«Үтүө киһи, үтүөкэн үлэһит»

Улууска үөрэҕирии управлениетын начальнигынан, улуус баһылыгынан таһаарыылаахтык үлэлээбит, ол кэнниттэн өрөспүүбүлүкэ үрдүкү салайар аппараатыгар үлэлээбит, билигин Жатайдааҕы техникумҥа дириэктэрдии сылдьар биир дойдулаахпыт Владимир Тихонов бу саас 60 сааһын томтойо туолбутун чугас, ыкса сибээстээхтик үлэлиир дьонун кытта үөрүүлээхтик бэлиэтээбитэ.

Бүгүн биҺиги хаһыаппытыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээ­тэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков Владимир Иванович Тихонов туһунан истиҥ тыллаах суруйуутун таһаарабыт.
Владимир Иванович Тихонов олоҕо 60-с-70-с сыллааҕы көлүөнэ саха ыччатын олоҕун суолуттан туох даҕаны уратыта суох саҕаламмыта. Төрөөбүт нэһилиэгин оскуолатыгар үөрэммитэ, ол сиргэ сопхуоска үлэлээбитэ, онтон Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр ыҥырыллан, дойдутун иннигэр ытык иэһин толорбута.
Ол кэнниттэн үрдүк үөрэххэ үөрэнэ киирбитэ. Кини олоҕун аартыга оннук саҕаламмыта. Ол аартык ардыгар эндирдээх, эриирдээх-моһоллоох да буоллар, Владимир Иванович туһугар анаан алгыстаах курдук буолбута. Үлэһит, үтүө киһи суола.
Идэлээх үлэһит буолуоҕуттан Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар Хорообут, Томтор, Майа оскуолаларын учууталыттан, дириэктэриттэн саҕалаан төрөөбүт Сунтаарын улууһун дьаһалтатын баһылыгар, СӨ култууратын уонна үөрэҕин эйгэтин сирэй салайааччытыгар тиийэ үлэлээн-хамсаан кэллэ.
Туспа суоллаах-иистээх, дьоҥҥо-сэргэҕэ биһирэнэр гына үлэлээтэ. Мэҥэ-Хаҥаластан төрөөбүт Сунтаарыгар үлэҕэ ыҥырыллан барарыгар Ытык Мэҥэ дьоно-сэргэтэ махтана хаалбыта, Сунтаартан өрөспүүбүлүкэҕэ култуура миниистиринэн ананан барарыгар биир дойдулаахтара махтана, алҕыы хаалбыттара.
Култуура миниистириттэн Саха сирин үөрэҕин салайааччытынан анаммытыгар бүтүн өрөспүүбүлүкэ култууратын үлэһиттэрэ эмиэ махтана, сайыһа хаалбыттара.


