Ыһыах… Сунтаар ыһыаҕа… ханна да хатыламмат ЫҺЫАХ!

«Ыһыах… Сунтаар ыһыаҕа… ханна да хатыламмат ыһыах!» диэн Тускулаана Горохова-Кобельянова Сунтаар ыһыаҕа ураты тыыннааҕын, айылгылааҕын туһунан этиитэ өбүгэ саҕаттан кэлбит ытык күммүт суолтатын өрө көтөҕөр.

Сунтаар Олоҥхо дойдутун уйгулаах ыһыаҕа дойдуга Дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо саас, улууска Аҕам саастаахтарга ытыктабыл сылларыгар ананна. Уйгулаах ыһыахпыт үгэскэ кубулуйбут бэс ыйын 20-21 күннэригэр буолла. Ыһыахтыыр түһүлгэ күөҕүнэн көрөн турда, киэркэммит далбар хотуттар, эр хоһууттар, кырачаан оҕолор, ыраахтан-чугастан кэлбит ыалдьыттар тоҕуоруһа муһуннулар. Улахан түһүлгэҕэ киириэхтэрин иннинэ дьон ыраастаныы сиэрин-туомун аастылар.  Сунтаар улууһун Аҕа баһылыга Анатолий Григорьев дьонун эҕэрдэлээн ытык дуоҕатын аһаатын кытары саламалар сүүрэн түһэллэрэ ураты көстүүнү бэлэхтээтэ.

Бэс ыйыгар ыһыах кэмигэр айыылар Орто дойдуга хаһааҥҥытааҕар да чугаһыыллар. Ол иһин, ыһыахха иҥэриммит алгыс иччилээх буолар. Былыр-былыргыттан ыһыахха этиллибит алгыс ураты күүстээҕэ, дьайыылааҕа биллэр. Сунтаар уйгулаах ыһыаҕын алгыһын Михаил Евсеев-Кураһаай Мэхээлэ эттэ. Дьон чуумпуран, иһийэн туран алгыһы иҥэриннэ, ылынна.

Ыһыах аһыллыытын сүрүн режиссера Алексей Степанов: “Быйылгы ыһыах аһыллыытыгар 170 далбар хотун ыаҕыйалаах үҥкүүнү толордо. Ону тэҥэ, С.А. Зверев-Кыыл Уола оҕолорго турорбут “Сайылык” үҥкүүтүн оҕолор үҥкүүлээн тэлээрдилэр. “Алгыс”, “Оһуор” үҥкүүтэ элбэх үҥкүү ансаамбылларын биир улахан түһүлгэҕэ түмтэ. “Оһуор” үҥкүүнү Сунтаар нэһилиэгин үлэ кэлэктииптэрэ толордулар. Онон ытык киһибит Сибиэрэп-Кыыл Уола үҥкүүлэрин билигин даҕаны ыччат дьон сөбүлээн үҥкүүлүүрүн туоһулуур. Ыһыах аһыллыытын сүрүн үҥкүү туруорааччытынан хаһыс да сылын СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Ирина Аввакумова буолар. Киниэхэ махталбыт улахан. Быйыл эр дьон сүргэтин көтөҕөр оһуокайын норуот талба талааннааҕа Айсен Федоров таһаарда”, –  диэн иһитиннэрдэ. Кэлбит ыалдьыттары, көрөөччүлэри улуус Аҕа баһылыга А.В.Григорьев саамал кымыһынан, күн төгүрүк алаадьынан, үтэһэлээх этинэн айах тутан айхаллаата.

«Сунтаар сонуннара»

Читайте дальше