Маар Күөл нэһилиэгэр «Ыллаа- туой оҕо саас» диэн 18-с төгүлүн орто сүһүөх оскуола үөрэнээччилэрэ, төрөппүттэрэ, учууталлара сылын аайы үөрэх дьыла бүтүүтэ кэнсиэрт көрдөрөр үгэстээхтэр. Тэрээһин Арассыыйаҕа — Дьиэ кэргэн, Өрөспүүбүлүкэбитигэр- Оҕо саас, Сунтаарбыт улууһугар-Аҕам саастаахтарга ытыктабыл сылын чэрчитинэн уратытык, чаҕылхайдык буолан ааста.
Ол курдук, оскуола иһинэн ВИА тэриллэн үлэлээн эрэрэ кэрэхсэнэр, салайааччы бэйэбит оскуолабытын үөрэнэн бүтэрбит оҕобут Павлина Фёдорова.
Кэнсиэркэ үҥкүү, ырыа, дьиэ кэргэнинэн сыанкалар о.д.а сэргии көрдүбүт.
Бу бырайыагы 2001 с. ол кэмҥэ оскуолаҕа үлэлээбит Диана Фёдоровна Егорова, Мариетта Прокопьевна Спиридонова киллэрбиттэрэ. Инникитин даҕаны бырайыак ситимин быспакка үлэлии турдун.
Екатерина Иванова, уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн