кэлэ туруохтара буоллаҕа» , — диэн кырдьаҕас ийэ, эбэ оҕолорун, сиэннэрин тустарынан киэн тутта кэпсиир.

Дьэ, бу курдук, оҕолорун, сиэннэрин ситиһиилэринэн дьоллонон, кинилэр истиҥ кыһамньыларыгар, сылаас тапталларыгар угуттанан Евдокия Ивановна 90 сааһын көрсөр. Өссө да чэгиэнник, доруобайдык сылдьан бар дьоҥҥор сүбэ-ама буолан, кинилэр сылаас сыһыаннарынан этэҥҥэ олор дуу, Ытык саастаах кырдьаҕаспыт.

Бу күннэргэ нэһилиэк баһылыга Иван Игнатьев Евдокия Ивановнаны Ытык сааһынан истиҥник эҕэрдэлээтэ, сибэкки дьөрбөтүн, сэмэй бэлэхтэри туттарда.

Яина ВЛАСЬЕВА

Читайте дальше