Үлэһит дьон чиэстэннэ, баай историялаах быыстапка тэрилиннэ

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, «Партизан» норуот айымньытын театральнай киинигэр Сунтаар нэһилиэгэ төрүттэммитэ 259 сылын бэлиэтиир, нэһилиэк бастыҥ үлэлээх, дьоһун дьонун чиэстиир үөрүүлээх тэрээһин буолан ааста. 

Тэрээһиҥҥэ кэлбит дьон болҕомтотун тардар история араас кэрдиис кэмин сырдатар, быйыл үбүлүөйдээх тэрилтэлэр үлэлэрин кэпсиир, о.д.а. эҥин-эгэлгэ экспонаттаах баай быыстапкалар турдулар. Бэлиэ күн дьоро киэһэтэ тохтор тойуктаах, алгыс арыаллаах, алаадьы, кымыс утахтаах саҕаланна. Салгыы кэлбит дьон саалаҕа аастылар.

Киирии тылы Сунтаар нэһилиэгин баһылыга Эдуард Филиппов бар дьонун бүгүҥҥү үөрүүлээх күнүнэн — Сунтаар 259 уонна РФ Конституцията 30 сылларынан эҕэрдэлээн эттэ. Быйылгы сыл түмүктэрин, туох уратылаах сыл ааһан эрэрин билиһиннэрдэ. Бу сылы түмүктүүр тэрээһиҥҥэ, бастатан туран, аттыбытыгар баар аҕам саастаах дьоҥҥо, үгүһү үлэлээбит үлэ бэтэрээннэригэр махтанарын биллэрдэ.

Салгыы эҕэрдэ ырыа аргыстаах сыл түмүгүнэн наҕараадалааһын саҕаланна. Ол курдук, Эдуард Егорович СӨ министиэристибэлэриттэн махтал суруктары үрдүк көрдөрүүлээх үлэлэрин иһин олохтоох урбаанньыттарга Окс Юрийга уонна Сергей Даниловка туттарда.

Сунтаар улууһун дьаһалтатыттан Аҕа баһылык бастакы солбуйааччыта Николай Александров бу үөрүүлээх күнүнэн эҕэрдэлээн туран, Эдуард Егоровичка, дьаһалта үлэһиттэригэр эҕэрдэ, махтал суруктары туттартаата.

Сунтаар нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо үрдүк ааты Сунтаар нэһилиэгин дьокутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Семен Николаев туттарда. Быйыл нэһилиэк бу үрдүкү наҕараадатын ыллылар:

Валентина Алексеевна Иванова, үлэ бэтэрээнэ,

Раиса Семеновна Матвеева, СӨ бочуоттаах учуутала, СӨ уопсай үөрэхтээһин бочуоттаах үлэһитэ, «СӨ үөрэҕириитин туйгуна»

Виктор Николаевич Ефимов, милиция бэтэрээнэ, «Милиция туйгуна», «Эҥкилэ суох сулууспа иһин» 2, 3 степеннээх мэтээл хаһаайына,

Анна Петровна Иванова, үрдүкү категориялаах учуутал, «СӨ үөрэҕириитин туйгуна», Тамара Афанасьевна Игнатьева, Саха сирин норуотун маастара, саха култууратын пропагандалааччы, уһуйааччы.

Салгыы история билимин кандидата, доцент Светлана Петрова Тамара Игнатьеваҕа Арассыыйа норуотун маастара  дастабырыанньатын туттарда.

50 сыл бииргэ олорбут Сунтаар нэһилиэгин ытык-мааны ыалын Татьяна уонна Анатолий Васильевтары чиэстээһин тэрээһин биир бэлиэ түгэнинэн буолла. Үйэ аҥаара кэм эйэ дэмнээхтик олорбут ытык ыалы Сунтаардааҕы ЗАГС салайааччыта Анна Григорьева Кыһыл көмүс кинигэҕэ киллэрии тэрээһинин ыытта, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Дьиэ кэргэн албан аата» бэлиэни туттарда. Нэһилиэк баһылыга Эдуард Филиппов, улуус баһылыгын солбуйааччы Николай Александров Васильевтар дьиэ кэргэни эҕэрдэлээтилэр, Ил Дархан, улуус, нэһилиэк махтал суруктарын, өйдөбүнньүк бэлэхтэрин туттардылар.

Салгыы Арассыыйаҕа Педагог уонна Аҕа сүбэһит сылынан быйыл үөрүүлээх үбүлүөйдэрин бэлиэтээбит үөрэхтээһиҥҥэ бигэ кылааттаах Олег Сосиҥҥа уонна Розалия Лекяеваҕа олохтоох дьаһалта эҕэрдэтин туттардылар. «Сунтаар нэһилиэгэ сайдарыгар бигэ кылаатын иһин» анал бэлиэни быйыл үс киһиэхэ туттардылар: Любовь Евсееваҕа, Сунтаардааҕы гимназия дириэктэригэр, Анисия Игнатьеваҕа, коррекционнай оскуола дириэктэригэр, Валентина Николаеваҕа, 1-кы нүөмэрдээх оскуола дириэктэри үөрэтэр-иитэр үлэҕэ солбуйааччытыгар.

