Хайа баҕарар кэмҥэ, хайа баҕарар норуокка үлэ киһини киэргэтэр, киһини киһи оҥорор.
Бэҕэһээ Элгээйигэ сырдык, кэрэ санааны саҕар далбардаах, үлэ үөрүүтүн үрдэтэр үтүө күн тосхойдо. Үгүс сатабылы иҥэринэн, ис күүһүн кыаҕын түмүнэн түргэн-тарҕан туттуулаах, мындыр өйүнэн-санаатынан иһирэх ийэ, эйэҕэс эбээ, тапталлаах кэргэн, сатабыллаах хаһаайка, дьулуурдаах үлэһит оруоллары бииргэ тутан үгүһү ситиһэр, таптыыр идэтинэн тулалыыр дьону дьолунан угуттуур, сырдыкка-кэрэҕэ сирдиир Ульяна Самойлова «Умсулҕаннаах иис эйгэтэ»-хаартысканан дьүһүйүү анал быыстапката Кыыл Уола Сэргэй Сибиэрэп аатынан фольклор түмэлигэр аһылынна.
Ульяна Прокопьевна Новосибирскай, Челябинскай куораттарга иистэнньэҥ, кырыйааччы идэлэрин баһылаабыта. Олоххо суола Ульяновскай куорат художественнай-галантерейнай фабрикаттан саҕаламмыта.
2000 сыллаахха «Оһуор» култуура киинигэр костюмерынан үлэҕэ киирбитэ. Элгээйи уус-уран самодеятельноһын ырыа-үҥкүү, фольклор ансаамбылларын көстүүмнэрэ, испэктээхтэр реквизиттэрэ, култуура дьиэтин тупсаҕай ис көстүүтэ — иистэнньэҥ айымньылаах үлэтин түмүгэ.
40 сыл устата иистэн илиитин араарбакка айан-тутан кэлбит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Ульяна Прокопьевна үбүлүөйдээх сылыгар тэрийбит быыстапката көрөөччү сэҥээриитин ылла. Мэлдьи киэҥ-холку майгылаах, кыһамньылаах үлэһиккэ, талааннаах иистэнньэҥҥэ махталларын, эҕэрдэлэрин «Алаас», «Оһуор», «Эрчимэн» ырыа, «Дьүһүйүү» фольклорнай ансаамбыллар ырыанан бэлэхтээтилэр. Маны сэргэ олохтоох дьаһалта, «Оһуор» култуура киинэ, оҕо искусствотын оскуолата, фольклор түмэлэ, «Уран» иис түмсүүтэ, «Ийэ тыл» ааҕар бөлөх, «Көмүс саас» түмсүү, «Далбарай» үҥкүү ансаамбыла, «Нуурал» үҥкүү ансаамбыла, «Киин» түөлбэ, Ульяна бастакы учуутала, бииргэ үөрэммиттэрэ, дьиэ кэргэнэ, аймахтара истиҥ эҕэрдэлэрин тиэртилэр.
Үлэ үөрүүтэ — үрдүк дьол!
Ксения СЕМЕНОВА,
Фольклор түмэлин сэбиэдиссэйэ.