С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан норуот айымньытын киинигэр ааспыт субуотаҕа улуус дьаһалтатын көҕүлээһининэн “Үтүө санаа кыната” аһымал кэнсиэр буолла. Бэйэбит олохтоох талааннаах дьоммут тыыннаах музыка («Хаһыы» рок-бөлөх) доҕуһуолунан толорбут ырыаларын-тойуктарын уораҕай саалатын толору киһилээх иһиттибит, көрдүбүт. Ол курдук, сүрдээх истиҥ кэнсиэринэн уораҕайдар уһун сынньалаҥ кэнниттэн сезоннарын астылар.
Кэнсиэртэн киирбит үп Тэҥкэ нэһилиэгин баһылыгар, нэһилиэгин сайдыытыгар үгүс билиитин-сатабылынан ууран үлэлиир Светлана Игнатьеваҕа көмө быһыытынан барар. Бу тэриллибит кэнсиэркэ дьон тоҕуоруһа мустубута элбэҕи этэр. Ол курдук, элбэх оҕо ийэтэ, улахан дьиэ кэргэн хаһаайката Светлана Николаевна үтүөрэн кэлэригэр улуус бары олохтоохторо көмөбүтүн ууран, кыра да буоллар, сэмэй кылааппытын киллэрсэн, үтүө дьыаланы оҥоруубут буолар. Кэнсиэр кэмигэр улуус 33 тэрилтэтэ Светлана Игнатьева ыарахан ыарыыны кыайан, доруобуйата тупсан, чугас дьонун, оҕолорун ортотугар кэлэн үөрэ-көтө сылдьарыгар истиҥ баҕа санааларын этэн туран эрдэттэн бэлэмнэниллибит аһымал дьааһыгар көмөлөрүн уктулар.
Онон бу күннээҕи көмө уопсай суумата 819 тыһ. солк. тахса буолла. Маны сэргэ сэтинньи 11 күнүгэр диэри маҕаһыыннарга аһымал аахсыйатын дьааһыга турар. Манна кыттыһыан баҕалаахтар бэйэлэрин көмөлөрүн угуохтарын сөп.
“Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ” диэн өбүгэлэрбит мээнэҕэ эппэтэхтэрэ буолуо, доҕоттоор.
Яина ВЛАСЬЕВА