Үтүө киһи үлэтин суола-ииһэ сүппэт

Быйыл Алдан куорат төрүттэммитэ 100 сылын өрөспүүбүлүкэ  үөрүүлээх быһыыга-майгыга бэлиэтээтэ. Лоп курдук биир үйэ тухары үүммүт-сайдыбыт өрөспүүбүлүкэбит биир улахан куоратын историята Саха сиригэр көмүһү хостооһун бырамыысыланнаһа сайдыытын кытта ыкса ситимнээх.  30-с сылларга Алдаҥҥа көмүһү хостуур “Якутзолотопродснаб» тэрилтэ үлэлээбитэ. Манна үлэлээбит үгүс дьонтон биирдэстэрэ биир дойдулаахпыт Александр Дмитриевич Попов буолар. Ол курдук, кини 1933 сылтан 1938 сылга диэри Алдан куоракка “Якутзолотопродснаб» управляющайын солбуйааччытынан үлэлээбитэ.

Бу ыстатыйаҕа Сунтаар биир чаҕылхай ыччата, политическай репрессия сиэртибэтэ буолбут Попов Александр Дмитриевич туһунан ахтан ааһыаҕы баҕарыллар. Д.Попов, Н.Сергеев  оройуоннааҕы «Ильич уоттара» хаһыакка 1966 сыл кулун тутар 12 күнүгэр суруйбут чахчылара, биир дойдулаахпыт Иван Николаев Иван Ушницкайдыын суруйбут “Центральное дело”диэн кинигэтэ   уонна тус бэйэм Национальнай архыып фондатыттан, аймахтарыттан  булбут матырыйаалларым бу киһи олоҕун, ыарахан дьылҕатын арыйарга көмө буоллулар.

Александр Дмитриевич Попов 1896 сыл  ыам ыйыгар Хочо улууһугар Наахара Хомустааҕар Дмитрий Васильевич Попов диэн сэниэ ыалга төрөөбүтэ.  Тойбохой таҥаратын дьиэтин оскуолатыгар үөрэммитэ. Ол кэннэ 4 кылаастаах  куорат училищетын, онтон 1914 сыллаахха икки сыллаах педагогическай кууруһу бүтэрэн баран, 1916 сылтан бэйэтэ үөрэммит Тойбохойун оскуолатыгар учууталлаабыта. Ити кэмҥэ кини Попов Ипатий Яковлевичтыын, Еремеев Яков Н. түспүт хаартыскатын   Изабелла Ильинична Попова альбомугар көрүөххэ сөп.

1917 сыл алтынньытыттан 1923 сылга диэри земскэй управаҕа, кооперацияҕа үлэлээбитэ Национальнай архыыпка харалла сытар анкеталарыттан  көстөр.

Билигин повстанчество (уруккута бандьыыттааһын) диэн ааттанар кэрдиис кэмҥэ, 1922 сыллаахха, И.Я. Строд Сунтаарга П.Т. Павлов үрүҥ этэрээтин бэриннэрэр туһунан кэпсэтиитигэр кыһыл этэрээттэн парламентер быһыытынан сылдьыспыта биллэр. Национальнай архыып үлэһитэ биир дойдулаахпыт А.А. Борисова “Из истории повстанческого движения в Хочинском улусе” диэн үлэтигэр  “Вилюйскому окружному исполкому от Хочинского волревкома” диэн дакылаат киллэриллибит. Ити докумуон икки киһи илии баттааһыннаах: Хочо улууһун ревкомун бэрэссэдээтэлэ П.Расторгуев уонна ревком чилиэнэ А.Попов. Буочарыттан сылыктаатахха (толорбут анкеталарын кытта тэҥнээн), ити дакылааты А.Д. Попов суруйбута көстөр.

Бүлүү уокуругар норуот үөрэҕириитин участковай инструкторынан (иниспиэктэринэн) үлэлиир кэмигэр кини көрүүтүгэр-истиитигэр сылдьар Сунтаар уонна Хочо улуустарын оскуолалара ыарахан туруктарын, учуутал тиийбэтин, оскуола дьиэлэрэ эргэтин инструктор Попов үөрэх уонна култуура үлэһиттэрин съеһигэр анаан 1922 с. суруйбут дакылаатыттан ааҕыахха сөп. Бу дакылаакка Александр Дмитриевич ити ыарахан туруктан тахсар суолу тобула сатаабыта көстөр.

Александр Дмитриевич учууталлар ортолоругар улахан авторитетынан туһанара. Кини быһаччы тэрийиитинэн Бүлүү куоратыгар Бүлүү уокуругун учууталларын бастакы съеһэ буолбута. Ити съезкэ “Норуот үөрэҕириитин үлэһиттэрэ сэбиэскэй былааска хайдах сыһыаннаһыахтаахтарын туһунан” сүнкэн суолталаах боппуруос дьүүллэһиллибитэ. Үөрэх-сайдыы туһугар быстах бириэмэҕэ, былаас оннун-тойун булуор диэри, учууталлар хамнаһа суох үлэлииллэрэ ситиһиллибитэ.

