Кыаммат уонна инбэлиит дьону Кырдьаҕастар дьиэлэригэр буолбакка, көрө-истэ ылар ыалга олордуу – бу үтүө түмүктээх ньыма. Кэнники кэмҥэ судаарыстыба маннык ньыманы кэҥэтэн, элбэтэн эрэр.
2013 сыллаахха “Об организации приемных семей для пожилого возраста Республики Саха (Якутия)” диэн сокуон тахсыбыта. Бу сокуоҥҥа олоҕуран “Приемная семья для пожилых” диэн бырагыраама үлэлээн барбыта.
Оттон 2020 сыллаахха уларыйбыт сокуонунан эбии соҕотох олорор инбэлииттэри дьиэ кэргэн ылан бииргэ олорор буолбуттара. Бу сокуон соҕотох хаалбыт, сатаан кыанан олорбот кырдьаҕас дьоҥҥо олохторун хаачыстыбата үрдүүрүгэр, өр көрүүлээх-истиилээх дьиэ кэргэҥҥэ киирэн олороллоругар чопчу ананан оҥоһуллубута.
Приемнай дьиэ кэргэҥҥэ икки өртүттэн – ыал уонна соҕотох кырдьаҕас бииргэ олоруохпут диэн бигэтик толкуйданан баран социальнай харысхал управлениетыгар сайабылыанньа суруйаллар. Онно сүрүн ирдэбиллэринэн бу дьон аймахтыы буолуо суохтаахтар, дьиэҕэ олорор хас биирдии киһи бу кырдьаҕаһы биһиги дьиэ кэргэммитигэр ыларга сөбүлэһэбит диэн суруйаллар. Ону сэргэ олордо ылар киһи дохуотунааҕар приемнай дьиэ кэргэн дохуота үрдүк, олорор дьиэлэрэ киэҥ-куоҥ, бары ирдэбиллэргэ эппиэттиир буолуохтаах. Манна даҕатан эттэххэ, кырдьаҕас, инбэлиит киһи бэйэтэ бас билэр дьиэлээх буолуон сөп, онно бииргэ олорсон эмиэ көрүөххэ сөп.
Биһиги улууспутугар 14 кырдьаҕаһы 13 дьиэ кэргэн ылан, иитэн, кинилэргэ сылаас сыһыаны биэрэр, оҕону, сиэни солбуйан дьоллууллар.
Олортон биирдэстэрэ Иван Иванович уонна Нальзина Григорьевна Аммосовтар буолаллар. Иван Ивановиһы улууска билбэт киһи суох буолуохтаах. Кини киэҥ сирдэринэн, дойдуларынан, куораттарынан сылдьан ылбаҕай ырыатынан дьон кутун туппут биир бастыҥ киһибит буолар. Ырыа куттаах киһи биллэн турар, ыраас, уйан дууһалаах буолар. Аһыныгас сүрэхтээх, дьоҥҥо үөрүүнү-көтүүнү бэлэхтиир, кэрэни эрэ кэрэһэлиир Иван Иванович урукку сылларга биир тэрилтэҕэ эн-мин дэһэн үлэлии сылдьыбыт Николай Коноилов диэн кырдьаҕаһы бэйэтин дьиэ кэргэнигэр сыһыаран биир иллээх ыал буолан олороллор. Дьиэлээхтэр да “ыарыыта суох” эһээлэрин олус сөбүлүүллэр, ытыгылыыллар.
Туох санааттан бу олох туспа-туора киһини ылан олортуҥ, кини туһугар сүрэхтиин-быардыын ыарыйдыҥ диэн эмиэ да олуона, эмиэ да соһуччу соҕус ыйытыы биэрбиппэр Иван Иванович маннык диир:
– Биһиги олохпутугар хомойуох иһин киһи барыта дьиэ кэргэҥҥэ олорбот, иитиллибэт. Сорохтор олох араас очурдарыгар оҕустаран, сорохтор эдэр сылдьан оҕону-урууну, ойоҕу-эри үлэнэн солбуйа сылдьаннар алаһа дьиэ тэриммэккэ хаалаллар. Оттон сааһырар кэмнэригэр биирдэ өйдөөбүттэрэ — бу күн сиригэр чороҥ соҕотох тураллар. Ол кинилэр буруйдара буолбатах. Дьылҕа Хаан диэн эмиэ баар ээ. Мин урут-уруккуттан кырдьаҕаһы, кыамматы олус аһынабын, кинилэргэ саатар туох эрэ кыраны да көмөлөһөн, кинилэр сиэрэй олохторун киэргэппит киһи диэн санаалаах этим.
Бу кэлин приемнай дьиэ кэргэн диэн сокуон тахсан, Николай Афанасьевиһы сааһырар, кыаммат буолар түбэлтэтигэр бэйэбит көрүөхпүт, киниэхэ сылаас сыһыаммытын биэриэхпит диэн бигэ санаа ылынан приемнай дьиэ кэргэн буолбуппут. Манна биһиги кинини судаарыстыба биэрэр босуобуйатын иһин иитэ диэн ылбатах киһибит. Николай Афанасьевичтыын мин биир тэрилтэҕэ үлэлээбитим. Онно кини соҕотох сылдьарын иһин бэйэбэр ылан олордубутум. Сүрдээх бүгүрү үлэһит киһи. Кини да, биһиги да бэйэ-бэйэбитигэр убансан, үөрэнсэн хаалбыппыт. Онон төһө да хаан-уруу аймахтыы буолбатахтарбыт иһин чугас аймахтыы курдукпут.
Николай Афанасьевич:
– Мин урут эдэр сылдьан «Агроснаб» тэрилтэтигэр суоппардаабытым. Иван Ивановичтыын ол саҕаттан билсэбит, доҕордоһобут. Бэйэм Дьаархантан төрүттээхпин. Эдэр сылдьан дьиэ-уот тэриммэккэ соҕотох сааһыран хааллым. Онон, эдэр дьоҥҥо үлэ быыһыгар инники олоххутун эмиэ толкуйдаан, тапталлааххытын көрсөн ыал буолуҥ диэн этиэм этэ. Хата мин дьолбор, Аммосовтар дьиэ кэргэн бэйэлэригэр сыһыаран илдьэ олорон баччаҕа диэри соҕотохсуйуу диэни билбэккэ олоробун. Күндү дьонум этэҥҥэ эрэ буолуҥ.