Оҕо сааска киһи туох эрэ үчүгэйи, уратыны көрбүтэ хараххар хатанан хаалар. Сиэйэ таалар сыһыытыгар таалалаан үөскээбит оҕо сааһым кэрэ кэмин умнуллубат түгэнинэн, үктэнэн үктэниллибит, тэпсиллэн тэпсиллибит, үрдүк ыраас сыанатыгар үөрэ-дьүөрэ үктэнэн үҥкүүлээн ойор, күндү көмүс күөмэйдэрин ырыанан көбүөхтэтэн күндүлүүр ырыаһыттардаах кэнсиэртэр буолаллар. Онно күн курдук сып-сырдык, тыа сиригэр мээнэ иһиллибэт наһаа үрдүк (сопрано) ыраас куоластаах кыыс ыллаан куйуһутара кулгаахпар хаалан, харахпар хатанан хаалбыт. Ол Михайлова Елизавета Степановна этэ. Лиза 1951 с. самаан сайын сатыылаан, от-мас торолуйан, сибэкки ситэн, көтөр-сүүрэр уһуктан, араас чыычаах эгэлгэ ырыаны түһэрэр кэмнэригэр, бэс ыйын 19 күнүгэр  Бэс Сиэйэҕэ күн сирин көрбүтэ. Ол да иһин сибэкки курдук кэрэ сэбэрэлээх, чыычаах курдук ырыаһыт эбит. Лиза күн сирин көрбүтэ туспа кэпсээннээх. Ийэтэ бэйэтин курдук эдэр уоллуун билсибиттэр, күүстээх таптал уота күөдьүйэн баран тоҕо эрэ уоллаах кыыс ыпсыылара ыпсыбакка арахсан хаалбыттар.  Онон уруккунан Лиза аҕата суох «чөҥөчөк» оҕото буолан төрөөбүт. Күн курдук сырдык, чараас чараастык чыпчылыйан күн сиригэр көстүбүтэ. Аҕатын төһө да биллэр, аҕата көрсө, билсэ сатыырын үрдүнэн, оҕо оҕо курдук тоҕо эрэ өстүйэ санаан куота көтөр, билсибэт этэ. Ол эрэн улаатан, кэргэннэнэн баран, оруобуна аҕата өлөр сылыгар, дьахтар күнүгэр ыҥырбыттарыгар тэһэ астаран баран күүлэйдээн, кэпсэтэн кэлбит. Айбыт аҕата муус өлүөр сылдьан маска баттатан эмискэ өлбүтэ. Ону билбит курдук хата тыыннааҕар көрсүбүттэр. Аҕата кэргэниттэн элбэх оҕолоох. Оҕолоро талбыт курдук олус кырасыабайдар.

Елизавета Степановна  таптыыр кэргэнэ Михайлов Василий Михайловичтыын сүрэхтэрин холбоон 46 сыл «Манчаары Лизата» дуо диэн таптал ааттаныар диэри олорон кэллилэр. Оннооҕор олорор уулуссаларын Баһылай бэйэтэ солоон Манчаары уулуссата диэн аатынан сурукка киирэр буолла. Бу уулуссаҕа Манчаарылар ыкса ыалларынаан эн-мин дэһэн бэйэлэрэ олороллор уонна уоллара дьиэ тутта сылдьар. Бу Манчаары диэн аат Баһылай  аатыгар дьүөрэлээбиттэрэ буолуо диэбитим айбыт аҕатыттан бэриллибит аата (Манчаары уола) эбит. Биэс оҕону күн сирин көрдөрөн, элбэх сиэннэнэн, хос сиэннэрдэнэн саха омук элбииригэр кырата суох кылааты киллэрэн, ааттарын ааттаттылар. Уонна биир саамай уратыта – оҕолоро бары төрөөбүт Сиэйэлэриттэн тэйбэккэ, дойдулара сайдарын туһугар үлэлии- хамсыы сылдьар туруу үлэһит дьоннор. Сиэннэр эмиэ, оннооҕор куоракка ийэлэригэр дьиэ ылан биэрэр, сатабыллаах үлэһит дьоннор.

Елизавета Степановна кэргэнинээн, оҕолоро көмөлөһөн, тыа дьонун сиэринэн арбузка тиийэ оҕуруот аһын арааһын олордон, ынахтан, 2 үөр  сылгыттан саҕалаан индюгар тиийэ араас дьиэ көтөрүн иитэн уйгулаахтык олороллор. Кыһыҥҥыга анаан, кылгас сайын быйаҥын туһанан, араас кэнсиэрбэлэри бэлэмнээн дьонун үөрдэр. Оҕо сааһыттан убайыгар сүктэрэ, сүктэрэ Бэс Сиэйэттэн хааман үөрэнэн, оскуолаҕа «Снежнай барска» эрчиллэн тулуурдаах, дьулуурдаах буолбутум диэн сэргэхтик кэпсиир.

Билигин даҕаны «Саһарҕа» ырыа ансаабылыгар ыллаан, Угуһут түөлбэтигэр ыытыллар тэрээһиннэргэ кыттан сэргэхсийэр. Кырдьар сааһыгар түөлбэтин аатыттан көрүү күрэххэ кыттан «Миссис Элегантность» буолуон буолбут.

Елизавета Степановнаттан куруук эдэр, кэрэ буолар кистэлэҥин ыйыппыппар куһаҕан дьаллыгым суох, сөпкө утуйабын, дьоҥҥо өһүрбэппин, буортута суох, туһалаах бэйэ аһылыгынан аһыыбын диэн үөрэ-көтө эппитин наһаа сэргии иһиттим.

Эдэр ыччаттарга туһаайан – төрөөбүт сиргитин умнумаҥ, сайыннарыҥ, наһаа аныгы үйэ албастарыгар телефоҥҥа, компьютерга охтумаҥ, бэйэ оҥорон таһаарар иҥэмтиэлээх аһылыгынан аһааҥ диэн сүбэлиир.

Бу курдук, биһиги кэммит биир сэмэй киһитэ Елизавета Михайлова, оҕолорун барыларын аттыгар түмэн, ытык Сиэйэ сирин симээн, киэргэтэн, айа-тута олороллор.

 

Зинаида Федотова-

Дьол Кыыма.

Читайте дальше