Аркадий Егорович Яковлев история билимин уонна кыраайы үөрэтии уустук боппуруостарын эдэр эрдэҕиттэн кэрэхсээн, төрөөбүт дойдутун, чуолаан Сунтаар улууһун уонна Сунтаар нэһилиэгин историятын дириҥник хорутан үлэлииргэ, хомойуох иһин, кылгас олоҕун анаабыт соҕотох историк уонна кыраайы үөрэтээччи буолар.

А.Е. Яковлев икки үрдүк үөрэхтээх: география уонна история. Бу уопсай наука икки салаалара ыкса сибээстээхтэрэ уруккуттан биллэр. Кини ону хара бастакыттан сатабыллаахтык дьүөрэлии тутан, билимҥэ сыһыаннаах суруйууларыгар уонна сүрүн үлэтигэр кыайа-хото туһаммыт соҕотох чинчийээччи диэн эбии чиҥэтэн этэрбит оруннаах.

Кини хаалларбыт элбэх үлэлэриттэн ордук чорботон аҕыйаҕы бу кылгас бэлиэтээһиммэр киллэрэргэ күһэлинним. Бастакытынан, Аркадий Егорович туох баар үлэлэрин толору түмпүт ыйынньык суоҕа мэһэйдээтэ. Иккиһинэн, кини олоҕун илгэтин чопчулуур кинигэ эмиэ суох.

Биир улахан үлэтинэн “Напи­ши имя моё… (Метрические книги Билючанской Николаевской церкви и списки жителей Вилючанского и Нахаринского наслегов Сунтарского улуса): Сборник архивных документов / Нац. архив Респ. Саха (Якутия), Сунт. улусный архив; [сост. А.Е. Яковлев, А.А. Моякунова, С.К. Григорьев].               “Напиши имя моё…” хомуурун­ньук Дьокуускайга “Чопчу” кинигэ кыһатыгар 2017 с. 500 ахсаанынан тахсыбыта. Кээмэйэ 60 бэчээтинэй лиис.

Архыып докумуоннарын хомуурунньугун А.Е. Яковлев, А.А. Моякунова, С.К. Григорьев таҥан таһаарбыттар. Бу улахан үлэни үһүөн бары ити хайысханан идэтийэн туран үлэлээбит уоппуттаах дьон буоланнар тиһэҕэр тиийэ тиэрдэн бүтэрбиттэр.

Аҕабыыттар биир сүрүн үлэлэринэн нэһилиэнньэ төрөөһүнүн уонна өлүүтүн толорутук көрдөрөр миэтирикэ диэн ааттаах испииһэги толорор эбээһинэстээхтэрэ. Кинилэр ону анал бланкаҕа суруйаллара. Аан бастаан оҕо төрөөбүтүн, сүрэхтэммитин сылын, ыйын, күнүн, ким диэн ааттаммытын, төрөппүттэрэ уонна кэрэһиттэрэ кимнээхтэрин, итэҕэллэрин, дьарыктарын ыйан туран толороллоро. Иккис салааҕа кимнээх холбоспуттарын, эмиэ сылын, ыйын, күнүн, ааттарын-суолларын, итэҕэллэрин, ханна олороллорун эбэһээт суруйаллара. Үһүс салааҕа ким хаһан, хайдах өлбүтүн, аатын-суолун, сааһын, ханна олохтооҕун, ханна көмүллүбүтүн ыйан туран бэлиэтииллэрэ.

Бастакы салааҕа “Метрические книги Билючанской Никлаевской церкви” 1897 сылтан саҕалаан, 1917 сылга диэри толору киллэриллибиттэр. Манна ааҕааччы болҕомтотун төрөөбүттэр, холбоспуттар, өлбүттэр толору ааттарыгар хайаан да хатыаҕа. Аны сахалар, тоҥустар аҕа уустара, нэһилиэктэр, улуустар, буоластар ааттара дьоннорун кытта суруллубута интэриэһи эмиэ үөскэтиэҕэ.

Иккис салааҕа “Списки жителей Вилючанского и Нахаринского наслегов” Мэйик нэһилиэгин дьонун 1891 сылтан саҕалаан 1920 сылга тиийэ толору испииһэгэ Бастакы Нөөрүктээйи Крюков уонна Бикей аҕа уустарын 1897 сылтан саҕалаан, 1920 сылга диэри. Наахара нэһилиэгин Бүлүүчээн аҕа ууһун 1896 сылтан саҕалаан, 1917 сылга диэри, Марха улууһун Хаҥалас нэһилиэгин Бүлүүчээн аҕа ууһун 1917 сыллааҕы, Сунтаар-Өлүөхүмэ улууһун Таатакаан нэһилиэгин 1917 сыллааҕы, Үөһээ Мэйик нэһилиэгин 1914 уонна 1917 сылтан саҕалаан, 1927 сылга диэри. Маччаҕа нэһилиэгин 1924 уонна 1927 сс., 1920-с сыллар Бүлүүчээн таҥаратын дьиэтигэр итэҕэйээччилэр испииһэктэрэ киллэриллибиттэр.

