Ил Дархан Айсен Николаев үлэ киһитигэр бириэмийэтин туттарара үтүө үгэскэ кубулуйда. Бириэмийэҕэ сайаапкалары тутуу салҕанар. Саха сиригэр олорор, үлэлиир 50 үлэ киһитигэр 300 тыһ.солк. суумалаах бириэмийэни туттарыахтара. Манна үлэ ыстааһын көрбөттөр. Сүрүнэ олорор сирин уонна өрөспүүбүлүкэ социальнай-экономическай сайдыытыгар сүҥкэн кылаатын киллэрбит туруу үлэһит киһи буолуохтаах. Ханнык баҕарар хайысхалаах тэрилтэ бэйэтин үлэһит киһитин бу бириэмийэҕэ кытыннарыан сөп. Бириэмийэҕэ сайаапкалары ылыы кулун тутар 1 күнүгэр түмүктэнэр. Урбаан эйгэтин үлэһиттэрин сайаапкатын урбаан, атыы-эргиэн уонна туризм Министиэристибэтигэр туталлар.
Санатан этэр буоллахха, Сунтаартан былырыын бу бириэмийэни тыа хаһаайыстыбатын үлэһитэ Станислав Семенов уонна олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыба үлэһитэ Шмидт Егоров ылбыттара.
Мира АФАНАСЬЕВА