Үлэни өрө тутар лааҕырдар

Сайыҥҥы кэмҥэ оҕо дьарыктаах буоларыгар Сунтаар улууһун дьаһалтата 1 мөл. солк. кɵрɵн үгүс оҕо лааҕырга үлэлээн хамнастанар. Улууска алта агро хайысхалаах оскуола баар.

Куокуну оскуолата сыл аайы хортуоппуйу, хаппыыстаны өлгөмнүк олордон үгүс үүнүүнү ылан тэрилтэни уонна нэһилиэнньэни хааччыйар. Быйыл 4 гааҕа хортуоппуй, 1 гааҕа хаппыыста уонна гаа аҥаарыгар сүбүɵкүлэ, редискэ олордубуттар.  Теплицаҕа оҕолор, үлэһиттэр үүннэрбит оҕурсулара, помидордара хайы-сах ситэн атыыга күннэтэ тахса турарын кэрэхсээтим.

«Быйаҥ» лааҕырга 25 оҕо сылдьар. Манна Куокуну эрэ оҕолоро буолбакка эбэҕэ, эһэҕэ сынньана таарыйа Сунтаартан, Мииринэйтэн, Дьокуускайтан, Намтан тиийэ кэлбит сиэн оҕолор үлэлииллэр. Куораттан кэлбит Алекса Тордуянова: «Манна кэлэн, лааҕырга тяпкалааһыҥҥа саҥа үɵрэнним, хаһан да олохпор маннык гына иликпин», — диэн үөрэ-көтө кэпсээтэ.

Быйыл Куокуну оскуолатыгар тыа хаһаайыстыбатын салалтата уу кутар тэрили ылыыга үбүнэн уонна сиэмэ хортуоппуйунан улахан кɵмɵ буолбутун туһунан ахсынньы ыйтан саҥа салайааччынан үлэлиир Егор Степанов үɵрүүтүн үллэстэр. Егор бу иннинэ, мин билэрбинэн, улууспут мадьыныларын түмэ тардар ДЮСШ мас тардыһыытын старшай тириэньэринэн үлэлээбитэ, аны билигин тɵрөөбүт дойдутун сайыннарар санаалаах салайааччынан кэскиллээхтик үлэтин саҕалаата. Кини оскуола үлэтигэр былаана киэҥ, кэлэр үɵрэх дьылыгар «трактоведения» үɵрэҕин үлэлэтэн тыраахтырга, квадроциклга быраабы ылар кыахтаныахпыт диэн сонунун үллэстэр.

Оттон Сунтаар 2-с нүɵмэрдээх оскуолата лааҕыр иккис сезонугар оҕуруот аһын харайыыга, кустары-хаастары, куруолуктары иитиигэ-аһатыыга, буолаҕа үлэни кыайа тутар.

Манна даҕатан эттэххэ, агро оскуолалар оҕолору хамнастыыр сыаллаах Сунтаар улууһун дьарыктаах буолуу киинин кытта ыкса ситимнээхтик үлэлииллэр. Бу хамсааһыҥҥа улуус дьаһалтата биир мɵлүйүɵнү кɵрбүт буоллаҕына, өрөспүүбүлүкэттэн 760 тыһ.солк. кэлбитин туһунан салайааччы Борис Уларов кэпсээтэ.

Оҕо сайынын туһалаахтык атаарарыгар бу маннык үлэ лааҕырдара дьиэҕэ сытыахтааҕар элбэххэ үɵрэтэллэр.

Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА

Читайте дальше