Үтүө санаанан кынаттанан

Чороон саха сүрэ-кута,
Култууратын чыпчаала,
Үйэлэргэ сомоҕолуур тускула,
Үс саха кэскилин кэрэһитэ,
Саха норуотун сүппэт бэлиэтэ.
(Афанасий Лопатин, Таатта)

Киһи бу Орто дойдуга кыраттан сэмээр астына уонна махтана сырыттаҕына санаабыт санаата кэмигэр сатанар курдук эбит.
Ол иһин бу балаҕан ыйын 18 күнүгэр сарсыарда САҤА КҮҤҤЭ «ӨБҮГЭ ЧОРООНО» диэн ырыабыт клибин бар дьон иннигэр таһаарбыт үөрүүбүтүгэр махтанан суруйуум.
Маннык диэн кэпсээтэххэ, клип оҥоруута үлэлээх уонна элбэх үбү эрэйэр. Ону хас да клиппин Сунтаарым улууһун култуурата, дьаһалтата, бэйэбиттэн биир да харчыны көрдөөбөккө, ис сүрэхтэн оҥорбуттара. Холобура: «Отуу уота», «Чох хара харахтарыҥ», «Сэбирдэх түһүөҕүн иннинэ» уонна «Сылаас салгын».
Оттон, дьэ бу, Олимпиада Спиридонова тылларыгар уонна Гаврил Пахомов мелодиятыгар «Өбүгэ Чорооно» ырыаны Гаврил Гаврильевич Вырдылин салайааччылаах Тааттатааҕы норуот айымньытын дьиэтэ мин баҕа санаам хоту барытын тэрийэн, оҥорон , уһулан биэрдилэр. Табаарыспар Гаврил Гаврильевичка, устубут уолбар Степан Атастыырапка уонна Баайаҕаларга, Борис Федорович Неустроев-Мандар Уус дьиэ кэргэнигэр, бары кыттыспыт улахан уустарбытыгар уонна Сунтаарбыттан чуһуурбаҕа оонньуур уонна бу дьикти үчүгэй тыаһы таһаарар инструмеммытын бэйэтэ оҥорор ыччаппытыгар Дмитрий Поповка, устан ыыппыт Радомир Сергеевкэ, ырыам хоһоонун суруйбут Олимпиада Спиридоноваҕа, мелодиспар Гаврил Пахомовка түгэнинэн туһанан барыларыгар махталбын ыытабын.
Былыргы өбүгэлэрбититтэн саҕалаан туттар иһиппит, үтүөнү, дьолу-соргуну түстүүр биир сүдү ымыылаах чорооммут үйэлэргэ сүппэтин курдук ис хоһоонун барытын кэриэтэ үөрэппит, тарҕаппыт ытык киһибит Мандар Уус бу сарсыарда эргиччи үлэлэспит дьоҥҥо барыларыгар махталын ыытта уонна «айар-тутар дьон айыы дьоно буолаҕыт» диэн ис сүрэҕиттэн алгыһын эттэ.
Бу ытыктыыр, сүгүрүйэр киһибит Мандар Уус курдук кэскилбит, кэнчээрибит туһугар үтүө санаа кынаттаах уустук кэмҥэ бары түмсүүлээх уонна эйэлээх олоҕу түстээҥ, үчүгэйи ыралааҥ, өбүгэлэри кэриэстээҥ, махталынан, тапталынан ылынан баран иһиэҕиҥ диэн улахан эбэ кытылыгар олорон эрэ суруйбут махтал сурукпун түмүктүүм.

СИЭЙЭ УОЛА — АЙЫЛЛЫАТА ДЬЫРЫЛЫАТ, 18.09.23 с. Өлүөнэ эбэ кытыла.

Читайте дальше