Үлэ Дьоруойа Владимир Михайлов дойду Бэрэсидьиэнин кытары көрсүһүүтүгэр…

РФ Үлэ Дьоруойа, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, “Бочуот Знага”, “Үлэ Албан аата” 1, 2, 3 истиэпэннээх, “Хотугу сулус” уордьаннар кавалердара, Сунтаар улууһун “Кириэстээх” кэпэрэтиип ыанньыксыта Владимир Африканович Михайлов  биһиги дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путинтан иккитэ судаарыстыбаннай наҕараада тутан турар. Үлэни өрө туппут, улуус, өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын сайдыытыгар сүҥкэн кылаатын киллэрсэ сылдьар киэн туттар, ытыктыыр киһибит Владимир Африканович дойду бэрэсидьиэнин иккитэ көрсөн, илии тутуһан кэпсэтэн ааспыппыттан дьоллоохпун, киэн туттабын диир. Ол курдук, бастакы көрсүһүүтэ 2013 сыллаахха Бочуот уордьанын ылыытыгар этэ. Оттон 2022 сыллаахха Арассыыйа Дьоруойа буолан, Кыһыл Сулус уордьанын эмиэ Москваҕа тиийэн, бэрэсидьиэн Путинныын илии тутуһан ылбыта. Бу көрсүһүүтүгэр Сунтаар улууһун «Кириэстээх» кэпэрэтиибин чулуу үлэһитэ Владимир Африканович үрдүк наҕараадатын тутан баран, бэрэсидьиэнниин кэпсэтиитигэр тыа сиригэр олох сайдыытыгар, дьон олоҕо тупсарыгар бэйэтин санаатын этэн турардаах. Ол туһунан Үлэ Дьоруойа Владимир Афиканович бу курдук диир:

— 2022 сыл бэс ыйын 12 күнүгэр Москва куоракка баран, дойдубут Бэрэсидьиэнэ Воладимир Путинтан Арассыыйа Үлэ Дьоруойа буолбут үрдүк наҕараадабын туппутум. Өссө Владимир Владимирович миигин кытары кэпсэтиитигэр мин туох этиилээхпин, санаалаахпын истэргэ бэлэмин биллэрбитигэр олус да долгуйан хаалбыппын билигин дла умнубаппын. Мин киниэхэ төрөөбүт дойдум үлэһит дьонун туһунан кылгастык сэһэргээн баран, бэйэм испэр иитиэхтии сылдьыбыт санааларбын – үлэлиир, олорор нэһилиэкпэр кулууп уонна хотон тутуллуон баҕарарбын эппитим. Онно кини тутатына сөбүлэһэн, этиилэргин болҕомтоҕо ыламмын салгыы үлэлэһиэхпит диэбитэ. Дьэ, ол кэннэ бу ааспыт сылга бэрэсидьиэммит Владимир Путин тус хонтуруолугар киирэн, Кириэстээхпэр кулууп тутуута саҕаланна. Хотоммут да тутуута быһаарыллыаҕар үлэһиттэр эрэнэбит. Бэрэсидьиэммит үлэһит дьон этиитин, кинилэр баҕа санааларын олоххо киллэрэргэ үлэлэһэрин мин үрдүктүк сыаналыыбын.

Өссө манна даҕатан эттэххэ, 2022 сыл бэс ыйын 17 күнүгэр Петербурдааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы экономическай форум пленарнай мунньаҕар Бэрэсидьиэн Владимир Путин Үлэ Дьоруойа, ыанньыксыт Владимир Африканович ити этиитин өйүүрүн биллэрбитэ: «Үлэ киһитэ толору хааччыллыылаах усулуобуйаҕа олоруохтаах, үлэлиэхтээх, сынньаныахтаах. Мин тыйыс килиимэттээх Саха сирин үлэһит киһитэ Владимир Африкановичтыын көрсүһүүбэр кини нэһилиэгэр кулууп дьиэтин туттарыан баҕарарын эппитин өйүүбүн уонна үлэ киһитин этиитэ, көрдөһүүтэ туоларын тус хонтуруолбар ылабын» диэн эппитэ.

Дьэ, ити курдук, биһиги киһибит, Арассыыйа Үлэ Дьоруойа Владимир Михайлов дойду Бэрэсидьиэнин кытары көрсүһүүтүгэр дьонун, дойдутун туһугар диэн көрдөһүүтэ олоххо киирэн эрэриттэн ким баҕарар үөрэр, астынар, кининэн киэн туттар. Маннык үтүө санаалаах үлэһит дьон биһиги ортобутугар баара барыбытыгар холобур буолар. Оттон дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин үлэһит дьону өйүүрүн, книилэр этиилэрин болҕомтоҕо ыларын бу биир да холобуртан ылан, кини хайдах салайааччы буоларын сыаналыахха сөп.

 

Яина ВЛАСЬЕВА.

Хаартыска интэриниэт ситимиттэн ылылынна

Читайте дальше