«Үлэни-хамнаһы биһириибит» дииллэр сунтаардар

Сунтаар нэһилиэгэр улуус дьаһалтатын 2023 сыллааҕы отчуота С.А.Зверев-Кыыл Уолун аатынан улуустааҕы норуот айымньытын киинигэр буолла. Дьон кэлиитэ элбэх. Улуус баһылыга Анатолий Григорьев 2023 с. ыытыллыбыт үлэ-хамнас туһунан кэлбит дьоҥҥо сиһилии билиһиннэрдэ.

Онтон ыйытыктарга киирдилэр. Сунтаар нэһилиэгин олохтоохторун бассейн тутуута, хаарбах дьиэттэн көһөрүү тосхоло, тыа хаһаайыстыбата, төрүүр дьахталлар кыһалҕалара уо.д.а. долгутар эбит. Дьон мунаахсыйар ыйытыктарыгар толору хоруй ыллылар.

Сунтаар роддомугар тоҕо дьахтары төрөппөт буоллулар?
Константин Павлов, Сунтаар кылаабынай бырааһын солбуйааччыта: «Дьокуускай куоракка улахан перинатальнай киин арыллан, төрүүр дьахтары барыларын куоракка ыытарбыт ирдэнэр буолла. Саҥа төрөөбүт оҕо, ийэ хаачыстыбаннай медицинскэй өҥөнөн хааччыллыахтаахтар. Перинатальнай кииҥҥэ усулуобуйа барыта баар. Самолетунан айаннара 100% төлөнөр. Хомойуох иһин олорор, түһэр дьиэнэн хааччыйбаппыт».

Бассейн тутуута тоҕо бытаарда?
Анатолий Григорьев, Сунтаар улууһун баһылыга: «Бассейн тутуутугар соччото суох бэдэрээччит түбэстэ. Билигин бэдэрээччиги устар туһунан дьыала суукка барбыта. 2 суукка кыайбыппыт. Ол эрэн бэдэрээччит суут уурааҕар сөбүлэспэтинэн тутуу уһаата-кэҥээтэ. Быйыл бүтэрэр былааннаахпыт. Бүддьүөккэ харчы көрүллүбүтэ».

Автобус сырыыта Сунтаар нэһилиэгэр куһаҕан. Элбэх дьон эрэйдэнэр.
Николай Александров, Сунтаар улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччы: «АТП гарааһа умайбытынан автобус сырыыта тохтуу сылдьыбыта. Бу тохсунньу ыйга саҥа тиэхиньикэлэр кэлэллэригэр үлэлэһэбит. Автобус ороскуота улахан. Дьон сылдьыбат. Сырыыны тупсарарга үлэ барар. Үөрэтэн көрүү түмүгүнэн Хомустаахтан элбэх киһи автобус сырыытыгар наадыйар”.

Хаарбах дьиэттэн көһүү федеральнай тосхол 2025 с. түмүктэнэр. Сунтаарга бу тосхолунан хас да дьиэ уочаракка турар. Бүгүҥҥү күн туругунан дьиэ сыбаайалара түһэ илик.
Эдуард Филиппов, Сунтаар нэһилиэгин баһылыга: «Сунтаарга бу тосхолунан элбэх дьон саҥа дьиэлэннэ. Быйылгыттан тутуулар саҕаланыахтара».

Сунтаар нэһилиэгин “Партизан” норуот айымньытын театральнай киинигэр өрүмүөн үлэтэ ирдэнэр. Манна туох көмө оҥоруоххутун сөбүй?
Эдуард Филиппов, Сунтаар нэһилиэгин баһылыга: «»Партизан» НАТК федеральнай тосхолго киллэрэн өрөмүөнүн ыытарга былаанныыбыт. Былырыын бу тосхолго хапсыбатахпыт. Быйыл эмиэ бу тосхолго хапсар курдук үлэ ыытыахпыт».

