Балаҕан ыйын 13-15 күннэригэр, Куокуну орто оскуолатын оҕолоро “Желтый Лист – 2024” диэн сылын аайы ыытыллар, өрөспүүбүлүкэтээҕи спортивнай ориентирование күрэҕэр үрдүк таһымнаахтык кыттан кэллилэр.
Бу күрэххэ уопсайа 17 бэлэмнээх хамаанда, 6 бөлөххө саастарынан (10, 12, 14, 16, 18) арахсан, барыта 215 оҕо күрэхтэстэ. Ол курдук биһиги оскуолаттан 12 саастаахтарга – Айнуура Николаева, 16 саастаах кыргыттарга – Нарияна Григорьева, Настя Яковлева, 16 саастаах уолаттарга – Ярослав Николаев, Дима Бабкин кытыннылар.
Тыҥааһыннаах 3 күннээх күрэхтэһии үс араас сиргэ: Күөх Хонууга, Чочур-Мырааҥҥа, Покровскай тыраак 25 килэмиэтиригэр ыытылынна. Бастакы күн Күөх Хонууга кросс-выбор көрүҥҥэ күрэхтэстилэр. Манна бэриллибит бириэмэ иһигэр, төһө кыалларынан элбэх контрольнай пууну булан, бэлиэтэнэн кэлээһин буолла. 1 КП – 3 баалга тэҥнэһэр. Бириэмэ таһынан таҕыстаҕына, 1 мүнүүтэҕэ 1 баал көҕүрээн биэрэр. Иккис күн Чочур-Мырааҥҥа кросс-классика көрүҥҥэ куоталастылар. Бу көрүҥҥэ бөлөхтөрүнэн тус-туспа бэриллибит дистанцияны төһө кыалларынан түргэнник булан кэлээһин буолла. Үһүс күн Покровскай тракт 25 килэмиэтиригэр, 10-16 саастаах бөлөх оҕолоро икки этаптаах кросс-эстафетаҕа бэйэлэрин дьоҕурдарын уонна кыахтарын көрдөрдүлэр.
Үс күннээх күүстээх киирсии түмүгүнэн оҕолорбут өрөспүүбүлүкэҕэ бочуоттаах 2 миэстэни ылан, үөрэн-көтөн кэллилэр. Маны таһынан кросс-эстафетаҕа 16 саастаах кыргыттар бөлөхтөрүгэр кыргыттарбыт 2 миэстэ, 16 саастаах уолаттар бөлөхтөрүгэр уолаттарбыт эмиэ 2 миэстэни ылары ситистилэр. Күрэхтэһии туһунан оҕолор санааларын истиэҕиҥ.
Айнуура Николаева: “Чочур-Мырааҥҥа кросс-классика бастакы күннээҕэр ыарахан этэ. Бу көрүҥҥэ куомпаһы уонна каартаны сатаан туттуохха наада этэ. Каартаҕа суоллар, просекалар, ыллыктар, дьаамалар ханан баалларын уонна үөһээ-аллараа түһүүлэри-тахсыылары билиэххэ наада. Мин бастакы 31-с нүөмэрдээх хонтуруолунай пууну ыарырҕаппытым. Бастаан просека быһа охсуһуутугар сүүрэн иһэммин, атын сиргэ баран иһэбин дии санаабытым. Онтон төттөрү тиийэн, атын суолунан сүүрбүтүм. Ол барбытым сыыһа буоларын көрөммүн, просекаҕа төттөрү сүүрбүтүм уонна бастаан барбыт сирбинэн баран, 1 КП-ны булбутум. Үһүс күн кросс-эстафетаҕа паарата суох буолан, уопут ылаары соҕотох сүүрбүтүм. Үһүс күнүм үчүгэй этэ, ол эрээри бүтэһик хонтуруолунай пууҥҥа буккуллан, 10-ча мүнүүтэни быһа көрдөөбүтүм. Ориентированиеҕа күрэхтэһэр үчүгэй эбит”.
Нарияна Григорьева: “Бастакы күн кросс-выборга бириэмэни сөпкө аттарыахха наада диэн түмүккэ кэлбитим. Мин 20 КП-ны булбутум. Кросс-классика ыарахан этэ. Каартаны сатаан ааҕыахха наада этэ: суоллары, ыллыктары, сууллубут мастары, дьаамалары. Атын сиргэ халыйааһын игин баар этэ. Үһүс күн Покровскай тыраак 25 килэмиэтиригэр сүүрбүппүт. Номнуо сыыһаларбытыгар үөрэнэн, уопутуран, үчүгэйдик хомуллан сүүрбүппүт. Ол түмүгэр кросс-эстафетаҕа уолаттарга 2 миэстэ уонна кыргыттарга 2 миэстэ буолбуппут. Саҥа сирдэри көрөн-билэн, үчүгэйдик күрэхтэһэн кэллибит”.
Сардана Федорова, күрэххэ оҕолору бэлэмнээн, илдьэ сылдьыбыт география уонна история учуутала: “Маннык улахан таһымнаах күрэххэ улууспут аатын ааттатан, үрдүк ситиһиилээх сылдьан кэлбиппитигэр, кыттыыны ылбыт оҕолорго, төрөппүттэргэ, оскуолабыт дириэктэригэр Егор Степановка биһигини өйөөн, тэрийэн ыыппытыгар махтанабыт. Ону тэҥэ төрөппүт Леонид Николаевка, күрэхтэһии буолар сирдэригэр илдьэн-аҕалан, тэҥҥэ сылдьыһан улаханнык күүс-көмө буолбутугар барҕа махтал тылларын аныыбыт”.
Төрөөбүт улууспутугар өссө да ситиһиилэр кэллиннэр, оҕолорбут үүнэ-сайда турдуннар!
Марианна ФЕДОРОВА, саха тылын
уонна литературатын учуутала,
Куокуну орто оскуолата.