Елена Николаевна Пахомова үбүлүөйдээх 85 сааһыгар ананар
Ханнык баҕарар үйэ, тутул бэйэтин кэмигэр киэн туттар, бас-көс оҥостор, тумус туттар дьонноох буолар. Дьаар­хан нэһилиэгин Бочуот­таах олохтооҕо, бибилэтиэкэ үлэтин бэтэрээнэ, ССРС култууратын туйгуна Пахомова Елена Николаевна олох биэрэр үөрүүлэрин Дьаархан нэһилиэгин олохтоохторун кытта тэҥҥэ үллэстэр, кинилэр хомолтолорун эмиэ тэҥинэн ылынар уйан дууһалаах, амарах майгылаах ытык-мааны киһибит буолар. Елена Николаевнаны кытта сэһэргэһэн ылбыт түгэннэрбин бу баардыы санаан, көрөн олорон сурйуубун саҕалыыбын.

Елена Николаевна 1960 сылтан Дьаархан олохтоох бибилэтиэкэтигэр аан бастаан үлэтин саҕалаабыт. Ол кэмнэргэ кинигэ пуондата олох аҕыйаҕа, баара суоҕа сүүсчэкэ кинигэлээх эбит. Кыра оҕолорго аналлаах И. Алексеев «Бэс туорааҕа» диэн биир эрэ кинигэтэ баара. Елена Николаевна: «Ол саҕана кинигэ аһара кэмчи буолан «Бэс туорааҕа» диэн кыра оҕо кинигэтин ааҕаарылар сүрдээх уһун уочарат этэ», – диэн ахтар. Ол саҕана култуура салаатыттан бэрэстэбиитэлинэн киинэсиэт үлэһитэ Белоусов диэн нуучча киһитэ кэлэн сүбэ-ама биэрэрэ. Бибилэтиэкэ балыыһа таһыгар аан бастакы кулууп дьиэ биир хоһугар баара. Ол хоско мунньах, эрэпэтииссийэ буолара. Кыһыҥҥы тымныыга бибилэтиэкэ хоһугар тимир оһох оттунар этилэр. Антипин Николай Николаевич култуура салаатын сэбиэдиссэйинэн үлэлиирэ, Елена Николаевнаны 1961 с. култуурунай-сырдатар училищеҕа бибилэтиэкэ салаатыгар үөрэххэ ыыппыт. 1963 с. үөрэҕин ситиһиилээхтик бүтэрэн, атырдьах ыйыттан Дьаархан олохтоох бибилэтиэкэтигэр өйүн-санаатын ууран, билиитин-көрүүтүн, күүһүн-кыаҕын таба туһанан өр сылга үтүө суобастаахтык сыралаһан тахсыылаахтык, кинигэ ааҕарга бырапагаанда ыытан үлэлээбит-хамсаабыт. Ол саҕана оройуоннааҕы бибилэтиэкэ сэбиэдиссэйинэн В.М.Илларионова үлэлиирэ. Кинини кытта оҕо салаатыгар Т.М.Рыбникова, Е.П.Осипова үлэлииллэрэ. Кинилэр олус көмөлөһөллөрө, сүбэ-ама буолаллара, методическай литературалары, матырыйааллары ыыталлара. Елена Николаевна үлэлиир кэмнэригэр мэлдьи үчүгэй салайааччыларга түбэһэн элбэх ситиһиилэммит. Бэрэссэдээтэллэрэ Герасимов Петр Алексеевич, Потапов Афанасий Ефремович, отделение управляющайа Ксения Кузьминична Данилова уонна оройуон бибилэтиэкэтин сэбиэдиссэйдэрэ Иванова Валентина Васильевна, Степанова Розалия Николаевна улахан көмөнү уонна сабыдыалы оҥорбуттара. Ол да иһин оройуоҥҥа мэлдьитин инники күөҥҥэ сылдьара. Ол туоһутунан араас грамоталар, дьупулуомнар, бэлиэлэр, лиэнтэлэр буолаллар. “Оройуон пятилетка социалистическай куоталаһыытын кыайыылааҕа” диэн бэлиэ биэрбиттэрэ уонна оройуон Бочуотун кинигэтигэр киллэрбиттэрэ. Ол курдук, социалистическай куоталаһыы норуот хаһаайстыбатын үлэһиттэрин кыайыылаахтарын слеттарыгар хас да сыл дэлэгээтинэн талыллан кыттыыны ылбыта. Итинтэн ураты орто бибилэтиэкэлэр куоталаһыыларыгар үлэлээбит сылларыгар элбэхтэ бастакы күөҥҥэ сылдьыбыта. Култуура үлэһиттэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи 2-с, 3-с сийиэстэригэр дэлэгээтинэн талыллан кыттыбыта. Хомсомуол обкомун, обком култуура