Үөрэнээччилэри виртуальнай эйгэҕэ угуйдулар

Билиҥҥи кэмҥэ олохпут тэтимэ балысханнык сайдан аныгы технологиялар, саҥа сүүрээннэр суолталара күнтэн күн улаатан иһэр.

Бу күннэргэ биһиги улууспут оскуолаларыгар бүтүн Арассыыйатааҕы «ALTAIRIKA» хампаанньа Саха сиринээҕи бэрэстэбиитэллэрэ кэлэн, аныгы VR ачыкы нөҥүө үөрэх киинэлэрин үөрэнээччилэргэ көрдөрө сылдьаллар. Ол курдук, бүгүн А.П. Павлов аатынан Сунтаар 1-кы №-дээх итиэннэ В.Г. Павлов аатынан Сунтаар алын сүһүөх оскуола үөрэнээччилэригэр географияҕа уонна астрономияҕа сыһыаннаах киинэлэри көрдөрөн, виртуальнай эйгэҕэ угуйдулар. Бу хампаанньа сүрүн соруга, саҥа технология көмөтүнэн оҕону билиигэ-көрүүгэ сонун ньыманан тардыы, болҕомтотун күүһүрдүү буолар. Оскуола үөрэнээччилэригэр сөп түбэһэр ФГОС ирдэбилигэр толору эппиэттиир программа ону тэҥэ, көрдөрөр киинэлэр бары лицензиялаахтар. Бу иннигэр Тойбохой, Уһун Күөл, Кириэстээх нэһилиэктэригэр сырыттылар. Салгыы сарсын Сунтаар 2-с нүөмэрдээх уонна Элгээйи оскуолаларыгар сылдьыахтара.

Елизавета ТИТОВА

 

Читайте дальше