Сэбиэскэй былаас уорганнарыгар талыллан 1923 сылтан үлэлээбитин бэйэтэ Бүлүү уокуругун ситэриилээх кэмитиэтин президиумун чилиэнин быһыытынан толорбут личнэй карточката туоһулуур. Ити кэмҥэ кини баара-суоҕа 27 саастааҕа, партията суох, идэтинэн учуутал, 58 солкуобай хамнастаах эбит.

Попов А. Д. 1924-1925 сылларга Ис дьыала Саха сиринээҕи наркоматын уонна Якутторг Иркутскай уобалаһынааҕы боломуочунайа, 1925-1926 сылларга Москваҕа Саха сирин бэрэстэбиитэлистибэтигэр салайар үлэһит, 1927 сыллаахха Саха сиригэр Наркомторг ревизкомун бэрэссэдээтэлэ, 1928-1929 сс. – Якутторг  Москватааҕы хонтуоратын үлэһитэ, 1929-1931сс. – Якутторг Иркутскайдааҕы хонтуоратын сэбиэдиссэйэ, 1931-1933 сс. –“Холбос» аһынан-үөлүнэн хааччыйыыга секторын сэбиэдиссэйэ  уонна Иркутскайга – “Союзтранс» дириэктэрин солбуйааччы, 1933 сылтан 1938 сылга диэри Алдан куоракка “Якутзолотопродснаб» управляющайын солбуйааччытынан үлэлээбитэ.        Иркутскайга олорор кэмигэр Г.В. Ксенофонтовы кытта алтыспыта сабаҕаланар, ол курдук Ксенофонтов аатырбыт “Эллэйада» кинигэтигэр А.Д. Попов “Легенда об урочище “Сэрии киирбит” диэн  суруйуута киирбитэ.

Кулаактааһын миэлиҥсэтэ кинини эмиэ тумнубатаҕа. 1929 сыллаахха аҕатыгар көрүүгэ-харайыыга турар 25 төбө сүөһү иһин кулаак аатыран быыбардыыр бырааба быһыллыбыта. А.Д. Попов Иркутскайга олорон ону утаран,   быһаарыы биэрэн 1930 сыл тохсунньуга, муус устарга  суруйбут суруктара дьыалаҕа тиһиллэ сылдьаллар.

Репрессия саамай үгэннээн турар кэмигэр, буржуазнай-националистическай тэрилтэ тэрийбиттэр диэн буруйдааһыҥҥа   П.Г.  Габышевы, И.П. Лебедкины, Н.Г. Рысаковы кытта дьыалаҕа түбэһэн, 1938 сыл тохсунньутугар хаайыллыбыта, ССРС Үрдүкү суутун ити сыл атырдьах ыйын 29 күнүнээҕи 00732/р №-дээх быһаарыытынан Александр Дмитриевич Попов ытыллыбыта.  Силиэстийэ кэмигэр да, суукка даҕаны А.Д. Попов бэйэтин буруйун билиммэтэҕэ. Ити дьыала ымпыгын-чымпыгын И.Николаев уонна И.Ушницкай “Центральное дело” диэн кинигэлэригэр сиһилии арыйан тураллар. Александр Дмитриевич Попов үтүө аата хаайыыттан  тыыннаах хаалбыт Рысаков туруорсуутунан, 1955 сыллаахха чөлүгэр түһэриллибитэ.

Дьокуускайынан, Сунтаарынан олорор аймахтарын альбомнарыгар А.Д. Попов олоҕун араас кэрчиктэригэр билэр дьоннорунаан, аймахтарынаан түспүт хаартыскалара, төһө даҕаны “норуот өстөөҕүнэн” биллэриллэн ытыллыбытын үрдүнэн, син биһиги кэммитигэр ордон тиийэн кэлбиттэр эбит.

Кэргэнэ Үөһээ Бүлүү атыыһыта Потапов кыыһа Ксения Георгиевна Потапова Александр Дмитриевич  өлбүтүн кэннэ уһаабатаҕа. Кинилэр соҕотох уолларын Юрийы (Юрий Александрович Габышев) Ксения эдьиийэ Марфа (Муся) Георгиевна Потапова-Габышева ылан иитэн, улаатыннаран, киһи-хара оҥорбута.

Репрессия содулугар кэрэгэй дьылҕаламмыт Кириэстээх Наахаратыттан төрүттээх Александр Дмитриевич Попов киэҥ билиилээх-көрүүлээх, дьулуурдаах, сатабыллаах салайааччы буолан,  үөрэхтээһин сайдыытыгар даҕаны, олоҕун тиһэх күннэригэр диэри үлэлээбит атыы-эргиэн, хааччыйыы  систематыгар даҕаны, күүһүн-дьоҕурун харыстаабакка үлэлээн бэйэтин суолун-ииһин хаалларбыта.

Альбина ИВАНОВА.

Читайте дальше