«Олоҕу олоруу көнө хонууну туорааһын буолбатах» диэн нуучча өһүн хоһооно баар. Кырдьык даҕаны, олох диэн элбэх түһүүлээх-тахсыылаах, очурдаах-чочурдаах, биир кэм эриэ дэхси буолбат буоллаҕа. Ол эрэн, элбэх эндирэ суох, эйэ дэмнээхтик, бэйэ-бэйэни убаастаһан, харыстаһан уһуннук олорбут ыаллар да аҕыйаҕа суохтара буолуо. Биир оннук ыалынан Сунтаар Абаҕа түөлбэтигэр олорор, дьон бары убаастыыр, ытыктыыр, 60-тан тахса сыл бииргэ олорбут дьоһун-мааны ыал Люция, Егор Назаровтар буолаллар.
Үйэлэрин тухары үлэни өрө туппут ыалы эмиэ үлэ холботолообута. Ол 60-с сылларга кырыс уонна оһорбо сирдэри туһаҕа таһаарыы хайысхатынан Сунтаардааҕы МТС эдэркээн уолаттара Куокунуга Табаҕа диэн сири бааһына оҥоро тахсыбыттарыттан саҕаламмыта. Суһуку пиэрмэтигэр үлэлиир ыанньыксыт кыргыттар ол кэмҥэ үлэһит тырахтарыыс уолаттардыын дьоллорун холбообуттара. Олор истэригэр Егордаах Люция эмиэ бааллара. Өрүкүйбүт баттахтаах, элбэх саҥалаах-иҥэлээх үлэһит уолу Люция бэлиэтии көрбүтэ. Киэҥ хап-хара харахтарынан унаарыччы көрбүт, аҕыйах саҥалаах, сэмэй Люсяны Егор да барыларыттан ордорбута. Ол курдук 60-тан тахса сыллааҕыта кинилэр туох да дирбиэнэ-дарбаана суох, сэмэйдик тапталларын холбоон ыал буолбуттара. Онтон саҕаламмыта Назаровтар диэн ытык-мааны ыал дьоһуннаах олоҕун суола.
Назаровтар түөрт оҕону төрөтөн, атахтарыгар туруоран, билигин тоҕус сиэн, тоҕус хос сиэн тапталлаах эбэтэ, эһэтэ буолаллар. Кинилэр бэйэлэрин үтүө холобурдарынан оҕолорун, сиэннэрин ханнык баҕарар үлэҕэ, тэрээһиҥҥэ тэҥҥэ илдьэ сылдьан, иитэн, такайан улаатыннарбыттара. Үлэттэн-хамнастан чаҕыйбат, үөрэххэ кыһамньылаах буоларга, саҕаламмыты ситэрэргэ, дьону-сэргэни ытыктыыр ыччаты үүннэрбиттэрэ.
Ийэлээх аҕаларын утумнаан бары араас үөрэхтээх, үлэһит дьон буолаллар. Улахан кыыстара Ангелина идэтинэн иитээччи, өр кэмҥэ оҕо санаторийыгар эҥкилэ суох үлэлээбитэ, үлэ бэтэрээнэ. Кини оҕолоро: Денис, Виктория – юрист идэлээхтэр, Марина – финансист үөрэхтээх. Иккис кыыс Августина – атыыһыт, Арассыыйа потребкооперациятыгар үтүө суобастаах үлэтин иһин анал бэлиэлээх, үлэ бэтэрээнэ. Кини кыыһа Анна экономист, уола Максим – Мииринэйдээҕи техническэй колледж выпускнига. Кыра кыыс Саргылана олоҕун эмиэ оҕону иитиигэ анаан, билигин даҕаны Дьокуускай куорат «Кэскил» уһуйаанын иитээччитэ, оскуола иннинээҕи үөрэхтээһиҥҥэ кылаатын иһин бэлиэлээх. Биир оҕолоохтор. Уоллара Иван – тимир көлө суоппара, үс оҕолоох.
Егор Иванович Сунтаардааҕы «Сельхозтехника» холбоһугар 1957с. 1992 с. сынньалаҥҥа тахсыар диэри тырахтарыыһынан эҥкилэ суох үлэлээбитэ. Бу тэрилтэҕэ сүрүннээн оһорбо дулҕа сирдэри солоон ходуһа, бааһына оҥоруутугар, айан суолларын, сөмөлүөт түһэр былаһааккаларын солоон оҥоруутугар, уот линиятын тардааһыныгар таһаарыылахтык тэрилтэ туһа диэн аахсыбакка үлэлээбитэ.
Уон сыл устата көлөһүннэрин тохпут, олоҕун аналын булбут Куокунуга икки тыһыынча кэриҥэ гектардаах Табаҕа сирин солоон, хорутан туттарбыттарынан киэн туттар. Егор Иванович саныырынан, утуйалларын умнан туран икки симиэнэҕэ тохтоло суох солоон, икки корпустаах булуугунан хорутан, дискэлээн киһи күүһүн-уоҕун өһүлэр, өрөбүлэ суох ыарахан үлэҕэ сылдьыбыт эбиттэр. Маҥнайгы сылларыгар таһаарыылаах үлэлэрин сыаналаан, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ үс Т-100 корчевателлээх тыраахтары биэрбиттэрин, Сунтаарга аан бастакынан кулун тутарга үс буолан ый аҥаара кэриҥэ элбэх эрэйи көрөн хаамтаран аҕалбыттарын ахтар.
