Бу күннэргэ WhatsApp ситиминэн Сунтаар-Ньурба кыраныыссатыгар тутуллубут кэрэ миэстэбит бөҕүнэн-саҕынан туолан, ыһылла сытарын түһэрбит хаартыскалардаах, дьон абаран суруйбут суруктара тарҕаммыта.

Оттон бу бэҕэһээ, атырдьах ыйын 11 күнүгэр, бу бөҕү-саҕы Максимовтар дьиэ кэргэн бэйэлэрин үтүө санааларынан баран, олоччу ыраастаан кэллилэр. Дьиэ кэргэн туһунан кэпсиир буоллахха, ыал ийэтэ Евдокия Андреевна «Матери России» хамсааһын көхтөөх чилиэнэ, Сиэйэ орто оскуолатыгар үлэлиир эбит. Аҕалара Михаил Алексеевич — Бордоҥ орто оскуолатын дириэктэрэ. Дьиэ кэргэн үс оҕолоохтор. Бу маннык үтүө санаалаах үлэһит дьиэ кэргэни кытта сибээскэ тахсан кэпсэтэ сырыттыбыт. Евдокия Андреевна кэпсииринэн, кыраныысса бэлиэ сирэ бөҕүнэн туолан сытар хаартыскаларын бастаан социальнай ситимнэргэ кэлбит хаартыскаларга олус харааста көрбүттэр. «Аҕабыт бу хаартыскалар атын улуустар бөлөхтөрүгэр кэлитэлээн барбыттарыгар олус кыбыста көрбүтэ. Инньэ гынан биир күн сүбэлэһэн баран, бэйэбит үс оҕобутун уонна үс племянникпытын илдьэ кыраныысса сирин хомуйан кэллибит», — диэн үөрэ кэпсиир Евдокия Андреевна. Ыһыллыбыт бөх уопсайа биэс улахан куул буолбут. «Бөх угарга анаммыт ууруналар туолан таһынан баран хаалаллар эбит. Кэрэ сирбитигэр улахан бөҕү муһумуохха баара, оҕолорбутун илдьэ сылдьарбыт эмиэ инникигэ суолталаах», — диир кэпсэтээччим.

Хас биирдиибит аҥаардас бу биир дьиэ кэргэн холобуругар олорсон, тула баары ыраастык тутан, хомуна-иминэ сылдьарга үөрэниэх тустаахпыт. Көрө-көрө көрбөтөҕө буолуу, эбэтэр аҥаардас мөҥүттүүнэн, хоруотуурунан эрэ муҥурданыы туох да түмүгэ суоҕун бары да билэн эрдэхпит.

Онон күндү доҕоттор, бука диэн, дьон үлэтин сыаналыахха дуу. Икки улуус арахсыһар суолугар дьон-сэргэ тохтоон, хараҕынан хайҕаатын, ис сүрэҕинэн үөрдүн диэн туппут кэрэ миэстэлэригэр бу түгэни санаан, дьон үлэтин сыаналаан, ыраастык тутта сылдьарга кыһаныаххайыҥ. Үгүс киһи бу Максимовтар дьиэ кэргэн курдук, ханна да сырыттарбыт, харахха быраҕыллар бөҕү хомуйа тутары үгэс оҥосторбут буоллар, бары да үчүгэйи үтүктүһэн, ыччат дьоммутугар үтүө холобуру көрдөрүө этибит.

Марфа ИВАНОВА.

Хаартыскалар дьиэ кэргэн архыыбыттан.

Читайте дальше