Владимир Иванович 2007 с. Сунтаар улууһун баһылыгынан талыллыытыгар Саха сирэ 2006-2020 сс. диэри социальнай-экономическай сайдар бырагыраамата Арассыыйа Бырабыыталыстыбатын уурааҕынан бигэргэнэн ылыныллыбыта. Бэрэсидьиэн В.А. Штыров саҕана өрөспүүбүлүкэҕэ баараҕай тутуулар саҕаламмыттара, олох үгүс эйгэтигэр улахан сэргэхсийии тахсыбыта. Владимир Иванович ити хамсааһын үгэнниир кэмигэр өрөспүүбүлүкэ биир бөдөҥ улууһун баһылыгынан үлэлээбитэ, төрөөбүт улууһугар улахан туһаны, көмөнү оҥорбута.
Салгыы, Ил Дархан Егор Борисов дьаһалынан, Владимир Иванович 2014-2018 сс. СӨ култууратын миниистиринэн ананан үлэлээбитэ. Бу дуоһунаска кини иннинэ үлэлээбит Андрей Борисов кэнниттэн үлэлиир балай да уустук буолуохтааҕа. Ол гынан баран, Владимир Иванович бэйэтин анал суолун түргэнник тобулбута.
Кини сүрүн болҕомтотун тыа сиригэр, тыа сиригэр үлэлиир култуура тэрилтэлэрин өйөөһүҥҥэ туһаайбыта. Бу олус сөптөөх уонна кэмигэр дьаһаныы этэ. Тыа сиригэр, норуот, омук үгэһэ сөҥөн, хараллан сытар сиригэр улахан болҕомто ууруллубута. Кулууптар, култуура дьиэлэрэ тутуллубуттара, сөргүтүллүбүттэрэ, култуура үлэһиттэригэр көмө, өйөбүл, болҕомто биллэрдик улааппыта, үлэ-хамнас лаппа сэргэхсийбитэ. Саҥа миниистир ылынар дьаһалларын тыа сирин култууратын үлэһиттэрэ, улуустар баһылыктара бэлиэтээбиттэрэ, өйөөбүттэрэ. Үгүстэн биир холобуру эттэххэ, аҥаардас ити кэмнээҕи улахан тутуулартан Ньурба театрын тутуутун миниистир Владимир Тихонов тус көҕүлэһэн, бырайыактарын сөргүтэн тутууну саҕалаттарбыта. Итинтэн да атын улахан тутуулары тыа сиригэр саҕалааһыҥҥа Владимир Иванович күүскэ үлэлэспитэ. Ити – сөптөөх, кэскиллээх, үйэлээх хамсаныылар.
Владимир Иванович Саха академическай, профессиональнай искусствота сайдарыгар эмиэ болҕомтолоохтук сыһыаннаспыта. Чуолаан, кини салалтатынан, 2015 с. Саха опера театрын 200-тэн тахса кыттааччылаах айар бөлөҕө Кытай өрөспүүбүлүкэтигэр тиийэн, Пекин куоракка икки испэктээкили туруорбута. Бу улахан ситиһии этэ. Салгыы, саха театральнай искусствотын историятыгар аан бастаан 2016 с. С.А. Сюльскай салайааччылаах опера тыйаатырын сүрүн труппата Москваҕа Улахан (Большой) театр историческай саалатыгар, Минскэйгэ Белоруссия оператын Улахан саалатыгар, онтон салгыы Калининградынан, Прибалтиканан «Евразийские театральные гастроли Якутии» диэни тэрийэн, улахан ситиһиилээхтик сыл­дьан кэлбиттэрэ. Саха сирин театрдарын артыыстарын, училище оҕолоруттан саҕалаан сүрүн солистарга тиийэ Европа, Кытай, Корея, Япония тыйаатырдарыгар, консерваторияларыгар хас да төгүл таһаарталаабыта. Бу дойдулары кытта өр сыллаах айар сибээстэри олохтообута. Ити ковид уонна санкциялар иннилэринэ. Владимир Иванович итинник үлэлээбитэ.
Үөрэх министиэристибэтигэр кэлэн, оччолорго бу тыын тэрилтэ миниистирдэрэ кыайан оннуларын булбакка, биэс сыл иһигэр түөрт миниистир уларыйар кэмигэр, Владимир Иванович Өрөспүүбүлүкэ үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтэ харгыһа, иҥнигэһэ суох үлэлиирин, субу-субу хатыланар уларыйыылар-тэлэрийиилэр өрөспүүбүлүкэ үөрэҕин ситимигэр охсуута суох буолалларын туһугар үлэлээбитэ. Онуоха Владимир Иванович бу эйгэни бэйэтэ төрдүттэн билэр, үөрэх эйгэтигэр биллэр, бу эйгэ ылынар салайааччыта буолан итини ситиспитэ.
Владимир Иванович биһикки бииргэ үлэбит туһунан этэр буоллахха, кини култуура миниистиринэн олорон Верхоянскай, Бүлүү, Алдан, Нам улуустарыгар Олоҥхо ыһыахтарын тэрийсэн ыыппыта. Саха историятыгар сөҕүрүйбэт улахан суолталаах «Материальная и духовная культура народов Якутии в музеях мира» диэн улахан бырайыагы өйөөн, ол кинигэлэр Америка уонна Германия мусуойдарыгар аналлаах бастакы уонна иккис туомнара Владимир Иванович миниистиринэн үлэлиир кэмигэр тахсыбыттара. Онтон да атын саҕалааһыннарга барытыгар, ити кэмҥэ мин Ил Түмэҥҥэ, кини өрөспүүбүлүкэ култууратын уонна үөрэҕин министиэристибэлэрин салайааччытын быһыытынан биир санаанан бииргэ үлэлээбиппит. Ити туһугар Владимир Иванович, эйиэхэ чугас дьонуҥ-сэргэҥ иннигэр бэйэм махталбын тириэрдэбин.
Ытыктабыллаах Владимир Иванович, дьонуҥ-сэргэҥ иннигэр дьулуурдаах уонна ситиһиилээх үлэһит, үтүө санаалаах, чиҥ тирэхтээх киһи быһыытынан биллэҕин, иллээх-эйэлээх улахан дьиэ кэргэн аҕа баһылыга буолаҕын. Олоҕуҥ аргыһа Альбина Вадимовналыын оҕолоргут, ыччаттаргыт алҕаабыт курдук үтүөкэн дьон буоллуннар диэн эһиэхэ алгыс тылларын этэбин. Оннук буола турдун!

Александр Жирков,
Дьокуускай.
2024 с., балаҕан ыйын 7 к.

