Сиэркилэ курдук уулардаах, сиэрдийэ буолар мастардаах, сибэккилээх Сиэйэ сиэдэрэй дьонунан баай даҕаны. БЬу аҕыйах хонуктааҕыта Сиэйэни, сиэйэлэри үйэтитээччи Октябрина Максимова Сиэйэ сиэдэрэй киһитин Павлова Зоя Георгиевна туһунан «Үлэҕэ анаммыт олох» диэн кинигэтэ сүрэхтэннэ.
Дьоро киэһэни ааптар «Ийэҕэ махтал» хоһоонунан аста. Бары ийэлэрбитин санаан, махтанан сүһүөхпүтүгэр туран иһиттибит. Баһылык Александр Романов киһи олорор сирин киэргэтэр, бу сиргэ киһи туох эрэ аналлаах кэлэр диэн бэрт дириҥ ис хоһоонноох этиитэ Октябрина Прокопьевна үйэтитиигэ үрдүк аналын толоро сылдьарын аһаҕастык кэрэһилиир.
Сунтаартан үөрэх салаатыттан тиийбит Юлия Ананьева киэҥ эйгэни хабар эҕэрдэтин, ону тэҥэ Сиэйэ оскуолатыгар дириэктэринэн үлэлээбит, сиэйэлэр астына ахтар киһилэрэ Владимир Уаров тус эҕэрдэтин астына иһиттибит.
Улахан уола Бордоҥ оскуолатын дириэктэрэ Михаил Максимов улуус баһылыгын махтал, эҕэрдэ суруктарын, сэмэй бэлэхтэрин, бэйэтин ийэтигэр тапталын туоһутун тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн бэлэх уунна.
Оскуола дириэктэрэ эдэр эрчимнээх Федот Чыбыков үтүө-мааны дьоммутун историяҕа хаалларан иһиэххэ диэн бэрт чуолкайдык судургутук ыйда.
Бэтэрээн учууталлар Александра Серафимовна, Елизавета Прокопьевна саабыспыт Зоя Георгиевна оскуола учууталлара ийэлэрин кэриэтэ саныыллара, кини баарыгар киһи бэйэ бодотун тардына түһэрин, учуутал ситиһиитэ дьиэ кэргэниттэн саҕаланарын, ырыаҕа-тойукка наһаа талааннааҕын кэпсээтилэр. Учуутал бастакы уруок буолуо 25 мүнүүтэ иннинэ кылааска баар буолуохтаах диэнинэн сирдэтэн оннук кэлэр буоллахпытына, Зоя Георгиевна хайыы-сах кэлэн сылдьар буолааччы диэн үлэтигэр үрдүк ирдэбиллээҕин ордук итэҕэттилэр.
Эдэр сааһын доҕотторо Кутанаттан Зоя Кириллина, Түбэй Дьаархантан Валентина Федорова оҕо эрдэҕиттэн СГУ-га үөрэниэҕиттэн учуутал курдугун, дьиэ кэргэн иһигэр куруук сылаас эйгэ баарын тоһоҕолоон бэлиэтээтилэр.
Түбэйтэн Мария Данилова-Күн Мичээрэ саабыс быһыытынан куруук сүбэ-ама буолбутугар махтанан туран, иһирэх анабыл хоһоонун ааҕан дьону уйадытан ылла. Тахсыбатах талаанын сиэннэрэ таһаарыахтара диэн эрэнэрин биллэрдэ.
Нэһилиэк ытык кырдьаҕаһа Трофим Акимович-Тирэҕэ Тэрэппиин «Зоя Георгиевна төрдүнэн Түбэй Хараларыттан тардыылаах. Бу халыҥ уус Түбэйи иилээн-саҕалаан олорбуттара» диэтэ. Ону истэн олорон үтүө дьон төрүөҕэ үтүө буоларыгар эрэнэҕин. «Сиэйэ кылыһахтарын » кытта сылдьан Бүлүүгэ оһуокайдаан улахан дьон сэҥээриитин ылбытын тоһоҕолоон кэпсээтэ. Киһи сир үрдүттэн да сүттэҕинэ кинигэ хаалар. Онон суолтата олус дириҥ. Куруук инники күөҥҥэ сылдьар бастыҥ нэһилиэк буолуохха диэн ыҥырыынан этиитин түмүктээтэ.
Балта Ия Георгиевна, оҕолоро Таня, Гриша ис сүрэхтэн тахсар истиҥ махтал тылларын ийэлэригэр Зоя Георгиевнаҕа, ийэлэрин өлбөт-сүппэт тыыннаабыт Октябрина Прокопьевнаҕа махталларын тиэрдибиттэрэ ама кими долгуппат буолуой?! Ахтыы суруйар уустугун, иэйии киирдэҕинэ эрэ сурулларын бэлиэтээн туран, «Үлэҕэ анаммыт олох» диэн аата табыллыбыт даҕаны диэн үөрүүлэрин биллэрдилэр. Куйаар ситиминэн куораттан бииргэ үөрэммит кыргыттара норуот маастара Маргарита Чалбанова, Тамара Степанова, Казахстантан тиийэ эҕэрдэлэр, ахтыылар көтөн кэлэн дьону сэргэхситтилэр, үөртүлэр. 26 кинигэ ааптарын Октябрина Максимованы улуустааҕы «Ньургуһун» түмсүү чилиэнинэн ыллыбыт. Түмсүү үлэтин сэргэхситиэ диэн эрэллээхпин. Биир улахан үөрүүбүтүнэн Октябрина Максимова өр сыллаах сыралаах үлэтин сыаналаан, Саха сирин бырабыыталыстыбатыттан эҕэрдэ, махтал сурук көтөн кэлэн сиэйэлэр өрөгөйдөрүн үрдэтиэн үрдэттэ.
Кинигэбит куар кодтаах. Ону баттаан Зоя Георгиевна, сиэн кыысчаан иһирэх ырыаларын тутан олорон көрүөххэ истиэххэ сөп.
Үөрүүлээх чаас кэнниттэн баай талым аһылыктаах остуол тэрилиннэ. Дьэ, манна өссө ордук аһаҕас истиҥ кэпсэтии буолла. Бэтэрээн учуутал Акулина Петровна аныгы ыччат култуурата үрдээн, тупсан иһэр диэн мин санаабын өссө бигэргэтэн биэрдэ. Зоя Георгиевна учуутал быһыытынан чулуутун Түбэй оскуолатын дириэктэрэ Альбина Архангельская учуутала үөрэппит ырыаларын французтуу ыллаан былааһы ылла, кини туйаҕын хатаран учуутал идэтин талбыта чаҕылхай холобур. Ханнык баҕарар киһи олоҕор саамай улахан ситиһиитэ — оҕолоро диэн тулхадыйбат өйдөбүллээхпин. Ону бүгүн оҕолоро тылларынан, дьыалаларынан этэн, көрдөрөн Зоя Георгиевна Ийэ үрдүк аатын чиэстээхтик сүкпүтүн дакаастаатылар.
Бу курдук икки күн туура тэбэн туран кинигэлэр сурэхтэниилэригэр саамай тутаах, өйөбүл тирэх буолар эрэллээх кэргэнэ Алексей Михайловичка кэлбит эрэ барыта кэрэкэ тыллары аныан анаата, махтаныан махтанна. Бу курдук Максимовтар сылаас сыһыаннара сойботун, тапталлара таһымныы үрдүү турдун!
Бу курдук киһи киһиэхэ киһилии тапталын, сыһыанын үтүө холобура буолан өссө биир дьоро күн Сиэйэни симээн ааста.
Зинаида ФЕДОТОВА-Дьол Кыыма