Былырыын, алтынньы ыйга Саргылаана Докторова , аҕам саастаах дьону түмэн , классическай индийскэй үҥкүү бөлөҕүн аспыта. Онно 10 тахса буолан дьарыктана сылдьабыт. Түмсүүбүт аата — «Сарасвати» диэн,  тылбааһа «Лотос» диэн үһү.

Биир үҥкүүнү бэлэмнээн, Саҥа дьыл бырааһынньыгар кыттыбыппыт. Мындаҕаайы норуодунай айар киинэ «Үҥкүү дууһам алыба» диэн алтыс төгүлүн ыытар өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэригэр кэтэхтэн кыттан «Истиҥ иһирэх» диэн аакка тиксибиппит.

Салайааччыбытын үҥкүүгэ уһуйаааччы, хореограф, индийскэй классическай «Савитри» диэн ырыа,үҥкүү тыйаатыра салайааччыта, индийскэй үҥкүү бэстибээллэрин тэрийээччи, Бурятия индийскэй үҥкүү федерациятын бэрэсидьиэнэ Светлана Цыденова «Улан Удэҕэ бэстибээлгэ кэлэн кыттыҥ» диэн ыҥырбыта. Ол иһин ыам ыйын 29 күнүгэр Мииринэйтэн Иркутскайга самолетунан, Иркутскайтан поеһынан айаннаан, сэттэ буолан Улан Удэҕэ тиийбиппит. Бэс ыйын 2 күнүгэр индийскэй үҥкүү бэстибээлигэр Иркутскайтан биир бөлөх, Бурятияттан икки бөлөх уонна биһиги буолан кытынныбыт. Кыттааччылар бары эдэрдэр, 7 сыл дьарыктаммыттар. Үҥкүүлээн тахсыбыппыт кэннэ сөхтүлэр аҕай: «ну, вы бабули даете! » дииллэр. Иркутскайга үҥкүү салайааччыта кэлэн кэпсэттэ, кини эмиэ саастаах дьону дьарыктыыр эбит. «Биһиги  дьарыктаммыппыт биир да сыл буола иликпит» диэбиппэр соһуйда аҕай. Кыра кэмҥэ дьарыктанан баран, бэркэ толордугут, алтынньы ыйга мин күрэх ыытабын, онно кэлэн кыттаарыҥ диэн ыҥырда. Бэстибээл «Феникс» диэн тыйаатырга буолбута, саала толору, хас биирдии толоруу кэннэ ытыс тыаһа хабыллан олорор, үөрүү-көтүү бөҕө буоллулар.

Кэнсиэр кэнниттэн рестораҥҥа баран билсиһии тэрийбиттэрэ, сааспытын истэн баран, соһуйуу бөҕө буолбуттара. Биир түмсүү куота сааһа 48 эбит, «саамай аҕабын, онон тохтуубун диэн сылдьыбытым, эһигини истэн-көрөн бараммын үҥкүүбэр салгыы дьарыктанабын» диэтэ.
Сарсыныгар Светлана бэйэтин массыынатынан , бэйэтэ ыытан Ламалар үөрэнэр дацаннарыгар уонна Чингиз Хан сэриитэ турбут Лысай гора диэн таас хайаҕа сырытыннартаата.

Бу дацан олох былыргы, онон саҥардыллан оҥоһулла турар эбит. Кыраһыабайа сүрдээх , араас дьэрэкээн кырааскалаан, оһуордаан оҥороллор эбит. Хайдах үҥэллэрин, тугу тутталларын көрдүбүт, биллибит. Үксүн үүтүнэн уонна минньигэһинэн күндүлүүллэр, харчы биэрэллэр, биһиги салама ыйыырбыт курдук уһун шарфик курдук таҥаһы тутталлар эбит. Дацан иһигэр, бэлиэтии көрбүтүм, остуол эҥин биһиги кыбытык тигиибит курдук тигиилээх таҥастарынан сабыллан тураллар. Лысай гораҕа кэлэн киинэ, ролик усталлар эбит. Сыбаайбаланааччылар кэлэн сүгүрүйэн ааһаллар үһү. Хас үрдэл курдуктарга таҥастаах мастар анньыллан тураллар, сорохторго үрүҥ тааһынан сиэр туом оҥоһуллар таастар бааллар. Светлана этэринэн, хас биирдии үрдэл хаһаайыннаах эбит. Улан Удэ ырааһа сөхтөрдө, куорат да кытыытыгар биир да кумааҕы сытарын көрбөтүм.

Сарсыныгар Байкал күөлгэ сырыттыбыт. Бу күн күүстээх ардах, тыал бөҕө буолла. Ол да буоллар башняҕа тахсан, «Черепаха» тааһы көрөн, «Горячай ключка» баран, сып-сылаас уулаах бассейнҥа күүстээх, тымныы ардах анныгар сөтүөлээн астынан кэллибит.