Маны таһынан бу ааспыт сайын оҕолору ууттан быыһыырга хорсун быһыыларын көрдөрбүт Владимир Афанасьевка, Василий Петровка уонна Анастасия Максимоваҕа «Дьоруойдуу быһыыларын иһин» анал бэлиэни туттардылар. Сунтаар нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Федор Федоров Сунтаар нэһилиэгин бочуотунай грамотатын идэлээх үлэлэригэр бэриниилээх, араас эйгэҕэ ситиһиилээх дьоҥҥо, оскуола оҕолоругар туттарда. Маны таһынан нэһилиэк баһылыгын махтал суругунан Сунтаар сэлиэнньэтэ сайдарыгар бэйэлэрин эйгэлэригэр үтүө суобастаахтык үлэлии сылдьар тэрилтэлэр кэлэктииптэрэ бэлиэтэннилэр. Билигин уоппускаҕа кэлэ сылдьар байыаннай дьайыы кыттыылааҕар Эдуард Егорович махтал суругун туттарда. Анал байыаннай дьайыыга сылдьааччыларга, кинилэр дьиэ кэргэннэригэр күүс-көмө буола сылдьар дьоммут эмиэ баһылык махтал суругун туттулар.

Дьоро киэһэ биир кэтэһиилээх түгэнинэн бу сыл түмүгүнэн баһылык Граннарын туттарыы буолла. Бу граны сыл аайы араас хайысхаларынан бастыҥ көрдөрүүлээх, үрдүк ситиһиилээх, нэһилиэк олоҕор көхтөөхтүк кыттар 10 олохтоох киһи ылар. Быйыл оннук дьонунан ааттаннылар:

«Доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр бастыҥ» — Василий Новгородов, Сунтаардааҕы киин балыыһа үрдүк категориялаах акушер-гинеколог бырааһа.

«Үөрэҕирии эйгэтин бастыҥ үлэһитэ» — Анна, Сергей Ивановтар, Сунтаардааҕы гимназия үрдүк категориялаах учууталлара.

«Тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр бастыҥ» — Петр Потапов, бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта.

«Социальнай үлэ эйгэтигэр бастыҥ» — Вячеслав Максимов, Сунтаардааҕы социальнай харалта үлэһитэ.

«Эт-хаан култууратын уонна спорт эйгэтигэр сыл бастыҥа» — Светлана Николаева, олимпийскай резервэлэри бэлэмниир спортивнай оскуола буулдьанан ытыыга тренерэ.

«Атыы-эргиэн, өҥө оҥоруутун эйгэтигэр бастыҥ» — Тимур Ордахов, урбаанньыт.

«Нэһилиэнньэ олоҕун куттала суох буолуутун хааччыйыы эйгэтин бастыҥа» — Сумай Ю, өрөмүөн, сантехника үлэтигэр бэйэ дьыалатынан дьарыктанар.

«Олоҕу-дьаһаҕы толору хааччыйыыга бастыҥ» — Вячеслав Тотонов, Сунтаардааҕы ОДьКХ производственнай учаастагын машиниһа.

«Нэһилиэк уопсастыбаннай олоҕор көхтөөх кыттыытын иһин» — 31-с нүөмэрдээх Сунтаардааҕы баһаарынай сулууспа этэрээтин 1-кы баһаарынай чааһын кэлэктиибэ (сал. Е.Ю. Попов)

«Экологияҕа уонна тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа бастыҥ» — «Жилкомсервис» ХЭТ автотранспорт салаатын салайааччыта Айсен Ивановка.

Тэрээһини ырыа-тойук аргыстаах эҕэрдэ кэнсиэр ситэрдэ.

Бу үөрүүлээх тэрээһини көрө кэлбит нэһилиэк олохтоохторо сылы түмүктүү Үлэ дьонун бэлиэтиир ураты тэрээһин диэн сөҕө-махтайа, хайгыы этэллэр. Олортон нэһилиэк олохтоохторо бэтэрээн педагог Анна Васильевна уонна Владимир Петрович: «Сэмээр бэйэлэрин үлэлэрин толоро, дьон туһугар сүүрэр-көтөр чахчы туруу үлэһиттэр, этэргэ дылы «норуот дьоно» үрдүк сценаҕа тахсан наҕараада ылаллара кэмэ суох үөрүү буоллаҕа. Үгэс курдук ыытылларын олохтоохтор аһара диэн маныыбыт, күүтэбит. Үөрүүлэрин тэҥҥэ үллэстэбит. Биһиги Сунтаарбыт улууһа сүрдээх үлэһит дьонноох. Онон нэһилиэкпит бэлиэ күнүгэр үтүмэн үөрүүнү бэлэхтиир олохтоох дьаһалтабыт салалтатыгар, чуолаан эдэр баһылыкпыт Эдуард Филипповка барҕа махтал буолуохтун!»

Бу курдук сыл түмүктэрин таһаарар эҕэрдэ, ырыа-тойук аргыстаах Сунтаар нэһилиэгин 259 сылын бэлиэтиир бэрт сэргэх, үөрүү-өрөгөй, киэн туттуу тыыннаах бэртээхэй тэрээһин буолан ааста. Сыл бастыҥнарыгар эҕэрдэ бастыҥа буоллун, эппиэттээх үлэҕитигэр ситиһиилэри, бу күн хаста да этэн аһарбыттарыныы, сүрүнэ чэгиэн туруктаах этэҥҥэ олохтонуҥ.

Юлия-Айархаана АЛЕКСЕЕВА,

Марфа ИВАНОВА.

Читайте дальше