Арассыыйаҕа дьиэ кэргэн сылынан Сунтаар улууһугар дьоммор-сэргэбэр ааһан эрэр бэлиэ сылга тугу эмэ бэлэх ууммут киһи диэммит биһиги, Федоровтар дьиэ кэргэн, ырыа ыллыыр талааннаах буоламмыт тапталлаах кэргэмминээн Мариялыын «Ырыа кэһиилээх» аан бастакы улахан айар түһүлгэбитин Сунтаарбыт улууһун саамай кыра нэһилиэгиттэн саҕалаан, орто уонна улахан нэһилиэктэринэн уопсайа 19 нэһилиэктэринэн кэнсиэр биэрдибит. Ол курдук, Кутана, Күүкэй, Сиэйэ, Түбэй Дьаархан, Толоон, Хоро, Элгээйи, Күндэйэ, Бордоҥ, Аллыҥа, Тойбохой, Уһун Күөл, Маар Күөл, Кириэстээх, Куокуну, Наахара, Бүлүүчээн, Устье уонна Кэмпэндээйи нэһилиэктэринэн сырыттыбыт. Түмүктүүр кэнсиэрбитин Сунтаар нэһилиэгэр көрдөрөр былааннаахпыт.
Аан бастакы кэнсиэри боруобаҕа курдук балаҕан ыйын 9 күнүгэр Элгээйи нэһилиэгин төрөөбүт күнүгэр соҕотох тахсаммын кэнсиэр биэрбитим. Онтон салгыы кэргэммин кытары эһэм төрөөбүт-үөскээбит сириттэн Күүкэй нэһилиэгиттэн саҕалаан бу күҥҥэ диэри 17 нэһилиэги тимир көлөбүтүнэн сылдьан кэрийдибит. Хас биирдии сылдьыбыт нэһилиэктэрбитигэр кулууп үлэһиттэрэ олус истиҥник итии чэйдээх, сылаас астаах көрсөн ытыс үрдүгэр сылдьан кэллибит, ыйааһын да эбиммит курдук буоллубут.
Айылҕа барахсан күһүнэ ардаҕынан арыаллаан сылдьыбыт нэһилиэктэрбит ахсын дохсун ардаҕынан, инчэҕэй хаарынан көрүстэ. Маннык кэмҥэ айан суола да улаханнык мөлтүүр бөһүөлэк да иһинээҕи суоллар улахан бадараана тахсар, онон үгүс нэһилиэктэр ардахтан-саппахтан туттунан көрөөччү элбэҕэ суох буолан биэрдэ, бэл диэтэр, дьон да кэлбэтэх түгэнэ кытта баар этэ, сорох нэһилиэккэ 5 көрөөччү кэлэн артыыс буоларбыт быһыытынан толору кэнсиэри үөрэ-көтө бэлэх ууннубут. Уонна оттон билигин күһүн буолан дьон-сэргэ бука бары күргүөмүнэн кыһыҥҥыга бэлэмнэнэн буолаттан саҕалаан тыа дьонугар үлэ хара баһаам буоллаҕа дии… эр дьон үгүстэрэ аар тайҕаҕа бултуу-алтыы, балыктыы дьиэ кэргэннэригэр кыһыҥҥы хаһаастарын хааччыйа сырыттахтара.
Дьон сэргэ уһук сытар нэһилиэктэргэ эбэтэр кыра нэһилиэктэргэ көхтөөхтүк кэлэр эбит диэн астына бэлиэтээтибит. Холобура Бүлүүчэн нэһилиэгэр 50-ча көрөөччү кэлэн сүргэбитин көтөхтө. Кыра Толоон курдук нэһилиэккэ курулас ардахха 15 көрөөччү. Ыаллыы сытар Хоро нэһилиэгэр 30-тан тахса көрөөччү кэлэн дуоһуйууну ыллыбыт.
Кэлбит эрэ дьон бары астынан кэнники кэмҥэ маннык кэнсиэртэр буолбатахтара ырааппытын, ону таһынан сахалыы дэгэрэҥ ырыатыттан саҕалаан үрдүкү ускуустуба (академическай ырыа) холбоһуктаах кэнсиэр олус истиҥ буолар эбит диэн санаа көтөҕүүлээх тарҕастылар. Көрөөччү эрэ бары ыллаабыт ырыаларбытыгар ытыс дохсун тыаһынан сэҥээрбиттэрин бигэргэтэ олорбуттара биһиэхэ артыыс дьоҥҥо икки бүк үөрүүлээх. Саамай кэргэним ырыаларыттан олус астыннылар. Кыратык сэмэлээн да ылааччылар көһүннүлэр «Хаарыан талааннаах ырыаһыт кэргэҥҥин тоҕо мээнэ сыанаҕа ыллаппаккын, маннык кэрэ куоластаах Сунтаарбытыгар баарын саҥа иһиттибит», – диэн.
Кэнсиэр бырагырааматыгар Сахабыт эстрадатын бастыҥ ырыаһыттарын Байбал Сэмиэнэп, Лэгэнтэй, Кылаан Кындыл, Баһылай Еремеев айымньыларыгар ордук чугас уонна сүгүрүйэр буоламмын кинилэр ырыаларыттан толордум. Сонуҥҥа диэн икки бэйэбэр анаммыт ырыалары ыллаатым. Кэргэним сахалыыттан саҕалаан Кытай, Корея, Италия омуктарын айымньыларын толортоото. Уопсайа толору 1,5 чаастаах кэнсиэри биэрдибит.
Түмүккэ, махтаныахпытын баҕарабыт хас биирдии сылдьыбыт нэһилиэктэрбит истиҥ-иһирэх истээччилэригэр нэһилиэк олохтоохторугар уонна улаханнык өйөөбүт култуурам бука бары мааны үлэһиттэригэр.

Айсен ФЕДОРОВ

Читайте дальше