Бүгүн, аан дойдуну ыраас кынатынан бүрүйэр, таарыйар, угуттуур улуу Муусука күнүнэн, эһиэхэ олоҕун музыканы кытта ыкса сибээстээбит дьүөгэм Ирина Николаевна Лукина туһунан кэпсиэм.
Ирочка 1962 сыллаахха, айылҕа уһуктан кэрэ муусуканан туолар, уһуктар кэмигэр кулун тутар ортотугар күн сирин көрбүтэ. Урукку суол иис суоҕар өрүс уҥуор Толстойтан салгыы Одоҕо Аҕа дойду сэриитин бэтэрээнэ, бэтэринээр Петр Копылов чылыгырыайкатын иһигэр угуллан айаннаабыта. Кэлин көрүстэҕинэ Бүөтүр барахсан: ”Манна төттөрү киирэҕин дуо?”-, диэн чылыгырыайкатын таптайан улаатан эрэр оҕону дьээбэлээн ууга-уокка түһэрэр этэ.
Одоҕо эбэтин батыһа сылдьан андаатардыыллара, киирбэт күннээх оҕо сааһыгар уҥуох, мас оонньуурдарынан оонньообута кэрэ өйдөбүл буолан олоҕун арыаллыыллар. Сахаларга сиргэ төрөөн, киһи буолан кыталык үҥкүүтүн көрбүт киһи дьоллоох буолар диэн өйдөбүл баар. Оҕо сылдьан Ира кэрэчээн көтөрдөр кырааскалаах кыһыл атахтарыгар дугук-игик дугунан үҥкүүлүүллэрин көрбүтэ улаатан дьоллоох олоҕу олорорун төлкөтө эбит .
Уҥуоҕунан улахан, сатаан ааҕар буолан Туойдаах 3 кылаастаах оскуолатыгар эрдэ киирбитэ. 4-с кылааска Сунтаарга киирэн ыалга олорон үөрэммитэ. Онно кыргыттардыын Наташалыын, Альбиналыын бииргэ олорбуттара. Оҕо сылдьан улаатан туох, ким буолуоххун ыралаан оонньуугун дииллэринии куруук учууталлаһан оонньууллара. Суумкаларын кэннин дуоска оҥостон суруйа, суруйа сотор этилэр. Дьоннорун, дьиэлэрин ахтан өрөбүллэригэр сатыы түһүнэн кэбиһэллэрэ. Төттөрү кэлэллэригэр тиэхиньикэ наада диэн кэлимээри буутайданаллара. Оҕо сааһыттан куруук кинигэ аргыстаах кыысчаан чүмэчини бараан, ыйдаҥа сырдыгар, суорҕан анныгар фонаригынан кинигэ ааҕан, хараххын буорту гынаҕын диэн мөҥүллэрэ.
Урут билиҥҥи курдук араас тиэмэлээн, уоттаахтык-күөстээхтик төрөөбүт күнү ылбат этилэр. Арай биирдэээ… Лэппээйэп Ыстаппаан кыысчааҥҥа төрөөбүт күҥҥүнэн диэн чокуонускай арыы уонна кылгас бытырыыстаах өһөх кыһыл өҥнөөх сиэрис былаат бэлэхтээбитэ. Оҕо барахсан онно улаханнык да үөрбүтэ. Ол былаатын харыстаан, улаатан үөһэ өттүн тумустаан, муодумсуйуор диэри бааммыта.
Оскуола сылларыгар муусука оскуолатыгар Валерий Семенцул тэрийбит ВИА-гар солисткалаабыта. 1978 сыллаахха НВК-ҕа уһулланнар бэйэтин аан бастаан тэлэбиисэргэ көрбүт алыптаах үөрүүтэ ама туохха тэҥнэһиэй?!
Оскуола кэнниттэн, оччотооҕу “Оскуола – производство – үрдүк үөрэх” дэбииһинэн Бэрэҕэ дайааркалыы тахсыбыта. Тута 20 ынаҕы тутан үөрэниэр диэри илиитэ хатыран, хайа баран хаан оҕуолуурун оччотооҕу оҕолор бары билэн кэллэхпит. Фермаҕа старшайдаан, бары үлэҕэ, сынньалаҥҥа эдэр саас икки сыла элэс гыммыттара.
Хабаровскайга пединститукка туттарса барбыта. Онно тиийэн тириитэ тэнийиэр диэри танцылаан, уопсайдарыгар аан хатаммытын кэннэ хойутаан кэлэннэр уопсай комендана: ”Характеристика как у коммуниста, а поведение ноль”-, диэн кыысчааны улаханнык кыбыһыннарбыта. Төннөн кэлэн Дьокуускайга баянистар курстарыгар икки сыл үөрэнэн туйгуннук бүтэрбитэ. 1982 сылтан 1997 сылга диэри Толстой кулуубун сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Олохтоохтор ол кэмнэргэ олус көхтөөхтөрүн, бары бөһүөлэгинэн түмсэн кулуупка бырааһынньыктыылларын билиҥҥэ диэри үөрэ ахталлар.