Хомуурунньук бу салаатыгар таҥара дьиэтигэр аҕабыыт толорбут миэтирикэлэриттэн ураты испииһэктэр киирбиттэр. Кинигэ сүрүн аатыттан тэйдэр да, бу салаа олус элбэх киһи кэрэхсиир уонна толкуйдатар да сибидиэнньэлэринэн, чахчыларынан таҥыллыбыт. Саҥардыы үөскээбит, онтон уларыйбыт нэһилиэктэр, билигин дьон өйүгэр оспут аҕа уустар ааттара-суоллара история, этнография наукатын тутуспут чинчийээччилэргэ таайыллар-таайыллыбат таабырын буолан, билим биллибэт чахчыларын арыйан саҥа саҕахтарга сирдиэҕэ.

Таҥара дьиэлэрин аҕабыыттара толорбут миэтирикэлэрин дьоҥҥо-сэргэҕэ таһаарар үлэни Аркадий Егорович салгыы ыыппыта. Ол курдук кини утумнаах үлэтин түмүгүнэн 2019 с. тахсыбыт ”Напиши имя моё…” (Метрические книги Шеинской Георгиевской церкви Сунтарского улуса): Сборник архивных документов / Муниципальный архив муниципального района  “Сунтарский улус (район)” диэн кинигэни этэбит. Кинигэни Дьокуускайга “Чопчу” кинигэ кыһатыгар 2019 сыллаахха бэчээттээбиттэрэ, ахсаана  500, кээмэйэ быһа холуйан 43 бэчээтинэй илиис.

А.Е. Яковлев бу саҥа үлэтигэр урут тутуспут быраабылатын уларыппатаҕа. Ол курдук Сунтаар Введенскэй таҥаратын дьиэтин, онтон Сиэйэ Георгиевскай таҥаратын дьиэтин аҕабыыттара толорбут миэтирикэлэрин 1891 сылтан саҕалаан, 1919 сылга диэри толору хомуйан киллэрбитэ.

Ааҕааччы кэрэхсиир салаатынан, мэлдьи буоларын курдук, туспа салаанан киллэриллибит  Сыһыарыылар (Приложения)буолар. Манна сүрэхтэммиттэр, тиһэх ырыалара ылламмыттар испииһэктэрэ Г.П. Терешкин олоҕун кылгас илгэтэ уо.д.а. киирбиттэрэ дьон болҕомтотун тардаллар.

Ити икки кинигэлэр Киирии тылларын бастакытын Сунтаар улууһун баһылыга А.В. Григорьев, иккиһин – историческай наука доктора И.И. Юрганова суруйбуттара. А.В. Григорьев Бүлүүчээн Николаевскай таҥаратын дьиэтигэр сыһыарыллыбыт дьон миэтирэкэтин испииһэгин дьон-сэргэ бэйэтин төрүччүтүн ырытарыгар улахан олук буоларын ыйбыта, кэнэҕэс чинчийээччилэр хайаан да туһаналларыгар эрэлин биллэрбитэ. Оттон И.И. Юрганова, бэйэтэ Саха сиригэр православнай итэҕэл тарҕаммыт историятын чинчийбит учуонай, маннык диэн эппитэ: ”Данное издание является очередной работой А.Е. Яковлева, стараниями и кропотливым трудом которого в серии  “ Напиши имя моё…”, в научный оборот вводятся новые архивные материалы, предоставляющие возможность нахождения своих предков, составления и дополнения родословных и обретения поколенческой памяти”.

Аркадий Егорович биир сүдү үлэтинэн “Үтүө дьыала ситимэ быстыбат: Сунтаар нэһилиэгин кэрчик кэмнэрэ” (“Сунтаар нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии, “Сунтаар улууһа (оройуона)” муниципальнай оройуон муниципальнай архыыба) диэн икки чаастаах кинигэ ааҕыллыан ааҕыллар. Кини бу кинигэни А.И. Васильевтыын, З.В.Ивановалыын А.К. Васильевтыын бииргэ түмсэннэр, элбэх докумуоннары, ыстатыйалары, бэлиэтээһиннэри, суруйуулары хомуйан, бэлэмнээн, таҥан Дьокуускайга ”Чопчу” кинигэ кыһатыгар 2018 с. 500 ахсаанынан таһаарбыттара. Кинигэ бастакы чааһын кээмэйэ 57, иккис чааһа – 54 бэчээтинэй илиистэн турар.

Хомуурунньук киирии тылыгар кинигэни таҥан оҥорооччуларга анаан РФ Федерациятын Сэбиэтин чилиэнэ А.К.Акимов бу курдук бэлиэтээбитэ: “Бу үөрүүлээх кэрэ түгэҥҥэ дьон-сэргэ туһугар олоххутун анаан туран үлэлээбит үлэҕит уонна дьоҥҥо оҥорбут үтүөлэргит олоҥхо дойдута Сунтаарым олохтоохторун өйдөрүгэр-санааларыгар үйэ-саас тухары үтүө өйдөбүл буолан хаалыахтара”. Ити этиллибит кэс тыл А.Е. Яковлев  суруйан хаалларбыт айымньылаах нэһилиэстибэтигэр, кини үтүө аатыгар толору сыһыаннаахтар.

Хомуурунньук бастакы чааһыгар Сунтаар нэһилиэгин чэрчитинэн тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар ыытыллыбыт хамсааһыннары ыраахтааҕы саҕаттан инньэ 1978 с. диэри барытын хабан, араас ис хоһоонноох архыып докумуоннарынан, хаһыат ыстатыйаларынан, ахтыыларынан хомуйааччылар толорутук көрдөрөллөр.

Бүтэһик иккис чааһыгар билиҥҥи сааһырбыт көлүөнэ тыа хаһаайыстыбатын бары салааларыгар үлэлээбит-хамнаабыт эдэр кэминээҕи килбиэннээх үлэтэ-хамнаһа, этиллибитин курдук, араас докумуоннарынан, чахчыларынан киэҥник сырдатыллар.

Хомуурунньук итини таһынан бэрт элбэх таблицаларынан, испииһэктэринэн, хаартыскаларынан байытыллыбыта, ааҕааччы интэриэһин күүскэ тардар. Холкуос, сопхуос салайааччыларын испииһэгин толорутук хомуйар ымпыктаах-чымпыктаах үлэтин таҥан таһаарааччылар кыайа-хото туппуттара харахха тута быраҕыллар.

Кинигэ ис хоһоонун табатык наардаан, тутулун сатабыллаахтык таҥан, туһааннаах докумуоннар уонна суруйуулар сигэлэрин киллэрэн, кытаанах ирдэбиллэри тутуһан таһаарыллыбыта – бу билиҥҥи уонна үүнэр көлүөнэ чинчийээччилэр билимҥэ үлэлэригэр эмиэ улахан төһүү буолара чуолкай. Сунтаар нэһилиэгин дьонун-сэргэтин тыа хаһаайыстыбатыгар кыайыылаах-хотуулаах үлэлэрэ ити кинигэ чахчыларынан ырылыччы көрдөрүллэн, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тарҕанан, бар дьоно ылынан, киэн туттан суон сураҕырдыа, албан ааттыа турдаҕа.

Аркадий Егорович “Улица на которой я живу. Улицы и переулки села Сунтар / составитель А.Е. Яковлев: инициатор проекта С.В. Егорова” диэн кинигэтинэн киэн туттара. Хомуурунньук 2022 с. Дьокуускайга “Чопчу” кинигэ кыһатыгар бэчээттэнэн күн сырдыгын көрбүтэ.

А.Е. Яковлев бу кинигэтин бэлэмнииригэр эмиэ бэрт элбэх архыып матырыйаалларын, хаһыаттары, кинигэлэри аахпыта, суруммута, туһаммыта. Онно олоҕуран бэлэмнээбит бэртээхэй кинигэтин дьонугар-сэргэтигэр Саха өрөспүүбүлүкэтэ 100 сылын үбүлүөйүгэр түбэһиннэрэн бэлэх ууммута. Сунтаар сэлиэнньэтэ хара төрүттэммит сылыттан саҕалаан билиҥҥэ тиийэр баай историятын уулуссалар ааттарынан тыктаран көрдөрбүтэ. Бу үлэтэ уулуссалар ааттарыгар иҥпит бэйэлэрэ туспа ааттаах-суоллаах дьоннор олохторун илгэтин чопчулуурга элбэх күчүмэҕэйдэри көрсүбүтүн үрдүнэн, кини буолан, суһаллык бүтэрэн-оһорон бэчээттэппитэ миигин сөхтөрбүтэ.