үлэһиттэрин идэлээх Сойуустарын, сопхуос, холкуос, нэһилиэк бочуотунай грамоталара, дьупулуомнара олус элбэх. Кини 14 сааһыттан, ол аата 1954 с. хомсомуол кэмитиэтигэр үлэлээбит. Хомсомуолтан 28 саастарыгар тахсар буоллахтарына, кини 30-гар диэри сылдьыбыт. «Мин ити ситииһиилэрим түмүгэ барыта нэһилиэгим дьоно, оскуолабыт учууталларын, салайааччыларбыт үтүөлэрэ-өҥөлөрө, кинилэр көмөлөрө, өйөбүллэрэ буолар. Нэһилиэк уруккуттан билиҥҥэ диэри олус көхтөөх, үлэһит дьонунан киэн туттуохха сөп. Төһө да дьиэбит-уоппут тымныытын иһин, нэһилиэкпит дьонун итии-сылаас сыһыаннарын, кинилэр көмөлөрүнэн үлэлээн-хамсаан кэлбитим», – диэн итии-истиҥ тылларынан ахтар.
Елена Николаевна пропагандист, көҕүлээччи быһыытынан биллэрэ. Ону сэргэ дьахтар кэмитиэтигэр хас да сыл «Дьүөгэлиилэр», «Хозяюшка», «Ньургуһун» түмсүүлэри тэрийэн ситиһиилээхтик үлэлэппитэ. Итини таһынан кулууп, бибилэтиэкэ сэбиэттэригэр баара уонна нэһилиэк сэбиэтин дьокутаатынан, суут сэтээтэлинэн өр сылга үлэлээбитэ. Ол саҕана кулуупка Д.Д.Седалищев, П.Н.Кузьмин, кулууп сэбиэдиссэйинэн С.Н.Архипов буолан, киэҥ уопсастыбаннаска тирэҕирэн, араас тэрээһини, атах тэпсэн олорон кэпсэтиилэри, суруйааччыларга аналлаах литературнай киэһэлэри, ааҕааччылар кэмпириэнсийэлэри тиһигин быспакка ыыталлара. Пиэрмэҕэ, тэрилтэлэргэ “передвижкалары” тэрийэн, кыһыл муннуктарга агитациялары оҥорон, илдьэн ыйаталыыллара уонна ыччат пиэрмэлэригэр көмөлөһө таарыйа баран субуотунньуктаан, култуура күннэрин ыытан, онно-манна бардахтарына солбуйан сэргэхситэн кэлэллэрэ.
«Урут туох тэрээһини ыытар буоллубут да бары бииргэ үлэлээн былаан оҥостон үлэлиирбит. Хас биирдии ыытыллар тэрээһиҥҥэ ким хайдах кыттара, тугу толороро барыта чуолкай буолара. Үлэлээбит кэммэр туох баар нэһилиэккэ ыытыллар бары тэрээһиннэри бэйэм собус-соҕотоҕун сценарийын, былаанын суруйан бэлэмниир этим диэтэхпинэ ким да саарбахтыы санаабата буолуо дии саныыбын. Ол курдук, аан бастаан Дьаархаҥҥа ыытыллыбыт «Хочо куолаһа» оһуохай түһүлгэтин, “Айан күрэх” куоталаһыы, композиция, сценарий, попурри булан ырыаһыттарга суруйан биэрии, бырагыраама оҥоһуутун курдукка, кыаҕым кыайарынан көмөлөһө сатыырым. Бэл, урут хас кэнсиэр аайы нүөмэрдэрин ахсын сөптөөх хоһоону булан, быһа тардыылары суруйан, бырагыраамаҕа киллэрэн бэчээттээн биэрэрим», – диэн сылаастык ахтар.
Елена Николаевна 1960 сылтан 1989 сылга диэри нэһилиэк олохтоох бибилэтиэкэтигэр 30 сыл, Онтон 1991 сылтан 2006 сылга диэри 15 сыл оскуола бибилэтиэкэтигэр үлэлээбитэ.
Дьаархантан төрүттээх бибилэтиэкэр идэтин ылбыт, араас сиргэ үлэлии сылдьар уонтан тахса киһилээхпит. Биир кыракый нэһилиэктэн бачча элбэх бибилэтиэкэр тахсыыта диэн чугаһынан, арааһа, улууска да суоҕа эбитэ буолуо. Ол аата, Елена Николаевна туох эрэ үчүгэй өйдөбүлү хаалларбыт эбит диэн. Оттон Елена Николаевнаҕа тус бэйэтигэр туһулаан эттэххэ, сүүс сааскын томтойо туол, дьоллоохтук-соргулаахтык олор диэн алгыһынан, бу дьоҕус суруйуубун түмүктүүбүн.

Анна НИКОЛАЕВА,

Дьаархан нэһилиэгин олохтоох бибилэтиэкэтин
сүрүннүүр бибилэтиэкэрэ.

Читайте дальше