Бүгүн, алтынньы 5 күнүгэр, Аллыҥатааҕы Х.Н. Николаева аатынан култуура киинигэр аҕам саастаахтарга анаммыт, ый устата ыытыллар «Уонна хаһан?…» тэрээһин иитинэн, «Көлүөнэ — баат» диэн үс көлүөнэ икки ардыгар лото күрэһэ бэрт сэргэхтик буолан ааста.
Күрэскэ аҕам, орто, ыччат саастаах дьон тыҥааһыннаахтык кииристилэр. Ол курдук, аҕам саастаахтар хапытааннара Розалия Саввинова, үөлээннээхтэрин кэннилэригэр сылдьан «сүүйүүнү» угуйан, тэбис тэҥҥэ «ыалдьа» сырытта. Бу хамаандаҕа уопсайа биэс оонньооччу уонна икки көрөөччү «ыалдьааччылар» буолан киэһэни атаарыстылар. Орто саастаахтар хамаандаларыгар алта буоланнар оонньуу көрүн көҕүлүттэн туттулар. Хапытааннара Галина Николаева, саастыылаахтарын ыҥыртаан, үчүгэй турукка киллэртээн, ыһыылаах-хаһыылаах, сүрдээх көхтөөх хамаанда буолан биэрдэ. Оттон ыччат саастаах дьон, хапытаан Александр Сергеев, биэс сэмэй кыргыттары уонна кэрэ аҥарын кытары араас ньымаларын, оонньуу быраабылатын, оонньууга туттар малларын араастаан киэргэтэн, сынньалаҥнарыгар мэлдьи оонньуулларынан, билэллэринэн сөхтөрдүлэр.
Хас сүүйбүт киһи көлүөнэтигэр очко биэрэн, кэтэһиилээх, долгутуулаах түмүк көрдөрүүтүнэн, кыайыылаахтар ааттаннылар. Ол курдук, аҕам саастаахтар көлүөнэлэрэ бааттаахтарынан куоһардылар. Кинилэри тилэх баттаһа ыччат саастаахтар хамаандалара таҕыстылар уонна 3-с миэстэ орто саастаахтар хамаандалара ааттаннылар.
Субу курдук, субуота күн сынньалаҥнык ааста. Ыанньыйан аҕай турар былыттаах халлааҥҥа баттатан, дьиэҕэ, ороҥҥо сыпппкка, күннээҕи түбүктэн аралдьыйан, тэрээһиҥҥэ, оонньууга кытта кэлбит күндү дьоммутугар махтанан илии тутуурдаах, өттүк харалаах ыыттыбыт!
Надежда ИВАНОВА