Сайын оҕо уһуйаана үлэлээбэт буолан, элбэх төрөппүт кыһалҕаны көрсөр.
Альберт Иванов, үҮөрэҕирии салалтатын салайааччыта: «Сайыҥҥы кэмҥэ уһуйааҥҥа оҕо аһылыгар, иитээччи хамнаһыгар үп көрүллүбэт. Ол иһин, сорох уһуйаан төлөбүрдээх буолааччы. Ол эрэн, төлөбүрдээх уһуйааҥҥа аҕыйах оҕо сылдьааччы. Төрөппүттэр сайын оҕолорун уһуйаантан сынньаталлар диэн бэлиэтии көрдүбүт. Элбэх дьон баҕарар буоллаҕына бу боппуруоһу үөрэтэн көрүөхпүт».

Этиилэр:

Сунтаар нэһилиэгин кырдьаҕас олохтоохторо, үөрэҕирииттэн элбэх киһи Сунтаар сайдар кэскилин, үлэ-хамнас туһунан санаатын эттэ.

Олег Сосин, Сунтаардааҕы политехническай лиссиэй-интэринээт дириэктэрэ: «Улуус үрдүнэн учууталлар тиийбэт буоллулар. Үрдүк үөрэхтэрин бүтэрбит эдэр дьонтон кыра бырыһыана оскуолаҕа тиийэр. Эдэр учууталлары тыаҕа олохсутар туһунан тосхолло ылыныҥ. Араас күрэстэргэ кытта барар оҕолорго самолетунан чэпчэтиилээх билиэттэри олохтуохха наада. Улуус салайааччылара бу боппуруоһу Бырабыыталыстыба таһымыгар көтөҕүҥ. Улуус дьаһалтата үлэтин көрдөрөр-иһитиннэрэр ханаалларынан истэ-билэ олоробут. Олохтоох киһи хараҕынан биһириибин диэн этэбин».

Владимир Петров, Сунтаар нэһилиэгин кырдьаҕас олохтооҕо: «Улуус салалтата федеральнай тосхоллорго киирсэрин, туруорсарын биһириибин. Бэйэ обородууксуйатын оҥоруу хаһан да тохтуо суоҕа. Ол иһин, сүөһү ахсаанын элбэтэргэ үлэ барыан наада. Сунтаартан дойду дьоруойдара тахсыбыттарыгар салалта эмиэ үтүө өҥөлөөх. Автобус сырыытыгар этиилээхпин. Оскуола оҕолорун бэйэтэ тастын. Нэһилиэк иһигэр улахан автобустар буолбакка, микроавтобустар сырытыннар. Көрүүтэ-истиитэ да чэпчэки буолуо. Нэһилиэктэргэ автобус сырыытын олохтооҥ. Быраастар олохсуйан олороллорун курдук усулуобуйа оҥоруохха наада. Кэлии исписэлиистэри олорор дьиэнэн хааччыйыҥ. Улуус дьаһалтатын үлэтин биһириибин».

Августина Чойнова, Сунтаардааҕы гимназия учуутала: «Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмө киини Сунтаарга тэрийиэххэ. Оҕолор буойун уолаттарга араас бэлэх-туһах тэрийэн ыыталлар. Дьону кэпсэтэргэ, буларга күчүмэҕэйдэри көрсөбүт. Улуус баһылыга Анатолий Васильевич анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмөлөһөргүн биһириибит».

Афанасий Васильев, Сунтаар улууһун бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ: «Аҕам саастаах дьоҥҥо сүгүрүйүү сылын биллэрбиккит үчүгэй. Улууска 120 тыыл бэтэрээнэ, 400 сэрии сылын оҕолоро баар. Кинилэргэ ураты болҕомто ууруохха. Сири өртөөһүн үлэтин былааннаахтык ыытар, сири-уоту оҥорор бириэмэ уолдьаста. Улуус үлэтин куһаҕан диир кыах суох. Үлэ түмүгэ көстөр. Улууска олох сайдар. Онон улуус дьаһалтатын үлэтин биһириибин».

Мира АФАНАСЬЕВА

Георгий Афанасьев, Мира Афанасьева хаартыскаҕа түһэриилэрэ

Читайте дальше