Үлэҕэ үлүһүйүү — үчүгэйгэ өксөйүү

Бэҕэһээ, балаҕан ыйын 24 күнүгэр, Элгээйи нэһилиэгин олохтоох дьаһалтата, кулууп, бибилэтиэкэ, оскуола үлэһиттэрэ Игорь Яковлев бааһынай хаһаайыстыбатыгар хаппыыста быһыытыгар субуотунньук тэрийдилэр. Бу иннигэр, улуустан элбэх киһи тахсан, хаппыыста үлэтигэр көмөлөһөн, үлэ үмүрүйбүтэ. Уопуттаах оҕуруотчут Игорь Николаевич быйыл да үүнүүтэ сүрдээх өлгөм буолан, билигин өссө да кыра быһыы хаалла. Оттон хортуоппуй хомуйуутугар, оскуола үөрэнээччилэрэ күүс-көмө буолбуттара. Бу курдук, Элгээйи нэһилиэгин олохтоохторо бэйэ-бэйэни өйөһөн, инникигэ эрэллээхтик үлэлии-хамсыы олороллоро үтүө холобур буолар.

Елизавета ТИТОВА

Читайте дальше