1986 сыллаахха тапталын Алексей Лукины көрсөн ыал буолбуттара. Иэйиэхситтэрэ мичик гынан алта оҕоҕо күн сирин көрдөрбүт сүдү дьоллоохтор. Уус, уруһуйдьут кэргэннэнэн кулууп үлэтэ көстө тупсубута. Кулууп истиэнэлэрэ дьэрэкээн ойуунан, былакааттарынан симэммиттэрэ. Араас бириистэри Алексей уус илиитинэн оҥорон туруораллара. Ол үлэлэрэ сыаналанан “СӨ культуратын туйгуна”, “Туойдаах Бочуоттаах олохтооҕо” үрдүк ааттар хаһаайыннара буолбута.

Толстойу туругурдубут
Култуура киһитэ,
Кулууп куучара,
Киинэ киһитэ,
Таансы тапталлааҕа,
Муусука учуутала
Элбэх оҕо ийэтэ, эбэтэ —
Ирина Николаевна.
«Честь и совесть Көлүкэчээн» диир курдук Ирина улууска биир биллибит “Көлүкэчээн” ансаамбыл кыттыылааҕа, биир саамай кэрэ куолаһа. Оннооҕор Толстойга олорон хааман киирэ киирэ дьарыктанааччы, ыллаһааччы. Хоһооҥҥо хоһулларын курдук, хайа да түмсүүгэ кыҥыр-хаҥыр саҥарсыы баар буолар, ону үксүн Ирина Николаевна муннуктарын мүлүрүтээччи үтүө киһибит.
2017 сылтан Сунтаар алын сүһүөх оскуолатыгар муусука учууталынан үлэлээн оскуоланы ырыа – муусука эйгэтигэр үрдүк кэрдиискэ таһаарда диирим дарбатыы буолбатах. Оҕолор утумнаахтык ырыаҕа, фольклорга, флейтаҕа үөрэнэн араас көрүү күрэстэр кыайыылаахтара, кыттааччылара буоллулар. Оскуола учууталлара араас ансаамбылланнылар. Оҕо сылдьан хоһоонноох кинигэлэри саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри ырыа гынан айан мээнэҕэ ыллаабатах эбит. Ирина Николаевна үрүҥ көмүс хоһооннору кыһыл көмүс ырыа гынан көтүтэр ырыа айааччы. Ол курдук 2016 сыллаахха аан бастакы кинигэм сүрэхтэниитигэр “Таптал киэһэтэ” диэн хоһооммун ыллаан үөрдүбүтэ даҕаныы. Маны таһынан элбэх ырыаларын быыһыгар 3-с нүөмэрдээх, алын сүһүөх оскуолалар “Өрөгөй ырыаларын” айан уостан түспэт ырыалар буоллулар.
Ирина Николаевна дьахтар, ийэ, эбэ киһи сиэринэн сатаабата суох. Асчыт – аһын элбэхтик аһаабыт киһи тылын итэҕэйиҥ, иистэнньэҥ, араас оҕуруот аһын, сибэккини олордор, дьиэтэ толору сибэкки, интэриниэти хасыһан арааһы билэр, аныгы гаджеттары баһылаабыт «хакер», түөлбэ ыытар үлэтигэр барытыгар кыттар, тэрийэр активистка, ким кыһалҕалаахха көмө-соргу, сүбэ-ама буолар киэҥ, сылаас сүрэхтээх. Оҕо төрөппүттэрин көрөр ытык иэһэ дииллэр эрээри, сорох оҕолор ону иэс быһыытынан толороллор. Онтон Ирина Николаевна ийэтин Мария Титовнаны наһаа таптыыр, оҕолуу истиҥник сыһыаннаһар, харайар, көрөр-истэр. Кэргэнинээн Алексейдыын тиэргэннэрин иһигэр остуоруйа дьиэтин курдук дьиэ тутан олордоллор. Бэйэлэригэр, оҕолоругар, сайын уоппускаларыгар, дьиэ, араас тиэргэн иһинээҕи тутуулары тутаннар оҕолорун олохторугар бигэ тирэх уураллар. Алексей балыксыт, өссө ону ааһан туох да минньигэс астаах асчыт, таптаан “Тарбаахап” диэн ааттыыбыт.
Бу курдук саха сэмэй ыаллара Ирина, Алексей Лукиннар оҕолоругар, доҕотторугар бөҕө тирэх буолан, Сунтаар сайдарыгар сэмэй кылааттарын киллэрэн дьону үөрдэн уйгулаахтык олоруҥ.

Зинаида Федотова — Дьол Кыыма.