култууратын лэ иттэрэ, улуустар ба ылыктара бэлиэтээбиттэрэ, й б ттэрэ. г стэн биирү һ һ ө өө ү Ү ү
холобуру эттэххэ, а аардас ити кэмнээ и улахан тутуулартан Ньурба театрын тутуутун миниистирҥ ҕ
Владимир Тихонов тус к лэ эн, бырайыактарын с рг тэн тутууну са алаттарбыта. Итинтэн даөҕү һ ө ү ҕ
атын улахан тутуулары тыа сиригэр са алаа ы а Владимир Иванович к скэ лэлэспитэ. Ити –ҕ һ ҥҥ үү ү
с пт х, кэскиллээх, йэлээх хамсаныылар.ө өө ү
Владимир Иванович Саха академическай, профессиональнай искусствота сайдарыгар эмиэ
бол омтолоохтук сы ыаннаспыта. Чуолаан, кини салалтатынан, 2015 с. Саха опера театрын 200-тэнҕ һ
тахса кыттааччылаах айар б л Кытай р сп б л кэтигэр тиийэн, Пекин куоракка иккиө өҕө ө ө үү ү ү
испэктээкили туруорбута. Бу улахан сити ии этэ. Салгыы, саха театральнай искусствотынһ
историятыгар аан бастаан 2016 с. С.А. Сюльскай салайааччылаах опера тыйаатырын с р н труппатаү ү
Москва а Улахан (Большой) театр историческай саалатыгар, Минскэйгэ Белоруссия оператынҕ
Улахан саалатыгар, онтон салгыы Калининградынан, Прибалтиканан «Евразийские театральные
гастроли Якутии» диэни тэрийэн, улахан сити иилээхтик сылһ дьан кэлбиттэрэ. Саха сирин
театрдарын артыыстарын, училище о олоруттан са алаан с р н солистарга тиийэ Европа, Кытай,ҕ ҕ ү ү
Корея, Япония тыйаатырдарыгар, консерваторияларыгар хас да т г л та аарталаабыта. Буө ү һ
дойдулары кытта р сыллаах айар сибээстэри олохтообута. Ити ковид уонна санкцияларө
иннилэринэ. Владимир Иванович итинник лэлээбитэ.ү
рэх министиэристибэтигэр кэлэн, оччолорго бу тыын тэрилтэ миниистирдэрэ кыайан оннуларынҮө
булбакка, биэс сыл и игэр т рт миниистир уларыйар кэмигэр, Владимир Ивановичһ үө
р сп б л кэ рэ ин уонна наукатын министиэристибэтэ харгы а, и нигэ э суох лэлиирин,Ө ө үү ү ү үө ҕ һ ҥ һ ү
субу-субу хатыланар уларыйыылар-тэлэрийиилэр р сп б л кэ рэ ин ситимигэр охсуута суохө ө үү ү ү үө ҕ
буолалларын ту угар лэлээбитэ. Онуоха Владимир Иванович бу эйгэни бэйэтэ т рд ттэн билэр,һ ү ө ү
рэх эйгэтигэр биллэр, бу эйгэ ылынар салайааччыта буолан итини ситиспитэ.үө
Владимир Иванович би икки бииргэ лэбит ту унан этэр буоллахха, кини култуура миниистиринэнһ ү һ
олорон Верхоянскай, Б л , Алдан, Нам улуустарыгар Оло хо ы ыахтарын тэрийсэн ыыппыта.ү үү ҥ һ
Саха историятыгар с р йбэт улахан суолталаах «Материальная и духовная культура народовөҕү ү
Якутии в музеях мира» диэн улахан бырайыагы й н, ол кинигэлэр Америка уонна Германияө өө
мусуойдарыгар аналлаах бастакы уонна иккис туомнара Владимир Иванович миниистиринэн
лэлиир кэмигэр тахсыбыттара. Онтон да атын са алаа ыннарга барытыгар, ити кэм э мин Илү ҕ һ ҥ
Т мэ э, кини р сп б л кэ култууратын уонна рэ ин министиэристибэлэрин салайааччытынү ҥҥ ө ө үү ү ү үө ҕ
бы ыытынан биир санаанан бииргэ лэлээбиппит. Ити ту угар Владимир Иванович, эйиэхэ чугасһ ү һ
дьону -сэргэ иннигэр бэйэм махталбын тириэрдэбин.ҥ ҥ
Ытыктабыллаах Владимир Иванович, дьону -сэргэ иннигэр дьулуурдаах уонна сити иилээхҥ ҥ һ
лэ ит, т санаалаах, чи тирэхтээх ки и бы ыытынан биллэ ин, иллээх-эйэлээх улахан дьиэү һ ү үө ҥ һ һ ҕ
кэргэн а а ба ылыга буола ын. Оло у аргы а Альбина Вадимовналыын о олоргут, ыччаттаргытҕ һ ҕ ҕ ҥ һ ҕ
ал аабыт курдук т кэн дьон буоллуннар диэн э иэхэ алгыс тылларын этэбин. Оннук буолаҕ ү үө һ
турдун!
Александр Жирков,
Дьокуускай.
2024 с., бала ан ыйын 7 к.ҕ

“Этэ э эргиллэн кэллиннэр”ҥҥ
Мира АФАНАСЬЕВА
Мира АФАНАСЬЕВА

Читайте дальше