Экскурсияҕа илдьитэлии сылдьыбыт гид кыыспыт ийэтин Уус Алдантан сыдьар диэн соһутта. Үөрэнэ кэлэн баран, бурят киһитигэр эргэ тахсан олохсуйа хаалбыт эбит. Аны суоппарбыт улахан убайа, Сэбиэскэй кэмҥэ инженер үөрэҕин бүтэрэн баран, Алдаҥҥа, онтон Дьокуускайга сойуус эстиэр диэри үлэлээбит үһү. Онон, бары сахалар буоллубут дуу диэн күлүстүбүт.

Улан Удэҕэ сыана аһара чэпчэки буолбатах эбит, арай фрукта арыый чэпчэки дии санаатым.
Куоракка трамвайга айан сыаната 25 солк. эбит, онон сылдьаммыт куораты тото кэрийдибит.

Монголияҕа массыынанан айаннаатыбыт. Айаммыт Сунтаартан Дьокуускайга тиийэр курдук уһун эбит. Суол барыта аспаал. Таможняҕа кэлэн загранпаспорбытын хас көрөр киһи аайы көрдөрөр эбиппит. Автобустар атын сиринэн киирэллэр, таһаҕаспытын лентанан ыытан, массыынаны барытын сирийэн көрөллөр. Чааһынай массыынаны барытын сүөккэтэн, атах уурар устуукаларын кытта ылан көрөллөр эбит. Добуочча туран баран, Улан Батор диэки айаннаатыбыт. Барбалаан иһэн биир сиргэ тохтообуппутугар, илиилэригэр көппөх курдук харчы тутуурдаах саҥа-иҥэ буолан дьахтар аймах кутулла түстэ, онтуларбыт харчы уларытааччылар эбит. Харчы ааҕан тарбахтара эйэҥэлээн олорор, саҥалара сүрдээх, киһини «аах-маах» ыытыах курдуктар. Этэҥҥэ харчыбытын уларытан салгыы айаннаатыбыт. Улан Баторга чугаһаан истэхпитинэ чаҕылҕаннаах ардах тахсан курулаччы кутта, тобурах түстэ, тыал бөҕө буолла, онтон кустук тахсан үөртэ. Куоракка киирэргэ пробка бөҕө эбит, икки чаастан ордук айаннаан гостиницабытын буллубут. Гостиницабыт сэбиэскэй саҕанааҕы тутуу, билигин кытайдар арендаҕа ылан үлэлэтэллэр диэн гидпыт кэпсээтэ. Гостиница иһэ сөрүүн, туох да тыас уус иһиллибэт, сыаната чэпчэки эбит.

Сарсыныгар экскурсияҕа сырыттыбыт — «Гора покояния» оҕонньор пааматынньыга баар, ону имэрийэ имэрийэ көрдөһөр, баҕа санааҕын этэр үһүгүн. Святой источник  диэн хайаттан кэлэр ууну истибит, сирэйбитин илиттибит. Черепаха хайатыгар харчы ууран баран, харчы көрдөһөр, итэҕэллээхтэр эбит. Чингиз Хан мусуойун көрөргө сахалыы былааччыйабытын кэтэ сырыттыбыт. «Тугу эмит толоруҥ» диэн гиппыт көрдөспүтүгэр оһуохайдаан ыллыбыт.

Сарсыныгар Улан Батор иһигэр улахан дацаҥҥа сырыттыбыт . Манна улахан бырааһынньыктара түмүктэнэр кэмнэрэ буола турар эбит. Улахан итэҕэл кинигэтэ бүтэһик түһүмэҕин ааҕыы буола турар диэн гиппыт кэпсээтэ. Монголияттан төннөн иһэн Дархан диэн куоракка Холгин Гол сэриитигэр кыттыбыт, сэбиэскэй саллааттарга аналлаах , үрдүк хайаҕа оҥоһуллубут монумеҥҥа тахса сырыттыбыт. Былаахтаах хаартыскаҕа түстүбүт.

Монголияҕа биир солкуобай, кинилэр харчыларынан 38 солк. эбит. Ас сыаната арыый чэпчэки, таҥас сыаната чэпчэки, хаачыстыбата үчүгэй эбит. Гид «Монголияҕа Америка, Корея, Кытай собуоттара үлэлииллэр, тимир уһааран тиэхиньикэ оҥороллор, сири атыылаабаттар, дьиэни, массыынаны атыылыыллар» диэн кэпсээтэ. Кафеҕа астара бойом эбит, иккилии буолан ылан сиигин, сыаната үчүгэй — 200солк.  300 солк. ыргыччы тотон тахсаҕын. Уулара ып-ыраас, салгына син үчүгэй.

Бэстибээлгэ ыҥырыллан баран, 4 куораты кэрийэн, көрөн астынан кэллим. Иркутскайы, куорат иһигэр сүүрэр автобуһунан 75 солкуобайга айаннаан, Улан Удэны трамвайынан 25 солкуобайы төлөөн, Улан Баторы эттэспит массыынабытынан сылдьан көрдүбүт.

Сэттиэ буолан аһара тапсан кэрийэн кэллибит. Салайааччыбытыгар Саргылана Прокопьевнаҕа, өйөһөн-өйдөһөн сылдьыбыт дьүөгэлэрбэр махталбын биллэрэбин. Барыта этэҥҥэ ,чөл сылдьыаҕыҥ!

Розалия СИДОРОВА-Ымыычаана

Читайте дальше