Кинини, эдэр үлэһити үлэҕэ-хамнаска, үлэ мындырыгар такайбыт дьонунан аҕа табаарыстарын – Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтээрэнэ Николай Платоновы уонна С.А.Зверев-Кыыл Уола ансаамбылын кыттыылааҕа Ариан Федоровы ааттыыр. «Кинилэр курдук ханнык да үлэттэн толлубат, тулхадыйбат санаалаах үлэһит дьону кытта уһуннук үлэлээн мин «олох оскуолатын» ааспытым» диэн Егор Иванович умнубат.
Табаҕа сүрүн үлэтин бүтэрэн баран, 1974 с. Элгээҥҥэ хортуоппуй буолатын, онтон Кириэстээххэ Ыарҕаны эбэтэр Кыра Табаҕаны солообуттара. Куокунуга сөмөлүөт түһэр былаһааккатын оҥорбуттарын көрөннөр, тэрилтэҕэ сакаастааннар, кэлин Сунтаарга, Хадаҥҥа, Кириэстээххэ, Бүлүүчээҥҥэ, Бордоҥҥо, Арыылаахха сөмөлүөт түһэр былаһааккаларын оҥотторбуттара.
Оччолорго биир сүрүн үлэнэн дулҕаны быһан, ходуһа оҥоруута этэ. Ол курдук, Бочоонойго (Хадан), Сооруоска (Кэмпэндээйи), Арҕаа үрэххэ (Уһун Күөл), Маар Күөлтэн уонча көстөөх сиргэ Лаайаҕа, Харыйалаахха үлүгэрдээх элбэх сири солоон туттарбыттара.
Биир оннук умнуллубат түгэн — өрүһү туоруур Лоҥкур вышкатын туруоруу буолбута. Ньурбаттан анал хамыыһыйа кэлэн, Егордаах икки улахан тыраахтарынан лөбүөккэлэнэн аа-дьуо тардан, туруорбуттара. Эмиэ ити кэмҥэ Бүлүүтээҕи ГЭС уотун баҕанатын Кириэстээххэ диэри туруорууга сылдьыбыта.
Оройуоҥҥа от үүммэтэх, кураан дьылыгар Өлүөхүмэттэн от ылаары, икки массыына аасыһар, үлүгэрдээх уһун быһа суолу солотторбуттара. Ол түмүгэр Сунтаар оройуонугар сүөһү кыстыга этэҥҥэ ааспыта.
Сэрии тулаайаҕа, Тойбохойдооҕу оҕо дьиэтин иитиллээччитэ Егор Назаров үтүө суобастаах, үрдүк таһаарыылаах үлэтин сыаналаан, тэрилтэтэ, партия райкома, райсовет исполкома, Саха АССР «Госкомсельхозтехника» тэрилтэтэ элбэх бочуотунай грамотанан, махтал суругунан бэлиэтээбиттэрэ. Кини түөрт уон сыл устата Сунтаар оройуона туругурарын туһугар, кыһамнылаах үлэтин иһин, үлэ, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ буолбута, «Сунтаар нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо» ааты иҥэрбиттэрэ.
Дьиэ хаһаайката 1940 с. Куокуну нэһилиэгэр Элгээҥҥэ Игнатьевтар дьиэ кэргэҥҥэ иккис оҕонон күн сирин көрбүтэ. Аҕата Егор Гаврильевич – сэрии бэтэрээнэ, Арҕааҥы фроҥҥа Польшаны, Венгрияны босхолооһуҥҥа тиийэ дойдутун көмүскэспитэ. Люция Егоровна кэргэнинээн Сунтаарга көһөн киирэн, Сунтаардааҕы «Сельхозтехника» холбоһугар араас үлэҕэ таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Кэлин «Солнышко» уһуйааныгар биэнсийэҕэ тахсыар диэри үүнэр көлүөнэни иитиигэ, хаһаайыстыбаны бөҕөргөтүүгэ үгүс сыратын биэрбитэ. Люция Егоровна Абаҕа быыбардыыр уокуругуттан Сунтаар оройуонун, нэһилиэгин сэбиэттэригэр хас да төгүл дьокутаатынан талыллан, таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Кини үлэтэ үгүс элбэх грамотанан, коммунистическай үлэ ударнига үрдүк ааты иҥэриинэн сыаналаммыта.
Бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан баран, Назаровтар улахан кэтэх xаһаайыстыба тэринэн үгүс ыалы эмис этинэн, хойуу үүтүнэн, сибиэһэй сүөгэйинэн, амтаннаах суоратынан кэккэ сылларга хааччыйан олорбуттара. Люция Егоровна нэһилиэккэ буолар тэрээһиннэргэ: ыһыахтарга, ыам ыйын бырааһынньыктарыгар, күһүнү, кыһыны атаарыыларга сахалыы ас арааһын астаан бар дьонун күндүлүүр идэлээх этэ.
Дьэ, ити курдук Егор Иванович уонна Люция Егоровна эйэ-дэмнээхтик бииргэ олорон, сарын-сарыннарыттан өйөһөн, түөрт оҕолорун, сиэннэрин үөрэхтэтэлээн, көнө майгыларынан, истиҥ сыһыаннарынан, дьулуурдаах үлэлэринэн Сунтаар нэһилиэгэр биир убаастанар, ытыктанар ыал буолаллар.
Денис Портнягин,
улахан сиэннэрэ.