Бүгүн улуус дьаһалтатын мунньахтыыр саалатыгар нэһилиэк баһылыктара, надзорнай уорганнар бэрэстэбиитэллэрэ, о.д.а. кыттыылаах ыксаллаах быһыыга-майгыга уонна баһаартан куттала суох буолууну хааччыйыыга хамыыһыйа мунньаҕа буолла. Мунньаҕы улуус баһылыгын солбуйааччы Николай Александров иилээн-саҕалаан ыытта. Быйылгы дьылга баһаары сэрэтэр АДПИ-ны (автономнай баһаары сэрэтэр тэрил) улуус 8 нэһилиэгэ нэһилиэнньэтин 100% хааччыйбытын, атыттарга да бу үлэ тэтимнээхтик бара турарын иһитиннэрдилэр. Баһаары утары разрывтары оҥорууга предписаниелаах олорор нэһилиэктэргэ ону туоратарга үлэ бара турарын кэпсээтилэр. Гидрологическай станция дааннайынан быйыл муус халыҥа Сунтаар аннынан 85 см, Кириэстээххэ – 87 см, бу орто көрдөрүү буолар. Хаар халыҥа балачча, ону таһынан күһүн өрүс таһыма үрдүк туран тоҥмута, билигин көрдөрүүтэ “стабильнай” диэн буолла. Ордук кутталы муус хаайтарыыта үөскэтиэн сөбө этилиннэ.
Сунтаар оройуонун прокурора, юстиция младшай советнига Дьулустан Максимов сарсыҥҥыттан ыксаллаах быһыы-майгы тахсыан сөп сезонугар нэһилиэктэр төһө бэлэм олороллорун бэрэбиэркэлиир хамыыһыйа нэһилиэктэринэн сылдьар үлэтин саҕалыаҕа диэтэ. Халаан уутугар куттал үөскүөн сөп, хонтуруолга турар улуус 18 нэһилиэгин баһылыга, бэрэстэбиитэллэрэ ыксаллаах-быһыыга-майгыга төһө бэлэмнэрин отчуоттаатылар. Ол курдук, ыксаллаах быһыыны-майгыны сэрэтэргэ уонна туоратарга үп-харчы, материальнай-техническэй өттүнэн хааччыллыы, быстах кэмҥэ дьону олордор пууннар төһө бэлэмнэрэ, дьоҥҥо информацияны тириэрдэр тэриллэр, о.д.а. тула кэпсэттилэр. Сүнньүнэн нэһилиэктэр ыксаллаах балаһыанньаҕа бэлэм олороллоро, анал хамыыһыйалар тэриллибиттэрэ, өссө да үлэ ыытыллыаҕа этилиннэ. Ордук элбэхтик үгүс нэһилиэккэ аптека суох буолан эминэн-томунан хааччыллыыга кыһалҕа күөрэйэр эбит. Ону сэргэ хас биирдии нэһилиэккэ Билайн суотабай ситимэ уот барда да өр буолбакка сүтэрин, ити боппуруоһу быһаарарга быыс-хайаҕас булар наадатын эттилэр.
“Сунтаар сонуннара” улуус хаһыата.