Үлэлээбит тэрилтэм үбүлүөйүгэр сылдьан үөрдүм, астынным

Ахсынньы 9 күнүгэр улууспут хаһыата – «Сунтаар сонуннара» –   85 сыллаах үбүлүөйүн үөрүүлээхтик бэлиэтээһин буолла. Чөкө тэрээһиҥҥэ улуус баһылыга Анатолий Григорьев, оройуон Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Ульяна Попова, Сунтаар нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Федор Федоров кэлэн, хаһыат үлэһиттэрин үөрүүлэрин тэҥҥэ үллэһиннилэр, бастыҥ үлэлээхтэргэ Ил Түмэн, СӨ Инновацияҕа, сыыппара сайдыытыгар уонна инфокоммуникация технологияларын министиэристибэтин, улуус, нэһилиэк наҕараадаларын туттардылар. Ол курдук, хаһыат кылаабынай эрэдээктэригэр Юлия Алексеева Ил Түмэн култуураҕа уонна иһитиннэрэр эйгэҕэ кэмитиэтин Бочуотунай грамотатын, шеф эрэдээктэр Яина Власьева Ил Түмэн  Бэрэссэдээтэлин Махталын туттулар. Хаһыат рекламаҕа менеджерэ Маргарита Иванова СӨ Инновацияҕа министиэристибэтин Махталынан наҕараадаланна. Хаһыат бэтэрээннэрэ Иван Чагидинскай, Борис Николаев, Раиса Артемьева, Индира Михайлова Махтал суругунан бэлиэтэннилэр.  Хаһыат техническэй эрэдээктэрэ Мария Егорова уонна хаһыакка эрэдээктэрдээбит Галина Филиппова «Сунтаар улууһун экономическай-социальнай сайдыытыгар кылаатын иһин» Бочуотунай бэлиэнэн наҕараадаланнылар.

«Сахабэчээт» судаарыстыбаннай тэрилтэ бэрэстэбиитэллэрэ Валентина Бочонина, Николай Васильев кэлэн кытыннылар, өрөспүүбүлүкэҕэ бастыҥ үлэлээх хаһыаттартан биир бастыҥнарын үлэһиттэрин өр сыллаах таһаарыылаах үлэлэрин иһин махтанан туран, «Сахабэчээт» наҕараадаларын туттардылар. Ол курдук, хаһыат 1 категориялаах эрэдээктэрэ Марфа Иванова таһаарыылаах үлэтин сыаналаан Махтал сурук туттардылар. Биһиги —  типография, эрэдээксийэ бэтэрээннэрэ Мария Попова, Нюргустана Ващенко, Варвара Кириллина, Ульяна Софронова тэрилтэ салайааччыта Ньургуйаана Стручкова илии баттааһыннаах Махтал суругун тутаммыт олус үөрдүбүт.

Бииргэ үлэлэһэр тэрилтэлэрин салайааччылара – киин бибилиэтэкэ салайааччыта Изабелла Жиркова, «Арассыыйа почтата» Сунтаардааҕы отделениетын начаалынньыга Ирина Егорова, «Саха» НКИХ Сунтаардааҕы филиалын салайааччыта, ааспыт өттүгэр улуус хаһыатыгар таһаарыылаахтык үлэлээбит суруналыыс Ольга Захарова истиҥ эҕэрдэлэрин эттилэр, баҕа санаа бастыҥын тириэртилэр.

Улуустааҕы ыччат бэлиитикэтин отделын салайааччыта Трофим Иванов хаһыат үлэһиттэрин, бэтэрээннэрин истиҥник эҕэрдэлээтэ уонна типографияҕа өр сылларга таһаарыылаахтык үлэлээбит бэтэрээннэргэ барыларыгар тэрилтэ аатыттан Махтал сурук туттарда.

Урут үлэлээн ааспыт эрэдээктэрдэртэн Галина Филиппова ахтыы оҥордо уонна билигин үлэлии сылдьар дьоҥҥо бэйэтин бэлэхтэрин туттартаата.

Бырааһынньык ыҥырыылаах ыалдьыттара хаһыат улуус олоҕор суолтатын, история кэрэһитэ буолан хааларын, инники өттүгэр олоҕу кытта тэҥҥэ барсан иһэллэригэр баҕа санааларын тириэртилэр.

Эрэдээксийэ үлэһиттэрэ уонна «Партизан»  кулууп үлэһиттэрэ кыттыһан олус истиҥ  киһи сүргэтин көтөҕөр, сүрэҕин сылаанньытар тэрээһини кыайа-хото ыыттылар. Минньигэс, толору астаах сандалы тула олорон, уруккуну ахтан-санаан, билиҥҥини биһирээн, күлэн-үөрэн, араас фотозонаҕа хаартыскаҕа хатанан, эрэдээксийэ кэлэктиибэ бэлэмнээбит брошюратын, кэлэр сыллаах халандаарын, блокнотун бэлэх тутан, оонньууларга кыттан кыайбыттар бэртээхэй бириис ылан дуоһуйа сынньанан тарҕастыбыт. Маннык истиҥ, иһирэх  көрсүһүүнү тэрийбит эрэдээксийэ кэлэктиибигэр уонна ыытааччы Роман Амоновка  истиҥ махталбын тириэрдэбин.

 

Ульяна СОФРОНОВА, эрэдээксийэ бэтэрээнэ.

Читайте дальше