Хаһыаттарга, сурунаалларга бэрт элбэҕи суруйбутуттан сылыктаатахха, Аркадий Егорович быдан эдэриттэн төрөөбүт кыраайын үөрэтэргэ дьулуһан туран үлэлээбит эбит. 2003 с. Сунтаар кииннэммит бибилэтиэкэтэ тус туспа сиэрийэнэн, ол эрэн биир блокка киллэрэн таһаарбыт Сунтаар нэһилиэктэрин сырдатар кинигэлэригэр кини консультант аатынан киирбитэ биллэр. Ол иннинэ 1998 с. “Сунтаар сулуһа” хаһыакка хаста да төхтөрүйэн Сунтаар нэһилиэктэрин архыып докумуоннарыгар олоҕурбут ыстатыйаларын бэчээттэппитэ. Ити кэннэ научнай хабааннаах ыстатыйаларын “Якутский архив” сурунаалга таһааттарбыта билигин даҕаны билим чинчийээччилэрин болҕомтолорун тардаллар. Кинилэр А.Е. Яковлев ыстатыйаларыгар сигэнэллэр, кини аатын тэҥнээхтэрин курдук туталлар.

А.Е. Яковлев архыыптарга үлэлээн, сэдэх докумуоннары булан, туһалааҕын талан дьоҥҥо-сэргэҕэ тириэрдэр ураты дьоҕурдааҕа. Олортон иккини тоһоҕолоон туран хайаан да бэлиэтиири наадалааҕынан ааҕабын. Бастакытынан, Сунтаар оройуонун нэһилиэнньэтэ Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар сыыһа дьаһал ыытыллан аччыктаан, хоргуйан сөҕүмэр улахан сүтүктэммитин бастакынан арыйан, архыып докумуоннарынан бигэтик дакаастаан турар. Иккиһинэн, Сунтаар улууһа төрүттэммит сылын чуолкайдыыр үлэтин кини эрэ ситэритик толорбута. Архыып докумуоннарын чинчийэн суруйбут, дакаастаабыт үлэтин түмүгэр, билигин Сунтаар улууһун дьоно-сэргэтэ төрүттэммит сылларын, күннэрин өрө көтөҕүллэн туран үөрүүлээхтик бырааһынньыктыыллар.

Аркадий Егорович тиһэх үлэтинэн “Сокращенный Катехизис, для обучения юношества Православному закону Христианскому, переведенный на Якутский язык, с приложением на переди таблицы для складов и чтения гражданской печати” Г.Я. Попов 1819 сыллааҕы тылбааһын бэчээттээһиҥҥэ кыттыһыыта буолар. Кини манна дьоһуннаахтык тыл киллэрэн этиитэ, архыып матырыйаалларын таба туһанарга баай уоппута, кинигэни бэлэмниир кэлэктиип үлэтин сүрүннээһинэ, кинигэ ис уонна тас тутулун таҥыы уталытыллыбат үлэтэ – барыта кинитэ суох сатаммат курдуга.

Бу кылгас бэлиэтээһиммэр доҕорбут баай нэһилиэстибэтин барытын хайдах да кыайан киллэрбэтим. Кини олоҕун илгэтин сырдатар, кини айымньыларын, ыстатыйаларын, кинигэлэрин түмэ туппут, ол аата  библиографический указатель уонна ахтыылар туспа кинигэнэн тахсаллара хайаан да наада. Мин ааҕыыбынан, А.Е. Яковлев аҥаардастыы бэйэтэ уонна кыттыһан таһаарбыт кинигэлэрин кээмэйэ быһа барыллаан 250 бэчээтинэй лиискэ тэҥнэстэ. Өссө бэчээт атын көрүҥнэригэр таһаарбыт ыстатыйалара, бэлиэтээһиннэрэ киллэриллибэккэ туран. Маннык сүүнэ үлэни бэйэтин тустаах үлэтин эҥкилэ суох толоро сылдьан кини суруйбута, бэлэмнээбитэ, ыыппыта. Кылгас үйэлэнэрин билбит курдук, Аркадий Егорович дьулуһан туран уоппуска диэн сынньаммакка, дойду араас архыыптарын уонна бибилэтиэкэлэрин кэрийэн, утуйар уутун умнан, күнүстэри-түүннэри дьаныардаахтык үлүмнэһэн туран үлэлээбитэ.

Ол түмүгэ, кини кэннигэр хаалларбыт сырдык кэриэһэ – күн сирин көрдөрбүт кинигэлэрэ.

Пантелеймон Петров, историческай наука кандидата, Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах

ахсааннаах Хотугу омуктар проблемаларын чинчийэр үнүстүүт билим аҕа үлэһитэ.

 

Читайте дальше